Прокопий Бубякин: «Дьону тыа сиригэр ыҥырар этим, билигин бэйэм таҕыстым»
«Эдэр саас», кэнники «Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, хаһыакка өр сылларга үлэлээбит, биһиги биир идэлээхпит Прокопий Бубякин баҕа санаатын толорон, быйыл Амма улууһун төрөөбүт Эмис нэһилиэгин баһылыгынан талылынна.
Биһиги хаһыат кэлэктиибэ Прокопий Петровиһы эҕэрдэлээн туран, киниттэн интервью ыллыбыт.
edersaas.ru
— Прокопий Петрович, бастатан туран, “Саха сирэ” кэлэктиибин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Дьэ, быыбар иннинээҕи агитацияҥ хайдах ааста? Биһиги билэрбитинэн, 2005 сыллаахха эмиэ быыбарга тура сылдьыбытыҥ.
— Урут 24-тээх сылдьан кэлбит буоллахпына, бу сырыыга үлэлээн уопутуран, 39 саастаах киһибин. Агитациябын ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаан, дьоҥҥо тиийимтиэ тылынан ыыттым. Нэһилиэк дьоно тугу баҕарарыгар, сүрүн кыһалҕаларга тирэнэн бырагыраамабын суруйбутум. Уопсайа түөрт киһи быыбарга турбута. Төрдүөн Эмис төрүт дьоно буоламмыт, сытыы эрээри ыраас быыбар ааста диэххэ наада. Онно дьонум-сэргэм миигин билэллэрэ, урукку үлэбин сыаналыыллара көһүннэ. Алта уон бырыһыан быыбардааччы куолаһын биэрэн, баһылыгынан талылынным. Миэхэ бу улахан эппиэтинэс.
Быйыл пандемиянан сибээстээн, агитация улахан аҥаара социальнай ситимнэр нөҥүө барбыта. Манна миэхэ суруналыыстыкаҕа үлэлээбитим, санаабын сатаан сааһылаан этэрим, суруйар үөрүйэхтээҕим туһалаата.
— Туох сыаллары туруораҕын? Ханнык хайысхалары сайыннарар былааннааххын?
— Бастатан туран, иннинээҕи дьаһалта саҕалаабыт үлэтин ситэрэн, салгыыр наада дии саныыбын. Холобура, 120 миэстэлээх оскуола-уһуйаан, кулууп тутуулара. Нэһилиэккэ чааһынай дьиэлэри кииннэммит ититиигэ холбооһун үлэтэ салгыы ыытыллыахтаах. Сайыҥҥы уу турбатынан ситэри хааччыйыы боппуруоһа эмиэ баар. Аны нэһилиэк дьарыктаах буолуутун кыһалҕата сытыытык турар.
— Бу сыллар тухары наар Дьокуускайга үлэлээн кэлбитиҥ. Хайдах тыа сиригэр тахсарга сананныҥ?
— Дэриэбинэҕэ үөскээбит киһи быһыытынан, куоракка да үлэлии сылдьаммын куруук тыа сиригэр талаһар этим. Ону эн, Виктория, бииргэ үлэлээбит да дьонум, бары билэҕит. Куруук ыраах командировкаларга сылдьа сатааччыбын, өр кэмҥэ айылҕаҕа бултуу тахсааччыбын. Тыа сиригэр талаһар баҕа санаам туолан, кэргэним дойдутугар Уус Алдан улууһун устуоруйатын түмэлин дириэктэринэн сыл аҥаара үлэлээтим.
— Эн санааҕар ыччат тоҕо киин сиргэ талаһарый?
—Сайдыыны уонна табыгастаахтык, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорору батыһан. Онон, билигин биһиги бастакы сорукпут – тыа сиригэр табыгастаахтык олорору хааччыйыы, о.э. киинэммит ититии эбэтэр гаас, уу-хаар барыта баар буолуохтаах. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев этэринэн, нэһилиэк олоҕун хаачыстыбата куораттан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
— Дьиэ кэргэниҥ?
— Кэргэним Мария куруук күүс-көмө, өйөбүл буолар. Кини пандемия быдан иннинэ ыраахтан олорон университет оҕолорун үөрэтэр этэ. Билигин Эмискэ интэриниэт баар, онон, күчүмэҕэйдэри көрсүө суоҕа. Оҕолорум үөрдэхтэрэ дии.
— Салайар үлэҕэ эн туох-хайдах көрүүлээххин?
— «Эдэр саас», «Саха сирэ» хаһыаттарга эрэдээктэрдээбитим, ону таһынан, Уус Алдаҥҥа дириэктэрдээбитим салайар үлэбэр көмө, уопут буолара саарбаҕа суох. Уопсайынан, баһылык үлэтэ баар харчыны эрэ тыырыы буолбатах. Бастатан туран, дьону түмүөхтээх, үлэни тэрийиэхтээх, суоҕу булуохтаах. Холобурдаан эттэххэ, нэһилиэк суолун дьаамата көмүллэригэр хайаан да бүддьүөт харчытын күүтүллүөхтээх диэн буолбатах. Дьону түмэн, уопсай дьыалаҕа үлэни тэрийэн, бу боппуруоһу быһаарыахха сөп.
Төрөөбүт Эмиһим дьоно куоластааннар, быыбарга таланнар, итэҕэллэрин биллэрдилэр. Оттон миэхэ үлэлииргэ-хамсыырга баҕа да, кыах да баар дии саныыбын.
Саха дьоно, тыабыт сиригэр тахсыҥ, олоруҥ, үлэлээҥ.
Виктория Бястинова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru