Владивосток куоракка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум чэрчитинэн “Дойти до края. Сибирский континент” диэн Саха сирин сүүс сылыгар анаммыт историческай документальнай киинэ сүрэхтэниитэ уонна ырытыһыыта буолан ааста. Киинэ “Пути великих свершений” бырайыак ааптара, Ил Дархан сүбэһитэ Георгий Никонов көҕүлээһининэн уһуллубута.
Киинэни устуу былырыыҥҥыттан саҕаламмыт. “ВГТРК” уонна “Моя планета” ханаал “ЕМГ” тэрилтэтэ кыттыһан устубуттар. Георгий Никонов иһитиннэрбитинэн, бу киинэҕэ нуучча айанньыта, чинчийээччитэ, Сибиири, Уһук Илини арыйбыт Семен Дежнев сырыытын туһунан кэпсэнэр. Киинэ 1632-1672 сыллары хабар.
— Киинэни былырыын сайыҥҥыттан саҕалаан Москванан, Санкт-Петербурунан, Швейцария Лозанна куоратынан, Чукотканан, Саха сиринэн сылдьан устубуппут. Бу киинэ “Пути великих свершений” бырайыак бастакы хараҥаччыта. Киинэ өрөспүүбүлүкэбит сүүс сылыгар ананан уһуллубута. Үбүлээһинин СӨ бырабыыталыстыбата уйуммута. Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэбит сүүс сылын көрсө муус устарга “Саха” НКИХ ханаалыгар көстүбүтэ. Онтон салгыы “Моя планета”, “Культура”, “История” федеральнай ханаалларга тахсыталаабыта. Билигин тус-туһунан эйгэлиринэн көрдөрүү бара турар. Ол курдук, оскуола үөрэнээчилэригэр, устудьуоннарга, ыччакка, тас дойдулартан кэлбит ыалдьыттарга көрдөрөбүт. Итини таһынан Владивосток эрэгийиэннээҕи ханаалларыгар көстүөҕэ, — диэн иһитиннэрэр Георгий Дмитриевич.
Киинэ сүрэхтэниитэ В.К.Арсеньев аатынан Уһук Илин устуоруйатын судаарыстыбаннай холбоспут музей-заповеднигар буолла. Көрөөччүлэр олус сөбүлээн көрдүлэр. “Пути великих свершений” бырайыак кинигэлэртэн саҕалаан документальнай киинэлэргэ ылсыбытын, Саха сирин айылҕатын уратытын көрдөрөр каадырдарын биһирээбиттэрин биллэрдилэр. Манна даҕатан эттэххэ, Георгий Никонов салалтатынан Уһук Илин эрэгийиэннэрин устуоруйатын кэпсиир “Пути великих свершений” диэн сэттэ туомнаах кинигэ тахсан турар.
Саха сирин наукатын академиятын салайааччыта Леонид Владимиров ырытыһыы кэмигэр бу киинэ устуоруйаны үөрэтиигэ ыччакка, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиигэ кылаата улаханын бэлиэтээн эттэ.
— Урукку өттүгэр Семен Дежневу биһиэхэ адьас атын киһи курдук көрдөрөр буоллахтарына, бу манна Саха сирин, Сибиири арыйбыт киһи, науканан, үөрэҕинэн олохтоохторго көмө буолбут айанньыт көстөр. Киинэ наука, үөрэх чааһыгар суолтата улахан, — диэн этэр Леонид Николаевич.
Манна даҕатан Приморье култууратын миниистирин солбуйааччы Ольга Максимчук бу киинэ устуоруйа, култуура, үөрэх өттүнэн сыаннаһа улаханын бэлиэтээтэ. “Оҕолору, ыччаты кытары үлэлэһэбин. Онно көрдөхпүнэ билигин биһиэхэ дойдуга бэриниилээх буолууга ыҥырар, угуйар киинэлэрбит аҕыйахтар, тарбахха баттаналлар. Бу киинэ үөрэтии, иитии чааһынан олус үчүгэй бырайыак. Салгыы бу киинэни оҕолорбутугар көрдөрүөхпүт”, — диэн иһитиннэрдэ.
Эрдэ бу киинэни Нуучча географическай уопсастыбата Семен Дежнев биографиятынан САССР сүүс сылыгар анаан документальнай киинэни устуу табыллыбытын, биллэр историктар Вадим Трепавлов, Игорь Фоменко санааларын эппиттэрэ киинэни ситэрэн-хоторон биэрбитин бэлиэтээн турар. Манна сыһыаран эттэххэ, “Дойти до края” киинэ алтынньыга Екатеринбург куоракка буолуохтаах “Арассыыйа” киинэ бэстибээлигэр 525 киинэттэн сүүмэрдэнэн кыттар чиэскэ тигистэ.
Аграфена КУЗЬМИНА