Прокопий Павлов: «Үчүгэйдик көмүскүүр адвокаттары сөбүлээбэттэр»

Ааптар: 
31.05.2017
Бөлөххө киир:

Олох араас уустук да, ыарахан да түгэннэригэр юридическай көмө, көмүскэл, өйөбүл наада буолааччы. Оннук көмүскээччилэринэн адвокаттар буолаллар. Бүгүн, ыам ыйын 31 күнүгэр, дойду үрдүнэн Адвокат күнэ бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык официальнай буолбатах — 2002 сыл ыам ыйын 31 күнүгэр Владимир Путин «Адвокат үлэтин уонна РФ адвокатуратын туһунан» сокуоҥҥа илии баттаабыт, ол онтон ылата көннөрү бэлиэтииллэр.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт — 2014 сыл алтынньы 31 күнүттэн СӨ Адвокаттарын палаататын бэрэсидьиэнэ, РФ бочуоттаах адвоката, «Адвокатскай үлэҕэ бэриниилээх буолуу иһин» уордьаннаах Прокопий Павлов. Прокопий Васильевич ис дьыала, борокуратуура уорганнарыгар 15 сыл силиэдэбэтэлинэн үлэлээн баран, 1982 сыллаахтан адвокаттаан саҕалаабыта. 

— Прокопий Васильевич, бастатан туран, бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибин! Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр төһө элбэх адвокат баарый?

— Махтал. 400.

— Адвокат үлэтин биһирэнэр уонна омсолоох өрүттэрэ ханныктарый, эн санааҕар?

— Үчүгэйэ диэн — сокуоҥҥа олоҕуран, дьон интэриэһин көмүскээһин. Оттон мөкү өрүтэ — буруйдаах интэриэһин көмүскээтэххэ, эмсэҕэлээччилэр эйигин абааһы көрөллөрө. Үөҕүү, кырааһын да баар этэ, бэйэм элбэхтэ түбэспитим. Аны туран, үчүгэйдик көмүскүүр адвокаттары быраабы араҥаччылааччы уорганнар сөбүлээбэттэр, дьыалаҕа чугаһаппат буола сатыыллар.

— Хас дьыала аайы оннук кырыыр-таныйар тыллары истэр дууһаҕар ыарахан буолуо дии, туох да харысхал бэлиэҥ, малыҥ суох дуо?

— Атеиспын, оннук суох.

— Оччоҕо дьон эйиэхэ туһуламмыт куһаҕан санаатын, тылын-өһүн хайдах тулуйаҕын, уйаҕын?

— 80-с сыллар ортолоругар биир ыарахан өлөрүү дьыалатыгар өлөрүөхсүтү көмүскээн, быыһыыр бириигэбэр тахсарын ситиспитим. Онуоха эмсэҕэлээччи дьахтар кыраабытыгар, «мин үлэм, онон кыраама, сахаларга кырыыс эппит киһиэхэ бэйэтигэр тиийэрин өйдөө» диэбитим.

— Адвокаттарга махтаныы уонна үҥсүү төһө киирэрий?

— Кэлиҥҥи сылларга үҥсүү элбэх, махтаныахтааҕар. Сууттанааччылартан даҕаны, судьуйалартан даҕаны, быраабы араҥаччылыыр уорганнартан даҕаны. Үксүгэр, була сатаан үҥсэллэр. Ордук чуолаан, сөбүлэһиинэн көмүскүүр адвокаттары. Кинилэр кимиилээхтик киирсэр буоланнар, туората сатыыллар ол аата.

— Оттон адвокат уонна судьуйа куомуннаспыт чахчылара бааллар дуо?

— Мин салайар кэммэр оннук суох.

— Билигин силиэстийэ, суут үлэтигэр туох эмит сөбүлээбэтиҥ баар буолаарай?

— Баар — киин куоракка холуобунай дьыалалары үксүгэр нууччалыы тылынан ыытар буоллулар, бу — РФ Конституциятын ирдэбилин кэһии.

— Нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар юридическай көмөнү босхо оҥоруу диэн баар. Онно адвокаттар төһө кытталларый? Итиэннэ эмискэ иэдээҥҥэ түбэһэн, адвокат көмүскэлигэр наадыйбыт дьон эһигини хантан буларый?

— Босхо өҥөнү оҥорор адвокаттар бааллар, элбэхтэр. Биһиги адвокатскай палаатабыт Дьокуускай куорат Пушкин аатынан уулуссатын 22/1 нүөмэригэр баар. Биһиэхэ кэлэн, сайабылыанньа суруйан баран, социальнай управлениеҕа тиийэн, ыспыраапка ылар. Социальнай өттүнэн кыамматын туоһулуур ыспыраапканы. Оччоҕо биһиги адвокат аныыбыт, кини оҥорор өҥөтүн бырабыыталыстыба төлүүр.

— Чуолаан, бэйэҥ көмүскээбит дьыалаларгыттан ордук өйдөнөн хаалбыттары сырдатан аһарыаҥ дуо?

—90-с сылларга элбэх «разборкаларга» көмүскээччинэн сылдьыбытым. Улахан айдааннаах Сыдыбыл баһаарыгар оскуола дириэктэрин интэриэһин хайа саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри, ол эбэтэр, холуонньаттан босхолонуор диэри көмүскээбитим, 7,5 сыл устата. Олус ыарахан дьыала этэ. Мин үөрэх управлениетын салайааччыта, баһаарынайдар, учууталлар эмиэ эппиэттиэхтээхтэр этэ диэн санаалааҕым, ону быыһаан ылбыттара. Уонна оттон «преступнай сообществоны» тэрийиигэ, салайыыга буруйдаммыт Хаптасовы көмүскээбитим, киниэхэ быыһыыр бириигэбэр тахсыбыта.

— Адвокат өҥөтүн төлөбүрэ төһө үрдүгүй?

— Ол дьыала төһө уустугуттан, ыараханыттан, адвокат уопутуттан, аатыттан-суолуттан тутулуктаах. Хас биирдии адвокат сыанатын бэйэтэ аныыр. Холобура, суукка биир күн сылдьыы 10 тыһ. солкуобайтан, ирдэбил сайабылыанньаны суруйуу 7 тыһ. солкуобайтан саҕаланар.

— Адвокат буолуон баҕарар эдэр киһиттэн туох ирдэнэрий?

— Юридическай үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ икки сыл, икки сыл юридическай ыстаастаах буолуохтаах.

— Үчүгэй адвокат ханнык хаачыстыбалардаах буолуохтааҕый?

— Мин сэбиэскэй былаас киһитэбин. Адвокат чиэһинэй, үрдүк култууралаах, киэҥ билиилээх, сиэрдээх буолуохтаах. Урукку адвокаттар аптарытыаттара улахан этэ. Билигин юрист үөрэхтээх элбээн (холобура, автоюристар дэнээччилэр), дьон кинилэринэн сыана быһан, оннук аптарытыат суох.

— Прокопий Васильевич, хоруйдарыҥ иһин махтанабын. Ситиһиилэри!

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0