Прасковья Борисова: «Ийэ сылыгар эппиэтинэспит өссө күүһүрүө»

Бөлөххө киир:

2014 сылтан тэриллэн үлэлиир «Арассыыйа ийэлэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи отделениета киллэрэр уонна көҕүлүүр этиилэрэ өрөспүүбүлүкэбит чопчу сокуоннарын оҥорорго туһалыыллар, бырабыыталыстыбаны кытта хайдах бииргэ үлэлиэххэ сөбүгэр үтүө холобуру көрдөрөллөр.

Ийэ сылынан биллэриллибит быйылгы сылбытыгар «Арассыыйа ийэлэрэ» эрэгийиэннээҕи отделение бэрэссэдээтэлэ Прасковья Петровна Борисова санаатын үллэһиннэ.

— Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕар ыҥырыытыгар быйылгы сылы Ийэ сылынан биллэрбитэ. Кини ийэ билигин уонна кэлэр кэмнэргэ ситиһиилээхтик сайдарбытыгар улахан оруоллааҕын уонна бигэ тирэх буоларын, бэлиэтээбитэ.
Ийэ сылынан уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан сибээстээн, быйыл күн сирин көрбүт оҕоҕо 100 тыһыынча солкуобай бэриллэрин туһунан быһаарыы ылыммыта.
Биһиэхэ, «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһыммытыгар, Ийэ сыла эмиэ ураты суолталаах сыл. Онон, үлэбитинэн-хамнаспытынан элбэх этиилэри киллэрдибит, судаарыстыба уорганнарын кытары бииргэ үлэлиир туһунан улахан былааҥҥа үлэлэстибит. Сотору кэминэн бырабыыталыстыбаҕа ылыллыахтаах улахан докумуоҥҥа судаарыстыбаннай уорганнар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уо.д.а. тэрилтэлэр тугу үлэлиэхтээхпит, туох саҥаны киллэриэхтээхпит барыта чопчуланна.
Саҥа сылбытын Ийэ сылыгар ананар тэрээһиннэринэн саҕалаатыбыт. «Кустук» уопсастыбаннай-консультативнай төгүрүк остуолга, Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ ыыппыт «Ийэ олохпут оһуора» диэн онлай-тэрээһинигэр кытынныбыт.
Ийэ сылын логотипа бигэргэннэ. Логотибы оҥорууга эмиэ сүбэ-ама буолбуппутуттан үөрэбит.
«Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын Ийэ сылыгар эппиэтинэспит өссө күүһүрэрин өйдүүбүт. Онон, былааннарбытын бырабыыталыстыба бигэргэттэҕинэ, кимээһиннээхтик үлэлиэхпит. Өрөспүүбүлүкэ 36 муниципальнай тэриллиитигэр уопсастыбаннай хамсааһыннарбыт тэриллэн үлэлииллэр. Үлэлииргэ, дьоммутугар-сэргэбитигэр, өрөспүүбүлүкэбитигэр туһалаах буоларга бэлэммит. Бэйэбит кыахпытынан олохтоох былаастары кытары түмсүүлээхтик үлэлиибит.
«Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһыммыт Саха сиригэр 2014 сылга тэриллибитэ. Ол тухары мин биир эмэ атын эрэгийиэҥҥэ Ийэ сыла биллэриллибитин истэ иликпин. Онон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ сыла биллэриллибитинэн олус киэн туттабын. Уопсастыбаннай хамсааһыммыт үрдүкү салалтатын президиумугар дакылааппар Ийэ сыла биллэриллибитин туһунан кэпсээбиппэр салайааччыбыт олус үөрбүтэ, сөптөөх быһаарыыны ылыммыккыт диэн хайҕаабыта, Айсен Николаевка махталын биллэрбитэ.
Ийэ, дьахтар -– дойду туругун быһаарар улахан күүс. Киниэхэ сөптөөх болҕомто уурулуннаҕына, кини айылҕаттан бэриллибит күүһүн-кыаҕын сөпкө туһаннахпытына, элбэҕи ситиһиэхпит. Ийэ барахсан настарыанньатыттан, үлэтиттэн-хамнаһыттан биһиги уопсастыбабыт туруга ситимнээх. Уопсастыбаҕа ийэ оруолун көтөҕүү, өрө тутуу улахан суолталаах буолуо дии саныыбын. Саха сирин ийэлэрэ төһөнөн дьоллоох буолаллар да, уопсастыба эмиэ оччонон дьоллоох буолуо.
«Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр төһө кыайарбытыгар тустаах көмөнү оҥорор курдук үлэлиэхпит диэн бигэ эрэллээхпит.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0