Предпринимателлэр социальнай эйгэҕэ

Бөлөххө киир:

Блогердар Ил Дарханы кытары көрсүһүүлэригэр Вероника Чупрова социальнай предпринимательствоҕа ылсан үлэлээн эрэрин билиһиннэрдэ. Билигин социальнай киин иһинэн доруобуйаларынан хааччахтаах 150 оҕо дьарыктанар.

edersaas.ru

“Неврологическэй ыарыылаах оҕолор  биһиги кииммитигэр кэлэн дьарыктаналлар. Оҕолору манна волонтерство хайысхатынан исписэлиистэр босхо дьарыктыыллар. Төрөппүттэр оҕолорун биһиэхэ хаалларан баран, үлэлии, дьыалаларын ситиһэ барар кыахтаннылар”,  — диэн иһитиннэрэр Вероника Чупрова.
Итини этэн туран оҕолор дьарыктанар дьиэлэрэ суоҕун эбэн этэр. “Үгүс оҕо кэлээскэнэн сылдьар. Онно аналлаах дьиэбит суох. Ааҕан көрбүппүт, куоракка оннук анал дьиэлэр ахсааннаахтар эбит”, — диэн бэлиэтиир.
Бу маннык диагнозтаах оҕолорго эрдэттэн көмө көрүлүннэҕинэ үтүөрүөхтэрин сөбүн этэн туран, Егор Борисов: “Маннык кыһалҕалаах ыалларга сылдьыбытым. Туох уустуктары көрсөллөрүн билэбин. Төрөппүттэр тулуурдарынан, кыахтарынан, дьаныардарынан ДЦП диагнозтаах оҕолор киэҥ эйгэҕэ тахсан дьоһун миэстэни ылалларын эмиэ билэбин. Онон бу боппуруоһунан туспа көрсөн кэпсэтиэҕиҥ”,  — диэн боппуруоһу сиһилии ырытарга ыҥырда.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0