Прасковья Сивцева: «Күннүк Уурастыырап муҥурданыы, сордонуу бэйиэтэ буолбатах этэ»

07.06.2022
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 21 күнүгэр П.Ойуунускай аатынан Литература мусуойугар «Мусуойдар түүннэрэ» сыл аайы ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн уонна Арассыыйа норуоттарын култуураҕа нэһилиэстибэтин, САССР 100 сылларыгар аналлаах «Сайыны мусуойга көрсүү» тэрээһин буолла. Литература мусуойа «АйАрт» уопсастыбаннай тэрилтэни кытары сайыны уруйдуур дьаһаллара киэҥ далааһыннаахтык ыытылыннылар.

edersaas.ru

Тэрээһин иккис түһүмэҕэ – Литература мусуойа «Амма түмсүүнү» кытары ыыппыт «Олус да кэрэ олох диэн, дьиҥэ!» көрсүһүү Саха сирин норуодунай бэйиэтэ, олоҥхоһут-суруйааччы Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 115 сылыгар ананна.

Бүгүн дьоро күн үүннэ

Бу күн бэйиэт айымньыларыгар ааҕааччылар куонкурустара түмүктэннэ. Ону таһынан, саха балаҕаныгар тахсан олоҥхону иһиттилэр.
Саха тапталлаах бэйиэтэ Күннүк Уурастыырапка анаммыт көрсүһүүнү «Кыл Саха» этно-бөлөх артыыстара мусукаалынай композиянан арыйдылар. Бөлөх солиһа Алексей Карманов «Түүл» ырыаны толордо. Педагогика наукатын дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ Евдокия Михайловна Поликарпова салайар «Эйгэ» тыйаатыр, Оҕо дыбарыаһын оҕолоро суруйааччы хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар.
Биллэр-көстөр суруналыыс, театровед Николай Максимов устан хаалларбыт биэриитин көрдөрүү уонна Эмис бибилэ­тиэкэтин исписэлиистэрин видеонан ахтыылара көрсүһүү кыттыылаахтарын суруйааччы төрөөбүт дойдутун кытары ситимнээтэ.

Киһиттэн эрэ ураты киһи этэ…

Олег Гаврильевич Сидоров, суруйааччы, публицист, чинчи­йээччи, Суруйааччылар сойуустарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ:
– Бүгүн биһиэхэ дьоро күн үүннэ. Бары ытыктыыр, таптыыр бэйиэппит, олоҥхоһуппут Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 115 сыла П.А.Ойуунускай аатынан Литература мусуойугар бэлиэтэнэрэ олус кэрэхсэбиллээх.
Мин Владимир Михайловиһы олохпор биирдэ көрсүбүтүм билиҥҥэ диэри үтүө өйдөбүл буолан сылдьар. 1989 сыллаахха Дьокуускайга үлэлиир кэммэр урут «Хотугу сулус» суру­наалга үлэлии сылдьар Валерий Николаевич Луковцевтыын Күннүк Уурастыырап дьиэтигэр ыалдьыттаан турабыт. Онно кини мин Амматтан сылдьарбын билэн олус сэҥээрбитэ. Мин оччолорго толлон улаханнык кэпсэппэтэхпин быһыы­лаах эрээри, оччотооҕу кэм улуу дьонун Ойуунускайы, Күлүмнүүрү ыйыталаспыппыт. Кини, биллэн турар, Ойуунускай туһунан санаатын үллэстибитэ уонна: «Эдэр дьон ол кэми, оччотооҕу кэм дьонун ыйыталаһаргыт хайҕаллаах. Өрүү бу санааҕытын тута сылдьыҥ», – диэн алҕыыр кэриэтэ кэс тылын эппитэ.
Владимир Михайлович айым­ньыларын оскуолаҕа аахпыппыт, өйбүтүгэр туппуппут. Олоҥхо тылын-өһүн аан бастаан кини «Нуоҕалдьын кугас аттаах тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотуттан билсибитим. Күннүк Уурастыырап саха араас көлүөнэ дьонун ситимниир айымньыларынан, үлэтинэн-хамнаһынан Амма дьонугар номоххо киирбит киһи. Мин Владимир Михайлович курдук Амматтан төрүттээхпинэн эмиэ киэн туттабын. Кини олоҕун, айар үлэтин өссө да ырыппыт, көрбүт, үөрэппит киһи диэн баҕа санаалаахпын…
П.Ойуунускай туһунан ахтыыларга биир бастакынан Күннүк Уурастыырап айымньытын аахпытым уонна ону ааҕан, Ойуунускайы тыыннаах курдук көрөбүн.

Семен Андреевич Попов-Тумат, Саха сирин норуодунай суруйааччыта:
— … Мин суруйааччы убайдарбын санаатахпына, олус хараастабын. Тоҕо диэтэххэ, ити үлүгэр талааннаах улахан дьоннор хайдахтаах курдук улуу кыһалҕаҕа үлэлээбиттэрэй? Хайдахтаах курдук тэпсиллиини, үөҕүллүүнү, үрдүттэн сэнээһини, сорох сорохторун хаайталыах да курдук балаһыанньаларга кииртэлээбит түгэннэрин биһиги убайдарбыт мүччү көппүттэрэй?
Аны ССРС норуодунай худуоһунньуга  Афанасий Осипов хартыынатын ылан көрүҥ эрэ. Түөрт норуодунай суруйааччы олорор. Онно Күннүк Уурастыырап улахан тиит анныгар олорор. Оҕонньор бэйэтэ да тиит курдук, норуотун устуоруйатыгар оннун булан олорор. Ити эһиги киэн туттуугут буолуохтаах дии саныыбын.

Александр Васильевич Васи­льев-Көрдүгэн, суруналыыс, ус­­пуорт комментатора:
– Эһиги бүгүн Күннүк Уурас­тыырап улахан саахыматчытын бэлиэтээн аастыгыт.
1935 сыллаахха саахымакка өрөспүүбүлүкэ  аан бастакы чөмпүйэнээтэ ыытыллыбытыгар Уус Алдантан Иннокентий Васильевич Пухов чөмпүйүөннээбит уонна Дьокуускай куорат чиэһин көмүскээбит Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап бочуоттаах үһүс миэстэни ылбыт. Онон боруонса призер буолбут.
1937 с. бүтүн Саха сиринээҕи спартакиада үһүс төгүлүн ыытыллыбытыгар Дьокуускай куорат хамаандатыттан Владимир Новиков иккис миэстэ буолбута.

Дмитрий Федосеевич Наумов, суруйааччы, драматург:
– … Ити видеоҕа көстүбүт балаҕаны мин баһылыктыыр эрдэхпинэ суруйааччы төрөөбүт дойдутугар Эмискэ туттарбыппыт. Олоҕун аргыһа Надежда Гаврильевна оһох чанчыгар өйөнөн туран: «Бу барыта оҕонньор баарыгар оҥоһуллубута буолла-ар», – диэн ытамньыйбытын эмистэр өйдүүр буолуох­тааххыт.
Биирдэ Күннүк Уурастыырап биһиги дьиэбитигэр хоммутугар, Дьокуускайга командировкаҕа баран хаалан кыайан көрсүбэтэхпиттэн олус хомойобун. Бүөтүр Тобуруокапка анаан акро-хоһоон суруйан барбыт этэ.
Кини киһиттэн эрэ ураты киһи этэ…

Саргылаана Васильевна Голь­дерова-Саргы Куо, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт:
— … Аҕам эдэр сылдьан хам-түм хоһоон суруйбутун «Кыым», «Эдэр коммунист» хаһыаттарга илдьэн туттарар эбит. Онно Владимир Михайлович «Кыым» хаһыакка биир тутаах үлэһитинэн олорон, аҕабын хайдах эрэ аһына көрөн эбэтэр кини суруйуулара тыыппалаахтарын сэрэйэн дуу, биир үтүө күн кэлбитигэр:
«Дьэ, Баһылай, хайдах эрэ гынаҥҥын бэйэҥ доҕотторгуттан арыый сэнэх соҕус таҥаһы уларсан кэлээр уонна «Кыым» хаһыат эрэдээктэригэр киирэн эйигин үлэҕэ ыларыгар көрдөһүөхпүт», – диэбит.
Аҕам доҕоруттан, эбэҥки бэйиэтэ Дмитрий Апросимовтан көстүүмүн уларсан эрэдээктэргэ киирбиттэр… Күннүк Уурастыырап көрдөһүүтүнэн аҕам оччотооҕу кэминэн улахан соҕус хамнастаах, гонорардаах үлэһит буола түспүт. Аҕыйах кэм үлэлээбитин кэннэ Владимир Михайловичтаах мин аҕабын аан бастакы командировкатыгар Аммаҕа ыыппыттар. Аҕам бу бастакы командировкатын туһунан: «Бу саамай дьоллоох командировкам этэ. Амманы эрэ арыйбатаҕым, Амма Болугуругар үчүгэй үлэлээх агроном кыыһы суруй диэбиттэригэр тиийэн, ол кыыһы сөбүлээн, сотору «Кыым» хаһыаппыттан аны Болугур нэһилиэгэр баран ыал буолбут дьоллоохпун», – диэн Күннүк Уурастыырабы биһиги ыалга күн-ый буолбут киһинэн ахтара, махтанара.

* * *

Ити курдук, литературоведтар, суруйааччылар Прасковья Сивцева, Евдокия Поликарпова, Варвара Борисова уо.д.а. суру­йааччыны ахтар-саныыр дьон ахтыыларыттан билиҥҥи көлүөнэ ааҕааччылара олус элбэҕи биллилэр. Ситтэрбэтэҕи ситэ охсоо­ру, кини айымньыларын билсэ охсоору «Күннүк Уурастыырап – олоҕо уонна айар үлэтэ» быыс­тапканы иккистээн-үһүстээн көрө хааллылар.

Күннүк Уурастыырап – саха норуодунай бэ­­йиэтэ, тылбаасчыта, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Үлэ Кыһыл Знамятын, “Бочуот Знага”, Норуоттар доҕордоһуулара уордьаннар кавалердара, Дьокуускай куорат, Амма улууһун Бочуоттаах гражданина.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

Литература мусуойа тиксэрбит хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0