Прасковья Байанаева үс кинигэтэ сүрэхтэннэ

Бөлөххө киир:

Муус устар 8 күнүгэр Илья Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.

edersaas.ru

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, улуустааҕы “Отуу уота” литературнай түмсүү солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ, Ленскэй нэһилиэк быыбардыыр учаастагын бэрэссэдээтэлэ, “Эҥсиэли” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Прасковья Дмитриевна Байанаева 60 сааһынан «Санааларбын үллэстэр дьоллоохпун» диэн оҕолуу сырдык-ыраас, ааттыын да астык кинигэлэрин биһирэмэ буолан ааста.


Ол курдук, 3 саҥа кинигэ: “Иэйиилэрбин тиһэбин” (хоһооннор хомуурунньуктара), “Санаабын үллэстэр дьоллоохпун” (бэчээккэ тахсыбыт эрээри, инники тахсыбыт хомуурунньуктарга киирбэтэх ыстатыйалара), “Биир төбө — үчүгэй, икки төбө -– ордук” (дьүөгэлэрин кытары кыттыгас ыстатыйаларын хомуурунньуга) күн сирин көрдө.


Прасковья Байанаева “Санаам далын арыйан” (2008 с.), “Күһүҥҥү ньургуһун” (2012 с.), «Семен Руфов тылбаастара — саха норуотун киэн туттуута” (2015 с.) уонна “Дьонноох буолан, дьоллоох буолуу” (2017 с.) диэн кинигэлэрдээх. Уопсайа 7 кинигэ ааптара буолла.

Үөрүүлээх түгэҥҥэ Прасковья Байанаеваҕа «Нам улууһа» МТ сайдыытыгар кылаатын иһин» уонна «СӨ Профессиональнай үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэри туттардылар. Үбүлүөйдээх киһибитин улуус баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Петр Абрамов, Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников, Илья Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай кэллиэс дириэктэрэ  Елена Никитина, Намнааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Екатерина Ядреева, «Ыллык» литературнай куруһуок иитиллээччилэрэ, СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин, «Офсет» ХЭТ салайааччыта Алексей Скобелев, «Офсет» кинигэ кыһатын эппиэттээх үлэһитэ Галина Басылайканова -Кэнтик Кыыһа, «Эҥсиэли» хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Владислав Касьянов, “Отуу уота” литературнай түмсүү салайааччыта Алексей Татаринов, «Ыллык» куруһуок салайааччыта Тамара Румянцева, Н. Рыкунов аатынан киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытары үлэлиир салаатын сэбиэдиссэйэ Наталья Павлова, «Эҥсиэли» араадьыйа ыытааччыта Лена Колпашникова уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Бүгүҥҥү күн истиҥ кэпсэтиилээх, дьон-сэргэ, үүнэр күлүөнэ өйүгэр-санаатыгар өйдөбүл буолан хаалла.

ххх

Прасковья Дмитриевна төрөөбүт түөлбэтин үөрэҕин систиэмэтэ сайдарын туһугар үлэлээн, бэйэтин сайыннаран үөрэх-билии аартыгар тэтимнээхтик айа-тута сылдьар.
Кини 1999 сыллаахха Илья Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ педагог-психологынан үлэлии киирбитэ, этнопедагогика, этнопсихология биридимиэттэрин авторскай бырагырааманан үөрэппитэ.


2002-2003 сылларга ИПКРО-ҕа педагог-психолог идэтигэр үөрэммитэ. Кэллиэскэ 15 сыл педагог-психологынан үлэлээбитэ, үүнэр көлүөнэни ииппитэ. Манна саха тылын, култууратын биир бастыҥ сырдатааччытынан буолар. Бу хайысханан элбэх ситиһиилэрдээх, үтүө түмүктэрдээх. Улуус уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар.
Кини тапталлаах кэргэн, 3 оҕо истиҥ ийэтэ, сиэннэригэр эйэҕэс эбээ буолар.

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-киинэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0