«Прометейга» саҥа оскуола тутуллан бүтэн эрэр

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Дьокуускай куорат «Прометей» оройуонугар тутулла турар, 990 миэстэлээх оскуола дьиэтин баран көрдө. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутуу үлэтэ кыраапыктан хаалбакка иһэр.

Бу сабыс-саҥа оскуола буолар. Онон саҥа үлэһиттэри, дириэктэри аныахтаахтар. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир улахан биирдэстэрэ буолуо, тыһыынча кэриҥэ оҕо үөрэниэ. Ил Дархан үрдүк квалификациялаах учууталлары, исписэлиистэи таларга болҕомтону уурарга сорудахтаата.

Дьиэ уопсай иэнэ 15 тыһыынча кв. миэтэрэттэн тахсар, сыаната – 1,5 миллиард солкуобай кэриҥэ. “Үөрэҕирии” национальнай бырайыак уонна “Аныгы оскуола” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак иилэринэн тутулла турар. Онон бу оскуола үлэҕэ киириитэ өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар өссө биир бэлэх буолуоҕа.

Үөрэх, наука миниистирэ Ирина Любимова этэринэн, оскуола 33 кылаастаах буолуоҕа, кылаас ахсын 30-туу оҕо үөрэниэҕэ. Нуучча, саха тылынан үөрэтэр кылаастар, математическай, инженернэй хайысхалар баар буолуохтара.

“Прометей ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Григорий Сальва этэринэн, билигин түннүктэрэ, ааннара, ититии систиэмэтэ, вентиляцията туруорулуннулар, бэс ыйыгар тас үлэтин бүтэрэн, иһинээҕи саалалары, кэбиниэттэри, остолобуойу оҥоруохтара, миэбэлин, анал тэриллэрин туруоран саҕалыахтара.

Икки спортивнай саала, үҥкүү саалата, 330 миэстэлээх остолобуой, 250 миэстэлээх аактабай саала, мастарыскыайдар, миэдик кэбиниэттэрэ, о.д.а. былааннаммыттар. Тиэргэнигэр анал эрэһиинэ бүрүөһүннээх сүүрэр доруоскалаах стадион, оҕолор оонньуур, сынньанар былаһааккалара тутуллуохтара.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0