Принцессалар хаартыскаҕа түһэллэригэр анаан

Ааптар: 
25.12.2016
Бөлөххө киир:

Уус Алдан Тулунатын оҕо саадын үлэһиттэрэ төрөппүттэр өйөбүллэринэн Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыкка кэлбит оҕолорго хаартыскаҕа түһэллэригэр анаан кыһыҥҥы остуоруйа фонун оҥорбуттар.

Кэрэ көстүүнү эдэр киһи Алексей Жирков фанераттан быспыт. Ону иитээччилэр, кыра уонна орто бөлөх оҕолорун төрөппүттэрэ ситэрэн-хоторон, кырааскалаан, киэргэппиттэр. Биллэн турар, маннык дьикти фоҥҥа маанытык таҥныбыт кырачааннар хаартыскаҕа түһээри баҕа бөҕөлөр.

Мин кыыһым эбэтэ тикпит маскараатын таҥаһын мааны былааччыйатыгар уларытта-уларытта, хаартыскаҕа хаста да анаан түстэ. Сиэдэрэй тигиилээх былааччыйатын кэттэҕинэ: “Мин — Принцессабын”, — диир. 60 оҕо сылдьар оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Татьяна Замятина кырачааннарга уонна кинилэр төрөппүттэригэр Саҥа дьыллааҕы ураты настырыанньаны бэлэх быһыытынан утары ууммутугар истиҥ махталбын тиэрдэбин, — диэн санаатын үллэстэр төрөппүт Анивера Акимова.

Кырдьык, кырачааннар ийэлэрэ уонна эбэлэрэ биир күннээх Саҥа дьыллааҕы утренникка хайдахтаах курдук түбүгүрүллэрий! Онон кинилэр оҕолоро уонна сиэннэрэ бу маннык кэрэ көстүүгэ хаартыскаҕа түһүүлэрэ – дьиэ кэргэн икки бүк үөрүүтэ. Оттон хаартыскаҕа түһээччигэ – оҕо сааһын саамай умнуллубат кэрэ түгэнэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0