Ил Түмэн муус устардааҕы сессиятыгар судаарыстыбаннай баайы-дуолу приватизациялааһын быйылгы уонна кэлэр икки сыллааҕы былааныгар уларытыыны киллэрии көрүллүбүтэ. Оттон бу соторутааҕыта “АЛРОСА-Ньурба” 10 % акцияларын приватизацияҕа ыытыы туһунан бырабыыталыстыба уурааҕа тахсыбыта. Онон сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ кэлэр үс сылга туох, ханнык тэрилтэлэр приватизацияҕа бараары туралларын ылан көрүөххэ эрэ.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
ГУП-тан ААО-ҕа
Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэбитигэр приватизация икки көрүҥүнэн барарын бэлиэтиим. Бииринэн, судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэлэр акционернайга көһүүлэрэ, иккиһинэн, акционернай тэрилтэлэргэ баар акциялары атыыга таһаарыы.
Үс сыл устата ханнык тэрилтэлэр приватизацияҕа барыахтаахтарын ылан көрдөххө, СӨ бырабыыталыстыбатын 2016 с. алтынньы 29 күнүнээҕи уурааҕынан, “Саха сирэ” клиринговай агентство, “Сахафармация”, “Уус Алдан суоллара”, “АПК информационнай-техническэй киин”, “Сахаавтодор” аһаҕас акционернай уопсастыбалар приватизацияланыахтаахтар.
Ону сэргэ, бу үс сыллаах былааҥҥа Беркакит-Томмот-Дьокуускай хайысханан тутуллуохтаах тимир суолун дириэксийэтин, “Сахабулт” уонна Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатын акциялара киирбиттэрэ. Кэлин бу испииһэккэ “Якутскэнерго” эмиэ суруллубута. СӨ баайын-дуолун, сирин сыһыаннаһыыларын миниистирэ Евгения Григорьева бэлиэтииринэн, бу тэрилтэлэргэ саҥа тыын киллэрии барыахтаах. Манна даҕатан, үгүс тэрилтэ судаарыстыба суотуттан тахсан, билигин хааһынабытыгар элбэх нолуогу киллэрэ олорорун бэлиэтээн этиэм этэ. Холобур быһыытынан, “Якутцемены” аҕалыым. 2014 с. бу тэрилтэ акцияларын “Востокцемент” атыылаһан ылбыта. Билигин тэрилтэ судаарыстыбаттан өйөбүлү ылбат уонна оччотооҕуну кытары тэҥнээтэххэ, быдан элбэх нолуогу төлүү олорор.
Оттон акционернай уопсастыбаҕа көһүү туһунан эттэххэ, Ил Түмэн 2017 с. олунньу 27 күнүнээҕи уурааҕынан, “Тэлэбиидэнньэнэн уонна араадьыйанан биэриилэр техническэй кииннэрэ”, “Туймаада ФАПК”, “Сахамедпром”, “Стройсельгазификация”, “Бичик” кинигэ кыһата судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэттэн аһаҕас акционернай уопсастыбаҕа кубулуйуохтаахтара ыйыллыбыта. Бу кэнники уларытыынан, кинилэр кэккэлэригэр “Комдрагметалл” киирэн биэрдэ. Балары барытын туомтуу тардан. биир тылынан эттэххэ, бу тэрилтэлэр уларыйыыларын сайдыы биир түһүмэҕэр тахсыы быһыытынан сыаналыахха сөп. Холобур, “бичиктэр” акционернайга барыыны өссө 2003 с. туруорсаллар.
“Биһиги акционернайга да бараммыт, син-биир 100 % судаарыстыбаннай тэрилтэ буолабыт. Тоҕо диэтэргин, акцияларбыт барыта өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр сылдьар буолаллар. Мин санаабар, ГУП-тар үйэлэрин моҥоотулар. Дойду үрдүнэн билигин ГУП-тартан, МУП-тартан акционернайга көһүү бара турар. Биһиги билигин кинигэбитин бэйэбит суоппутугар таһаарар кыахтанныбыт. Ол эрээри социальнай эбээһинэспитин барытын толоро олоробут. Онон акционернайга көһүүбүт атын регионнарга, тас дойдуга тахсарбытыгар төһүү күүс буолуоҕа дии саныыбын”, — диэн бэлиэтиир тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Август Егоров.
Бу үөһэ суруллубуттан сиэттэрэн, приватизацияҕа барыахтаах сорох тэрилтэлэр, чуолаан, “АЛРОСА-Ньурба” акцияларын атыыга таһаарыы тоҕо Ил Түмэнинэн көрүллүбэтий диэн ыйытыы үөскээн тахсар. Бу кыһын “АЛРОСА-Ньурба” акцияларын дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба иэһин сабыыга солуок быһыытынан туттарга диэн этии Ил Түмэҥҥэ көрүллэ сылдьыбытын билэр буолуохтааххыт. Манна быһааран эттэххэ, Ил Түмэҥҥэ бырабыыталыстыба 100 мөл. солк. тахсар эрэ суумалаах баайы-дуолу дьүүллэһиигэ таһаарар, онтон атынын бэйэтэ быһаарар бырааптаах.
Ол эрээри “АЛРОСА-Ньурба” 10 % акцияларын атыыга таһаарыы дьон-сэргэ интэриэһин тарта, иккис өттүнэн, аһары бэлиитикэҕэ убанна. Онон бу боппуруос ханна тиийбитин сиһилии көрүөххэ.
“АЛРОСА-Ньурба” акциялара
Бырабыыталыстыба ыам ыйын 2 күнүнээҕи уурааҕынан, бу акциялар приватизация былааныгар киирдилэр. Онон акциялар атыыга барар-барбат боппуруостара быһаарылынна. Аны билигин атын боппуруос турар: атыыттан киирбит харчы ханна, туохха туһуланыаҕай?
Бу уураах тахсыан иннинэ Ил Түмэн сиргэ, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев премьер Евгений Чекин аатыгар сурук ыыппыта. Онно кини бу акциялар муниципальнай бас билиигэ хаһан да киирбэтэхтэрин, ол эрээри урут Ньурба улууһун баһылыгынан олорон акциялары улууска биэрэргэ хаста да туруорса (Р.Г.Дмитриев эмиэ) сылдьыбытын бэлиэтээн туран, бу акциялары хайаатар да “АЛРОСА” АХ атыылаһан ылыахтааҕын, атыыттан киирбит харчы, бастатан туран, Ньурба улууһун сайдыытыгар, олохтоох оҥорон таһаарыыга туһуланыахтааҕын, “АЛРОСА-Ньурба” тэрилтэ юридическэй сирэй быһыытынан хаалыахтааҕын, хампаанньа улууһу кытары түһэрсибит дуогабарын алмааһы хостуурга бэриллибит көҥүл (лицензия) болдьоҕор диэри уһатарга, Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээти “АЛРОСА-Ньурбаҕа” биэрэргэ диэн этии киллэрбитэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин бу туһунан этиитигэр, акцияттан киирбит үп олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга, өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай, инфраструктурнай, социальнай бырайыактарыгар туһуланыаҕын иһитиннэрбитэ. Ол курдук, акция атыытыттан киирбит харчы олохтоох оҥорон таһаарыыга, дьоҕус, орто бизнеһи өйөөһүҥҥэ, үрдүкү технологияны, ИТ-эйгэни сайыннарыыга барыаҕа. Ону сэргэ, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэригэр, социальнай тутуулары үбүлээһиҥҥэ ыытыллыаҕа, ол иһигэр Ньурба улууһугар эмиэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу харчы өрөспүүбүлүкэ хааһынатыгар киирбэт. Ити этиллибитин курдук, тус сыалга туһуланыа. Ил Дархан бэлиэтииринэн, манна уопсастыбаннай сэбиэт кэккэтиттэн кытаанах хонтуруол олохтонуоҕа.
Акциялар бу сылга атыыга тахсыахтара, сыаннай кумааҕылар төһө, хас сыанаҕа туруохтара көҥүл экспертиза түмүгүнэн быһаарыллыаҕа. Билиҥҥи туругунан, сүрүн атыылаһааччы быһыытынан “улахан” “АЛРОСА” эрэ турар.
Ыспыраапка: былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн, “АЛРОСА-Ньурбаттан” өрөспүүбүлүкэ 12,8 млрд солк. ылбыта. Ол иһигэр нолуок быһыытынан – 7, сир баайы туһаныы нөҥүө – 4, дивиденинэн – 1,8 млрд солкуобай.