Өрөспүүбүлүкэ промышленноһыгар каадырдары бэлэмнээн таһаарар үөрэх кыһаларын туһунан “Саха сирэ” хаһыакка үгүстүк суруйабыт. Бу сырыыга Дьокуускайдааҕы промышленнай техникум дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы Саргылана Ивановалыын кэпсэттибит.
— Саргылана Владимировна, идэлэрин талаары сылдьар оҕолорго анаан техникумҥут туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Биһиги техникуммут өрөспүүбүлүкэ промышленноһыгар анаан каадырдары бэлэмниир. Исписэлиистэрбит бары уопуттаахтар. Российскай Федерация производственнай үөрэхтээһиҥҥэ үтүөлээх маастара Валерий Хаметов курдук үлэһиттэрдээхпитинэн киэн туттабыт. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин туйгуннара, промышленность салаатын бочуоттаах үлэһиттэрэ үөрэтэллэрэ да элбэҕи этэр дии саныыбын. Техникумҥа 9-с кылааһы бүтэрбиттэр кэлэллэр. Үс сыл иһигэр оҕолорго идэҕэ сөптөөх билиини биэрэри таһынан, бэйэлэригэр эрэллээх буолан тахсалларыгар кыаҕы биэрэбит. Үөрэхтэрин бүтэрэн үчүгэй үлэһит буоллахтарына, техникумнарын ахтан-санаан ааһаллара олус күндү.
— Техникумҥут сайдыытыгар туох харгыстар баалларый?
— Аныгы кэмҥэ каадыры бэлэмнээһиҥҥэ үчүгэй материальнай-техническэй баазалаах буолуохтааххын. Саамай наадалаах идэлэргэ аныгы оборудование, туттар матырыйаал, үлэһиттэр инженернэй-педагогическай идэлэрин үрдэтии ирдэнэр. Материальнай-техническэй баазабыт эргэрэн, саҥардыыга наадыйар. Былырыын министиэристибэ гранын ылан, бу үбүнэн ювелирнай уонна кырыылыыр сыахтарга оборудование ылыахтаах этибит. Чуолаан, 3D – принтер ылан, билигин ювелир-дизайнердары манан үөрэтэр кыахтанныбыт. КИПиА, электромонтердар лабораторияларыгар үөрэтэр стендэлэри ыллыбыт. Урут үөрэнээччи хамыыһыйа иннигэр билиитин-көрүүтүн кэпсиир эрэ буоллаҕына, быйылгыттан түмүктүүр судаарыстыбаннай аттестация кэмигэр тугу сатыырын көрдөрүөхтээх. Маныаха элбэх ороскуоттуур матырыйаалга наадыйабыт. Маны сэргэ саҥа каадырдары үлэҕэ ылыахпыт. Инженернэй-педагогическай үлэһиттэрбититтэн 60 % 20 тахса сыл үлэлээтилэр. Идэтийбит орто үөрэхтээһиҥҥэ хамнас кыратыттан сылтаан эдэрдэр үлэлии кэлбэттэр. Ааспыт 15 сыл устата аан бастаан маастардарбытын өрөспүүбүлүкэ таһыгар үөрэххэ ыытар кыахтанныбыт. Былырыын Москваҕа алмааһы крыылааччылары үөрэтэр маастардар кууруска үөрэнэн кэлбиттэрэ. Оттон эдэр сварщик Федор Шкулев Москва уонна Новосибирскай куораттарга анал куурустарга үөрэннэ.
— Техникумҥут ааспыт сылы хайдах түмүктээтэ?
— 2016 сыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны ситиһиилээхтик ааста. “Сыл куратора – 2016” идэни баһылааһыҥҥа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска 2 кыттааччыбыт кыайыылаах уонна лауреат аатын ыллылар. Эдэр маастар Петр Заровняев “Сыл куратора-2016”, Наталия Воронцова “Куратор-методист” ааты ыллылар.Саргылана Сивцева, Роман Охлопков Томпо оройуонугар идэтийбит үөрэхтээһин 15 сылыгар ыытыллыбыт научнай-практическай конференцияҕа дипломнарынан наҕараадаланнылар.
— Үөрэнээччилэргит хайдах кытталлар?
— Ыччат сойууһа тэрийбит “Мисс профессиональное образование – 2016” куонкурус кыайыылааҕынан Айталыына Ачикасова буолла. Александр Алехин – сварка технологиятыгар, Тимофей Филипенко – уоту тардыыга, Егор Федоров – ювелирнай дьыалаҕа ситиһиилээхтик кытыннылар. Маны таһынан араас куонкурустарга кыттабыт. Спортка эмиэ ситиһиилэрдээхпит. Ол курдук, техникуммут масрестлиҥҥэ үһүс миэстэни ылла. “Шаг в будущую профессию” научнай-практическай конференцияҕа Александр Федоров бэркэ кыттан, Санкт-Петербург куоракка кытта барар буолла. Ыччат научнай-техническэй быыстапкатыгар Александр Динкес бойобуой роботы оҥорон, салгыы Москваҕа кыттар чиэскэ тигистэ. Үрүҥ көмүстэн Аал-луук маһы диэн светильнигы оҥорбут Прокопий Кронников, Лариса Нератова, Ньургун Ноговицын, Сергей Сидоров кыайыыларынан маастардара киэн тутталлар.
— Түмүккэ техникумҥут салгыы сайдыытыгар туох былааннаххытын билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.
— Бастатан туран, материальнай-техническэй баазабытын тупсарыахпыт. Аккредитацияны ааһыахтаахпыт. Ювелирнай-кырыылыыр оҥорон таһаарыыны салгыы сайыннарыахпыт. Биһиги техникуммутугар кэлэн үөрэнэргитигэр ыҥырабын.
Техникум үлэтин сиһилии www.yktpromtech.ru сайтка билсиэххитин сөп.
Женни СТРЮКОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru