“ДетСАТ” резиденэ — Прохмен

11.04.2018
Бөлөххө киир:

Прокопийы киинэ артыыһынан эрэ билэр эбит буоллаххытына, бу суруйууттан кини туһунан элбэҕи саҥаны биллиэххит дии саныыбын. Киинэҕэ уһулларын, Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиирин, араас тэрээһиннэри иилээн-саҕалаан ыытарын таһынан, кини, саамай сүрүнэ, тапталлаах кэргэн уонна кырачаан кыыстаах уол амарах аҕалара буолар. Прокопий, ол эбэтэр норуокка биллибитинэн, Прохмен уол ыалдьыттыыр:

— Мин Сунтаар улууһун Элгээйититтэн төрүттээхпин. Оҕо сылдьан умсугуйан туран тустуунан дьарыктанарым, тохсус кылааска диэри спортсмен этим. Онтон быраастар доруобуйабынан тохтотон кэбиспиттэрэ, онон тустуук буолан бүппүтүм. Оскуоланы бүтэрэн баран артыыс үөрэҕэр АГИИК-ка туттарсан көрөргө санаммытым. Хомойуох иһин, ол сыл нобуор буолбатаҕа. ХИФУ-га (оччолорго СГУ) биолого-географическай факультетыгар эколог идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Биирдэ факультет иһинээҕи “Унесенные природой” КВН-хамаандаҕа оҕолору талабыт диэн биллэрии ыйаабыттарын көрбүтүм. Оскуолаҕа сылдьан КВН биэриилэрин көтүппэккэ көрөр, интэриэһиргиир этим, онно холонон көрөргө санаммытым. Артыыс буолар быабар, онно киирэн хааллым, аны КВН-щик буоллум. Бастаан долгуйар этим, ол кэнниттэн “бу миэнэ эбит ээ” диэн санаа киирбитэ. 17-с уопсайга ФЭИ, БГФ уонна АГИИК устудьуоннара буоламмыт бары бииргэ олорбуппут. Ол саҕана Саха КВН Лигата, дьэ, үлэлээн, сайдан, тахсан эрэр кэмэ этэ. Онон “К-17” диэн уопсайбыт хамаандатын тэрийбиппит. Миэстэлэһэр этибит, Степан Порядиннаах Игорь Говоров оонньуур “Байанайдаах баатырдар” хамаандалара биһиги сүрүн утарсааччыларбыт этэ.


Киинэҕэ сүрэхтэнии

— 2009 сыллаахха “Кыһын тымныы эрээри дьоллоох дьоҥҥо ичигэс” киинэ уһулла сылдьар кэмэ этэ. Степа Порядиннаах номнуо «ДетСАТ»-тарга киирбит этилэрэ. Оччолорго кинилэри кытта бииргэ үлэлэһэн саҕалаабыппыт. Устудьуоннарга анаан Саҥа Дьыллааҕы киэһэни ыыппыппыт. Ол кэнниттэн сотору кэминэн мин уонна Ганя Менкяров “ДетСАТ» айар бөлөх састаабыгар киирбиппит. Инньэ гынан, бу дьону кытта бииргэ үлэлэһэр буолан хаалбытым. Киинэҕэ бастакыбын Степан Бурнашев режиссердаах “Мечтать не вредно, ол эбэтэр хаһыытыыр харчы” диэн киинэҕэ уһуллубутум. Онтон 2010 сыллаахха, номнуо айар бөлөххө киирэн бараммын, “Көҥүл боотурдарга” оруолламмытым. Онтум эмиэ туспа остуоруйалаах. Уолаттары кытта төрдүс боотуру оонньуохтаах этим. Ону үөрэхпинэн хоту улууска быраактыкаҕа барар буолбутум, ол иһин миэхэ анаан оруол толкуйдуу охсубуппут. Түргэн үлүгэрдик боотурдар сүгүрүйээччилэрэ уолу оонньоот, уһуллаат да, хоту көппүтүм. Ити курдук киинэҕэ уһуллан саҕалаабытым. Мин санаабар, бу оруолларым миэхэ бэйэбэр маарыннаабаттар. Дьиҥэ, олохпор олох атын көрүүлээх-истиилээх киһибин. “Кэскил-3” киинэҕэ оонньообут Кэнчээри (Михаил Борисов оонньообута) доҕоро Самбаны табыллыбыт оруолум дии саныыбын. Михаил Борисов оруола табыллан, мин оруолум эмиэ киниттэн сиэттэрэн табыллыбыта быһыылаах.


Аны продюсер буолуом

— Арба, БГФ-ны бүтэрбитим, эколог – природопользователь диэн идэлээхпин. Туох идэлээхпин истэн, дьон соһуйар даҕаны, сөҕөр даҕаны. Билигин Олоҥхо тыйаатырыгар менеджер-администраторынан үлэлиибин. Бу диэн эттэххэ, инникибин тыйаатыр артыыһынан көрбөппүн. Ол даҕаны буоллар, Саҥа Дьыллааҕы көрдөөх испэктээкиллэргэ үөрэ-көтө оонньуубун. Инникибин тыйаатыр, киинэ эйгэтин кытта ситимниир чопчу сыаллаахпын. Онон икки сыллааҕыта Москваҕа ГИТИС иһинэн үлэлиир киинэ оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Аны биир сылынан, этэҥҥэ бүтэрдэхпинэ киинэ уонна тыйаатыр продюсера буолуохтаахпын. Уопсайынан, артыыстааһыны хобби эрэ курдук көрөбүн. “ДетСАТ”-тартан ханна да барбаппын, баарбын. Киинэҕэ оонньообут оруолларбынан дьон уулуссаҕа көрөн билэр, дьээбэлээччилэр даҕаны бааллар. Дьон өйүгэр хаалар оруоллары оонньуур эбиппин дии санааччыбын (күлэр).


Олоҥхону үйэтитэргэ көмөлөһөбүн

— Олоҥхо тыйаатырын сүрүн сыалынан олоҥхону испэктээкил быһыытынан туруоруу буолар. Кырдьыгынан диэн эттэххэ, олоҥхону билигин ыччат сэҥээрбэт, испкэтээкиллэргэ сылдьыбат. Үгүс ыччат олоҥхо диэн тугун даҕаны билбэтэ буолуо, “олоҥхоһут олоҥхолуур” эрэ диэн хоруйдуохтара. Биһиги тыйаатырбыт туруорбут “Удаҕан кыргыттар”, “Таптал талыыта” испэктээкиллэри көрбүт ыччат “Олоҥхо диэн маннык дуо? Олус интэриэһинэйдик туруорар буолар эбиттэр” диэн соһуйааччылар. Олоҥхоҕо интэриэс тардар сыалтан саҥа сүүрээни киллэрэргэ сананныбыт. “Битва в стиле Олоҥхо” күрэхтэһиини иккис төгүлүн тэрийэн ыытан эрэбит. Саас ыыппыппытын үгүс ыччат интэриэһиргээбитэ. Онно кыра сыанаҕа ыыппыт буоллахпытына, таһыммытын үрдэтэн, билигиг Саха тыйаатырын сыанатыгар ыытан эрэбит. Күрэхтэһиибитин олоҥхону үөрэтээччилэр, испэсэлиистэр биһирээбиттэрэ. Манна олоҥхонон рэптыыллар, вайн устан, олоҥхону аныгылыы моһуоннаан, саҥардан күрэхтэһиэхтэрэ. Бу тэрээһин нөҥүө ыччакка олоҥхону тиэрдэргэ, интэриэһи табарга саҥа суолу булуохха сөп дии саныыбын. Биһиги тыйаатырбыт бэйэтин суолун көрдүү сылдьар, сайдан эрэр тыйаатыр буоларын быһыытынан араас тэрээһиннэри ыытан холонон көрөбүт. Олоҥхону рэби, вайны кытта булкуйан сүтэрэбит, симэлитэбит диэн сыыһс өйдөбүл баар. Мин санаабар, бу төттөрүтүн интэриэһи тардыы, угуйуу буолар. Туох эмит хамсааһыны оҥордохпутуна эрэ сайдыы барыа, интэриэс тахсыа буоллаҕа.

Үгүс былааннаах, сонун көрүүлээх талааннаах ыччакка — Прокопийга ситиһиилэри баҕарабыт!

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0