Психолог: “Кыһалҕаны быһаарарга дьулуһуохтаахпыт”

Ааптар: 
03.11.2021
Бөлөххө киир:

Бу иннинэ хаһан даҕаны хааччах, дьиэҕэ олоруу, тэйиччиттэн үлэ, үөрэх диэни билбэтэх дьон былырыыҥҥыттан бэйэбитинэн билэн эрэбит. Бу билиҥҥи кэмҥэ саамай суолталааҕын быһыытынан, тустаах тиэмэ тула А.И. Герцен аатынан судаарыстыбаннай педагогическай университеты бүтэрбит анал идэлээх психолог, психологическай киин салайааччыта Надежда Васильеваны кытта кэпсэттибит.

edersaas.ru

 

Чааһынайдар ордук санаарҕыыллар

– Надежда Юрьевна, дьон тэйиччиттэн үлэни, үөрэҕи хайдах ылынна быһыылааҕый?

– Биир нэдиэлэлээх уһун өрөбүллэргэ (локдаун) бардыбыт. Биһиги номнуо үөрүйэх дьоммут диэххэ сөп. Былырыын кулун тутар ыйга аан бастакытын биллэрэллэригэр локдаун диэн тугун-хайдаҕын билбэт этибит. Билигин дьон тугу гыныахтааҕын, хайдах дьаныахтааҕын билэр буолан уйулҕа өттүнэн чэпчэкитик ылынар. Оннооҕор бу кэрчик кэми бэйэҕэ туһалаахтык атаарыахха, үөрэниэххэ, уһун кэм устата кыаллыбакка сылдьыбыт дьыалалары ситэриэххэ сөбүн өйдүүр.

Уһун өрөбүллэр кэмнэригэр бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрин хамнаһа төлөнөр эбит буоллаҕына, чааһынайдарга, урбаанньыттарга оннук кыаллыбат. Онон билигин ордук хамнастара ааҕыллыбат, үп-харчы киллэриммэт дьон санаарҕыыр. Атыы-эргиэн дьиэлэрэ, аралдьытар кииннэр үлэлэрэ быстах кэмҥэ тохтоото, биллэн турар, хааччахтааһын миэрэлэрин кинилэр ыараханнык ылыналлар. Уопсайынан, киһиттэн бэйэтиттэн тутулуга суох, дьаһайар кыаҕа суох түгэнигэр улаханнык истириэстиир.

 

Санаа тууйуллуута, ковид кэнниттэн мөлтөөһүн

– Эһиги кииҥҥитигэр сүбэ-ама ыла кэлэр дьон бааллар дуу?

– Чопчу тэйиччиттэн үлэттэн, үөрэхтэн истириэстээтибит диэн кэлэр дьон суох эрээри, аймаммыт, долгуйбут, кыайан утуйбат буолбут, туохтан эрэ куттанар, тыыннара хаайтарар, ыарыйдыбыт дии саныыр дьон бааллар. Уопсай туруктара мөлтөөбүт дьон билигин элбэх. Кэлин өссө санаата тууйуллубут, кэхтибит (депрессия), туохтан барытыттан сылайбыт дьон үксээтэ. Итини таһынан, коронавирус кэнниттэн мөлтөөбүттэр (постковидный синдром) ахсааннара үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Уопсайынан, коронавирус киһиэхэ олус уратытык дьайар, бу иннинээҕи ханнык даҕаны ыарыыга оннук бэлиэтэммэтэ. Холобура, тымныйыыга ыалдьан бүттүлэр да урукку чөллөрүгэр түһэллэр. Онтон коронавирус кэнниттэн мөлтөөһүҥҥэ букатын атын. Оннооҕор киһи хараахтара уларыйар, өрүү настарыанньата суох, сылайа сылдьар буолар, олоххо интэриэһэ сүтэр, болҕомтото мөлтүүр. Киһи сэниэтэ суох буоллаҕына эт-хаан бэйэтэ эниэргийэтин түмэр инниттэн күүһүн мунньунар курдук туруктанар. Сорохтор оннук турукка киирбиттэриттэн олус соһуйаллар, куттаналлар итиэннэ тоҕо мин бу курдук буоллум, урут ыалдьан бүттүм даҕаны барыта ааһан хаалара диэн бэйэлэриттэн ньиэрбинэйдииллэр. Киһи бэйэтигэр кыыһыран, мөҕүттэн өссө ордук эниэргийэтин барыыр. Туох баар күүһүн мунньунан үлэтин толоро, аралдьытына сатыыр эрээри, онтон ордук сылайар, мөлтүүр. Ол иһин коронавирус кэнниттэн мөлтөөһүн (постковидный синдром) диэн тугун дьон билиэхтээх, бэйэлэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахтар. Бу курдук турук киниэхэ эрэ буолбатаҕын, атыттарга эмиэ бэлиэтэнэрин өйдүөхтээх. Коронавирус кэнниттэн чөлүгэр түһэрии (реабилитация) дьаһалларын мээнэ ылбатахтара чахчы.  Атахтарыгар тура сылдьан ыалдьыбыттарга, ыарыыны чэпчэкитик аһардыбыттарга даҕаны мөлтөөһүн бэлиэтэниэн сөп. Сорохтор балыыһаҕа сытан тахсаат, тута урукку туруктарыгар төннөллөр. Барыларыгар араастаан киирэр. Коронавирус кэнниттэн мөлтөөһүн улаханнык ыалдьыбыттарга хайаан даҕаны бэлиэтэнэр диэн буолбатах. Бу мөлтөөһүн тугун, хайдах киирэрин билэр дьон бэйэлэрин харыстаналлар. Кыахтарын иһинэн хамсаналлар, үлэлииллэр, элбэхтик сынньаналлар, күүс эбинэр дьарыктары оҥороллор.

 

Тугу гынабыт?

– Оттон уһун өрөбүллэр кэмигэр дьиэҕэ олорор оҕолорго, улахан дьоҥҥо чопчу тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Үгүс оҕо сынньалаҥ кэмин дьиэтигэр атаарар. Арай ааспыт кэмнэртэн уратыта диэн, атыы-эргиэн дьиэлэрэ, аралдьытар­оонньотор кииннэр үлэлээбэттэр. Кинилэр ордук онтон санаарҕыыллар. Оҕо аймах айылгытын быһыытынан хамсаныан, мэниктиэн, күүлэйдиэн баҕарар, туох даҕаны дьарыга суох олоруо суохтаах. Билигин халлаан сылаас. Ол иһин аҕыйах киһилээх сиргэ, таһырдьа тахсан салгын сииллэрэ ордук. Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьар, сүүрэр-көтөр, тыынын таһаарар оҕо туруга, аһыыра тупсар, үчүгэйдик утуйар. Түөрт истиэнэҕэ хаайтаран олорортон оҕо сылайар. Ол гынан баран, оҕо араас, сорохтор төттөрүтүн дьиэҕэ олороллорун ордороллор. Онон оҕо баҕатын учуоттуур ирдэнэр.

Улахан дьон эппитим курдук, дьиэҕэ олорор кэмнэрин туһалаахтык атаараллара ордук. Үлэлиир кэмҥэ иллэҥ бириэмэ кырыымчык, син биир туох эрэ кыаллыбакка хаалар. Холобур, кинигэ ааҕарга, иистэнэргэ, дьиэ өрөмүөннэнэргэ бириэмэ аттарыммакка сылдьар дьон, иллэҥ бириэмэни туһанан туох кыаллыбатаҕар ылсаллара наада. Билиҥҥитэ биир нэдиэлэлээх уһун өрөбүллэри биллэрдилэр, салгыы хайдах буолара биллибэт – баҕар, үлэбитигэр тахсыахпыт, баҕар, уһатыахтара. Уопсайынан олорон, сытан хаалбакка дьиэ таһыгар тахсан күүлэйдиир, салгын сиир, дьарыктанар туһалаах.

Дьиэ иһинээҕи килиимэт

– Уйулҕа үлэһиттэрэ тустаах тиэмэҕэ туох эрэ түмүгү таһааран эрдэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа, аан дойдуга балаһыанньа хайдаҕый?

– Статистика чахчыта миэхэ суох. Психологтар үгүстэрэ нэһилиэнньэҕэ айманыы, долгуйуу, санааҕа баттатыы, куттал баарын, оннооҕор бэйэҕэ тиийинии даҕаны туһунан толкуйдар киирэн ылалларын бэлиэтииллэр. Мантан сылтаан дьон ньиэрбинэйдиир, кыыһырар, этиһэр. Уопсайынан, дьиэ кэргэн ис туруга, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара мөлтүүр.

Былырыын кэргэнниилэр уһуннук дьиэҕэ олорор кэмнэригэр бэйэ-бэйэбитин өйдөспөппүт дииллэрэ, сыһыаннарын быһаарсыылара, куһаҕан өрүттэрин көрдөрүүлэрэ үксээбитэ. Арахсабыт, арахсыахпытын баҕарабыт диир ыал элбии сылдьыбыта. Өрүү үлэ-хамнас үөһүгэр аралдьыйан, кыһалҕа баар да буоллаҕына икки ардынааҕы сыһыаны быһаарсалларыгар бириэмэтэ суох дьон, дьиэҕэ олорор, иллэҥ кэмҥэ уруккуну-хойуккуну барытын санатыһаллар. Сорохтор кыайан быһаарбакка арахсыыга тиийэллэр. Биһиги оннук түгэҥҥэ тэйиччиттэн да, олоҕурбут көрүҥүнэн даҕаны үлэлиибит. Уйулҕа үлэһиттэрин көмөлөһүннэриэхтэрин сөп.

Туһалаахтык атаарыы

– Надежда Юрьевна, дьиэт­тэн үөрэнии, үлэ кэмин тус бэйэҥ хайдах ылынаҕын?

– Кэлин икки бөлөҕүнэн – биэнсийэлээхтэргэ уонна баҕалаах дьоҥҥо коуч, йога ыытабын. Уһун өрөбүллэр биллэриллибиттэринэн “Чолбон” уонна А.Кулаковскай аатынан култуура дьиэтэ сабылыннылар, дьарыгым тохтоото. Мин маны төттөрүтүн каникул курдук ылынабын, сынньана түһүөм, дьиэтээҕи дьыалаларбынынан дьарыктаныам. Сурунарбар бириэмэ аттарыммакка сылдьыбытым, ону ситэриэм. Онлайн куурус туһунан толкуйдуубун да, илиим тиийбэккэ сылдьыбыта, дьэ ылсыам. Былырыын локдаун кэмигэр саҕалаабытым, балачча элбэх онлайн куурустары ыыталаабытым. Дьаҥынан сибээстээн, дьиэҕэ олоруунан маннык куурустарга дьон бэйэтэ да бэлэм этэ. Билигин ис туругу арыйарга, бэйэни өйдүүргэ, салайыныыга, уоскутунууга, сыаналыырга, бэйэҕэ эрэллээх буолууга саҥа куурустары толкуйдаатым.

Үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн этэр табыллыбат

– Коронавирус кэмигэр оҕону үөрэтиэххэ, үөрэтимиэххэ диэн мөккүһээччилэр элбэхтэр. Эн санааҥ хайдаҕый?

– Үөрэтии хаачыстыбата учууталтан тутулуктаах дии саныыбын. Эдэр, аныгылыы толкуйдаах, сатабыллаах учууталлар көмпүүтэр технологиятын туһанан уруоктарын интэриэһинэйдик ыытыахтарын сөп. Араас интерактивнай көрүҥү тутталлар, тестирование ыыталлар, киинэни, муусуканы, кинигэни холбуу дьүөрэлээн туһаналлар. Көмпүүтэр нөҥүө көннөрү дуоска иннигэр туран кэпсиирдээҕэр, ол оҕо көрөрүгэр-истэригэр, ылынарыгар быдан интэриэһинэй. Ити сатабыллары кыа­йан туһаммат учууталлар ыарырҕаталлар, тиэхиньикэлэрэ кыайан холбонон испэт, онтон бэйэлэрэ кыйаханаллар, оҕо ону чувствуйдуон, билиэн, уруок табыллыбатаҕына, оҕо биридимиэтигэр ыарырҕатыан сөп.

Онлайн, тэйиччиттэн үөрэх кыаҕын ылан эрэр. Билигин оскуолаҕа да, үрдүк үөрэххэ даҕаны туһата суох биридимиэттэр бааллар. Онлайн үөрэхтэн киһи чопчу туһалааҕын, быраактыкатын, интэриэһинэйин эрэ сүһэн ылынар, туох даҕаны ордук хос суох. Тус бэйэм, сыыйа онлайн үөрэх элбиэҕэ дии саныыбын.

Онлайн куурустар, үөрэх уруккуттан да баара. Чаастатык күүлэйдиир төрөппүттэр оҕолорун онлайн үөрэтэллэрэ. Чопчу бу бириэмэҕэ үөрэнэҕин диэн буолбакка, оҕоҕо бэйэтигэр табыгастаах бириэмэни талаллар, сорудаҕын ылан толорон, ыытан иһэллэр, арыый судургу соҕус үөрэх. Оҕоҕо саамай сүрүнэ билии, быраактыка, туһа наада. Бу үөрэммит билиитин кини кэлин үөрэҕэр, үлэтигэр туһаныахтаах, оҕону туһалаах сатабылларга уһуйуу. Бу – үөрэх сүрүн соруга. Билигин хайдах эмэ гынан биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) эрэ үчүгэйдик туттардын диэн толкуйдууллар. Миэхэ эксээмэнтэн истэриэстээбит үрдүкү кылаас оҕолоро кэлэллэр. Кыайан үөрэммэттэр, куттаналлар. Учууталлар кыайан туттарыа суоҕа диэн санааттан бэйэлэрэ дьаарханаллар уонна оҕону үөрэттин диэн куттууллар.

Тэйиччиттэн үөрэх кэнниттэн сорох оҕолор оскуолаҕа үөрэнэ барыахтарын баҕарбаттар. Эмиэ истэриэс, эмиэ ыгыы дииллэр. Оҕо дьиэттэн үөрэнэригэр учуутал дьиссиппилиинэҕэ улаханнык болҕомтотун уурбат, сороҕор өйдөөн көрбөт. Уруогун ыытар, наадалааҕын этэр, ыйыталаһар. Оҕолор оскуолаҕа курдук мөҕүллүбэттэр. Ол иһин дьиэттэн олорон үөрэммит ордук диир оҕолор эмиэ бааллар.

Аны атын үөрэнээччилэри кытта кыайан уопсай тылы булбат оҕолорго дьиэттэн үөрэнии эмиэ табыгастаах курдук. Ким даҕаны кинилэри күлүү-элэк гыммат, дьиибэлээбэт. Бэйэлэрэ хасыһан үөрэнэр кыахтаах, билиигэ талаһар оҕолорго бу көрүҥ эмиэ ордук.

Оттон кэпсэтинньэҥ, сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт, элбэх доҕордоох оҕолор төттөрүтүн дьиэҕэ олорон үөрэниини сөбүлээбэттэр, ылымматтар, хааччахтаналлар. Онон тэйиччиттэн, онлайн үөрэх үчүгэй да, куһаҕан даҕаны өрүттэрэ элбэхтэр.

Түмүктээн эттэххэ, дьиэҕэ олоруу кэмигэр дьиэ кэргэҥҥэ кыһалҕа үөскээтэҕинэ, боппу­руос күөрэйдэҕинэ дьаалатынан ыытан кэбиспэккэ, быһаарарга дьулуһуохтаахпыт. Ким тугу сөбүлүүрүн, сөпсөспөтүн, сыһыаны хайдах уларытыахха, тупсарыахха сөбүн, хайдах быһаарыллар кыахтааҕын, туох кыаллыбатын туһунан олорон эрэн аргыый, наллаан кэпсэтиллиэхтээх.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0