.
Азия киинэ Алтай былыргыны үөрэтээччилэр болҕомтолорун тардыан тардар. Түҥ былыргы дьон олорор сылдьыбыт сирдэрэ, суруктаах хайалар, бичиктээх балбаллар, дьон көмүллүбүт булгунньахтара бу ытык сиргэ элбэхтэр. Былыргы дьыллар быраман мындааларыгар манна кимнээх олорбуттарын, тугунан дьарыктаммыттарын кэпсиир төһөлөөх элбэх матырыйаалы мантан Россия уонна Аан дойду араас музейдарыгар илдьибиттэрэ буолуой? Бүгүн биһиги олортон биирдэстэрин туһунан кэпсиэхпит.
Хаһыллыбыт томтор
Алтай өрөспүүбүлүкэтин Кош-Агач оройуонугар, Алтай Монголияны кытары быысаһар сиригэр, баар Укок булгунньаҕар былыргы дьон көмүллүбүт сирэ баара уруккуттан биллэрэ. Онон, манна араас авантюристар элбэхтэ аараан ааспыттар. Сэбиэскэй былаас саҕана бу булгунньахтан пограничниктар буор ылар эбиттэр. 1960-с сылларга Кытайы кытары сыһыан тыҥаабыт кэмигэр кыраныыссаны бөҕөргөтөргө туттуллар буор, таас мантан тиэйиллибит.
Инньэ гынан 1993 сыллаахха сайын Новосибискайтан кэлбит археологтар улахан булумньу суох буолуохтаах дии санааннар бастаан Укок булгунньаҕар улаханнык кыһамматахтар. Ол да буоллар, таах хаалларан кэбиһиэхтэрин кэрэйэн онон-манан хаһыталаан көрбүттэр. Итиэннэ тимир үйэтин (биһиги эрабыт иннинэ 1200 сылтан биһиги эрабыт 340 сылыгар диэри) кэминээҕи көмүүнү булбуттар. Ону ыраастыы сылдьаннар, аллараа мууһунан бүрүллүбүт өссө биир көмүү баарын билбиттэр.
Саҥа көмүүнү хостооһуну экспертэр (Наукалар академияларын Сибиирдээҕи салаатын учуонайдара, Бельгия, Германия, Швейцария, Япония уонна Америка археологтара) кэлбиттэрин эрэ кэнниттэн саҕалаабыттар.
Сүҥкэннээхэй булумньу!
Чахчы даҕаны улахан үлэ саҕаламмыт. Бастаан хам ылбыт муустары көйбүттэр, сорох сиринэн итии ууну кутан ириэрэ-ириэрэ ыраастаабыттар. Сыралаах үлэ түмүгэ баай булумньу буолбут: муус анныттан толору симэхтээх-киэргэллээх, сэбиргэллээх алта ат өлүгэ итиэннэ 3,6 миэтэрэ усталаах, 2,3 миэтэрэ кэтиттээх, 1 миэтэрэ үрдүктээх, боруонса тоһоҕолорунан саайыллан ампаардыы охсуллубут киһи уҥуоҕа тахсан кэлбиттэр. Уҥуох тиит маһынан оҥоһуллубута манна биллэр-көстөр киһи сытарын туоһулаабыт (Пазырык култууратын кэмигэр дьадаҥылары атыннык көмөллөрө биллэр). Археологтар хоруобу арыйбыттара эдэр дьахтар мумията сытар эбит. Саҥынньаҕын иһинэн солко таҥастаах, кыһыл курдаах, этэрбэстээх, төбөтүгэр париктаах, көмүс бэргэһэлээх, боолдьох сыттыктаах буолан биэрбит. Уоттуйан тырыта барбыт таҥаһын быыһынан этигэр татуировкалааҕа көстүбүт. Атаҕын кыратык токутан, ойоҕоһунан итиэннэ илиитигэр дьоҕус мас тоһоҕону тутан сытар. Аттыгар боолдьох хаппардаах, онно боруонса сиэркилэ, сылгы сиэлиттэн оҥоһуллубут кыра киистэ баар, ону таһынан атын да мал-сал элбэх эбит. Төбөтүн туһунан турар мас тэриэлкэҕэ эмкэ туттуллар кориандр сиэмэтэ кутуллубут. Учуонайдар мумияны “Алтай принцессата” (эбэтэр “Укок принцессата”) диэн усулуобунайдык ааттаабыттар.
Чинчийии тугу кэпсээтэ?
Принцессаны Новосибирскайга, Наукалар академияларын Сибиирдээҕи салаатын Археология уонна этнография институтугар илдьибиттэр. Лабораторияҕа чинчийбиттэр.
Генетика анаалыһа көрдөрбүтүнэн, 2 тыһ. 500 сыл анараа өттүгэр көмүллүбүт, монголоиднай расаҕа ханан да сыһыана суох, 25 саастаах үрүҥ дьахтар эбит! Төбөтүн уҥуоҕун быһыытынан дьүһүнүн ойуулаабыттара чахчы Европалыы сэбэрэлээх: уһун, көнө муруннаах уонна киэҥ харахтаах дьахтар тахсыбыт. Куйахатын тириитинэн сылыктаатахха, баттаҕа сырдык буолуон сөп эбит. Туохтан өлбүтэ быһаарыллыбатах, рентген туох даҕаны уратыны, кэһиини, алдьаныыны булбатах.
Аттарын куртаҕар баар ас тобоҕунан быһаардахха, сайын саҕаланыыта өлбүт дьахтар мумияламмыт. Мэйиитэ, иһэ-үөһэ хостоммут.
Этэ татуировканан бүрүллүбүт. Холобур, илиитигэр, холугар таба курдук муостаах грифон ойууламмыт. Итинник грифон көмөтүнэн өлбүт киһи дууһата аллараа дойдуга айанныыр диэн өйдөбүл Киин Азия олохтоохторун итэҕэллэригэр түҥ былыргыттан баара биллэр.
Атын татуировкалар туох суолталаахтарын учуонайдар кыайан быһаарбатахтар. Былыр муода кэриэтэ буола сылдьыбыт татуаж быһыылаах диэн сабаҕалаабыттар, атын сирдэртэн булуллубут ити кэмнээҕи көмүүлэр мумияларын киэнин кытары атылыытын бэлиэтээбиттэр. Хаппартан көстүбүт оҕуруо Азияҕа түҥ былыргы үйэлэртэн атыы-эргиэн күүскэ сайдыбытын, кэрэ аймах оччолорго даҕаны симэнэрин-киэргэнэрин сөбүлүүрүн туоһулуур диэбиттэр. Ити гынан баран, дьахтар туох төрүттээҕин-уустааҕын, тугунан дьарыктаммытын чопчу этэри ыарырҕаппытар. Көстүбүт малынан-салынан сылыктаан сорохтор удаҕан, үгүстэр орто баайыы ыал кыыһа, ийэтэ буолуон сөбүн эппиттэр.
Принцесса иэстэбилэ?
Былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри археологтар араас элбэх мумияны булан, хостоон ахан кэллэхтэрэ. Уһун ууларын уйгуурдубут дьону мумиялар иэстэспиттэрин туһунан үһүйээн элбэх. Холобур, Египет принцессатын Амен-Ра мумията хостооһуҥҥа сылдьыбыт, үлэлээбит дьоҥҥо өлүүнү ыыппыта үһү. Бигэргэммэтэх чахчынан 1912 с. “Титаник» ууга тимириитигэр эмиэ сыһыаннаах курдук эбит. Ити хараабылынан Америкаҕа чинчийэ илдьэн испиттэр диэн буолар. Тутанхамон уонна Муус киһи мумияларын туһунан кэпсэл кэмэ суох.
Укокка хаһыы кэнниттэн Алтайга араас быһылааннар, уу халаана, сир хамсааһына буолара үксээбит, бэйэҕэ тиийинэн өлүү түбэлтэтэ чаастатыйбыт. Ити Сэбиэскэй тутул эстэн, дойду дьиикэй ырыынакка киириитин, сиэр-майгы сатарыйыытын итиэннэ климат сылыйыытын кытары ситимнээх буолуон сөп.
Ол эрээри төрүт омук бэрэстэбиитэллэрэ, ордук ойууттар принцесса, бэйэлэрэ ааттыылларынан Ак-Кадын (Үрүҥ Хотун) сүгүн сытыарбакка уйгуурдубуттарын иһин, уордайан иэстэспитинэн быһаарбыттар. Кинилэр Ак-Кадыны Аллараа дойдуттан куһаҕан тыын тахсыбатын көрө-истэ сытар, дьону-сэргэни араҥаччылыыр Айыы курдук саныыллар эбит. Онон, Новосибирскайтан аҕалан, сыппыт сиригэр төттөрү көмөргө күүскэ туруорсубуттар.
Бырабыыталыстыба олохтоох телевидение нөҥүө айылҕаҕа тахсар катаклизмнары наука этэринэн быһаара сатаабыт даҕаны, ылынааччыта ылыммыт.
Иккиттэн биирэ
Дьон-норуот туруорсуута таах хаалбатах. Болҕомтоҕо ылыллыбыт. Ол эрээри, учуонайдар Алтай Принцессата (Ак-Кадын) археология булумньута буоларын быһыытынан, анал саркофагка угуллан, музейга туруоруллуохтаах диэбиттэр. Сиргэ төттөрү көмтөххө, уруккутун курдук муус болгуо көмүскэлэ суоҕунан, түргэнник буорту буолуоҕун быһаарбыттар.
Икки өттүттэн сөбүлэһиигэ киирэн, 2012 сыллаахха Ак-Кадыны сөптөөх микроклиматы хааччыйар саркофагка уганнар, Горно-Алтайскайга аҕалан Анохин аатынан Национальнай музейга туруорбуттар. Ак-Кадын саҥа “дьиэтин” оҥорууга олохтоох бүддьүөттэн 800 мөл. солк. харчы ороскуоттаммыт.
2014 сыл бүтүүтэ Алтай Ытык кырдьаҕастарын сэбиэтэ Ак-Кадыны сиргэ көмөр туһунан быһаарыы ылыммыт, ону өрөспүүбүлүкэ баһылыга Бердников бигэргэппит. Итиниэхэ саас улахан өрүстэрэ үлүгэрдээх халааны оҥорон ааспыта төрүөт буолбут. Ол эрээри, быһаарыы билиҥҥитэ олоххо киирэ илик. Бука, туох эрэ ураты тэрээһин, анал сиэри-туому толоруу, күлүүс тыллары этии ирдэнэн эрдэҕэ.
Миэхэ бу туһунан Москваҕа семинарга бара сырыттахпына Алтайтан сылдьар тылбаасчыт Чэчик Курманова кэпсээбитэ. Кини аныгы иитиилээх буолан, Ак-Кадын иэстэһэригэр соччо итэҕэйбэт этэ эрээри, “утуйа” сытар киһини уйгуурдар сатамматыгар сөбүлэһэрэ. Былыргытыттан, билиҥҥититтэн тутулуга суох.
Раиса СИБИРЯКОВА.