«ProДФО — Республика Саха (Якутия)» онлайн-форум: былаас, урбаан уонна нэһилиэнньэ аһаҕас кэпсэтиитэ

Бөлөххө киир:

Кулун тутар 12 күнүгэр «ProДФО — Республика Саха (Якутия)» диэн онлайн-форум үлэтин саҕалыаҕа. Уһук Илин эрэгийиэннэрин баһылыктара, федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи эспиэрдэр, урбаанньыттар, инвестордар уонна нэһилиэнньэ тыын боппуруостарга кэпсэтиэхтэрэ. 

Форум кыттыылаахтара Уһук Илин федеральнай уокурук  IT-индустриятын туох күүтэрин, креативнай экэниэмикэ диэн тугун, сыана тоҕо үрдүүрүн, ситиһиилээх урбаанньыт хайдах буолуохха сөбүн туһунан ыйытыыларга хоруйдуохтара.

Манна пленарнай кэпсэтии биир тутаах тэрээһин быһыытынан ыытыллыаҕа. Саха сирин, Амур уонна Сахалин уобаластарын, Хабаровскай кыраай баһылыктара кыттыахтара.

Онлайн-форум кулун тутар 12 күнүгэр 08:30 (Москва бириэмэтинэн) үлэтин саҕалыаҕа. Баҕалаахтар https://synergy.online/lp/prodfo2021/yakutia/ сигэнэн кыттыһыҥ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0