Прасковья Адамова: «Манчаары» кулууп сыанатыттан саҕалаабытым
Мэҥэ Хаҥалас улууһа өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ улууһунан буолар. Биһиги улууспут – былыр-былыргыттан култуураны өйөөбүт, өрө туппут улуус. Онон даҕаны, улууспут өрөспүүбүлүкэ култуурунай уонна духуобунай сайдыытыгар сүрүн кылааты киллэрэрэ. Салайааччыларбыт дьонноро-сэргэлэрэ өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар кыһаллаллара, кыһаллаллар даҕаны. Ол иһин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах, үрдүк көрдөрүүлээх буолар. Саҥаттан саҥа арыйыылары, бырайыактары толкуйдаан, олоххо киллэрэллэр. Тимир суол Аллараа Бэстээххэ кэлэн, Мэҥэ Хаҥалас өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын түмэр киин сиринэн буолла.
edersaas.ru
Бастакы холкуоһунай тыйаатыр
Өссө оройуон киинигэр Майаҕа бастакы судаарыстыбаннай холкуоһунай тыйаатыр аһыллыбыта. Холкуоһунай тыйаатыр саха ускуустубата сайдарыгар сүрүн уонна биллэр кылааты киллэрбитэ. Холкуоһунай тыйаатыртан талааннаах сүдү артыыстар, режиссердар силис тардан, үүнэн тахсыбыттара. Туох баар дьаһаллар бары оройуоннааҕы култуура дьиэтин иһинэн ыытыллаллара. Төһөлөөх элбэх киһи ыллаан-туойан, үөрэн-көтөн, кэрэни кэрэхсээн ааспыта буолуой? Манна успуорт күрэхтэһиилэрэ эмиэ ыытыллаллара. Мин оҕо эрдэхпинэ, биир этээстээх мас “Манчаары” кулууп баара. Аан бастаан уус-уран самодеятельноска кыттыыбын бу кулууптан саҕалаабытым. Онтон үлэһит буолан баран, 1970 сылтан дойдубар Майаҕа норуодунай тыйаатырга: мин – режиссерунан, кэргэним Савва Алексеевич худуоһунньугунан үлэлии кэлбиппит. Олох сотору Савваны Култуура оройуоннааҕы дьиэтигэр (РДК) дириэктэринэн талбыттара. РДК уонна норуодунай тыйаатыр диэн арахсыбакка бииргэ үлэлиирбит. Савва Алексеевич дириэктэрбин диэн кэбиниэккэ олорбокко, барытыгар тэҥҥэ сүүрэ сылдьан көмөлөһөрө. Уот оҥорооччу буоллун, худуоһунньук буоллун, хачыгаар туһунан этэ да барыллыбат. Хачыгаардар мэлдьи “аһаан” кэбиһэннэр, олус эрэйдииллэрэ, онон бэйэтэ хачыгаардыыр да кэмнэрэ баара.
Биир да бырааһынньык кэнсиэрэ суох ааспата. Үлэҕэ киирээт, өрөмүөн оҥорон, кулууп иһигэр сэргэх култуурунай эйгэни тэрийбиппит. Кэнсиэртэргэ, испэктээктэргэ кэлэр көрөөччүлэргэ таҥас ыйыыр хос оҥоһуллубута. Дьон кулуупка тардыһар буолбута. Кэнсиэртэр бары толору киһилээх саалаҕа буолаллара. Бэстибээллэргэ харса суох кыттан барбыппыт, миэстэлэһэн өрө көтөҕүллэн, өссө күүрүүлээхтик үлэлээбиппит.
Иннибитин кимиэхэ да биэрбэтэхпит
Норуодунай тыйаатырдары көрүү маҥнайгы телевизионнай бэстибээлигэр Дьокуускайга киирэн бастаабыппыт. Телевидениеҕэ хайҕал сурук арааһа киирбит этэ. Харса суох гостуруоллаан харчы киллэрэн, хассыыр, костюмер, таҥас ыйааччы, уот тардааччы, харабыл тутарбыт. Дьоммут сүрүн үлэлэрин таһынан атын үлэни толордохторуна, кыра да буоллар, нэрээт быһыытынан төлүүр этибит. Холобур, бэриниилээх үлэһиппит, харабылбыт Виктория Николаевна Мосина таһынааҕы туалеты маҥан оппуоханан сотон, күн аайы сиппийэн, мэлдьи ыраастык тутара. Хас гостуруолбут кэнниттэн хаһыакка сырдаталлара, араадьыйаҕа кэпсииллэрэ. Хаста да анаан араадьыйа биэриитин оҥорбуттара. Тыйаатыр иһинэн “Кэскил” диэн оҕо устуудьуйатын тэрийбиппит. Оҕолорго анаан биирдии оонньуулаах пьесалары, саха остуоруйаларыттан инсценировка оҥорон туруорбуппут.
Саха биллиилээх ырыаһыта, мелодиһа Валерий Власович Ноев ол саҕана Култуура оройуоннааҕы дьиэтигэр үлэлиирэ. Остуоруйаларга муусука суруйара. Бииргэ олус тапсан, өрө көтөҕүллэн туран үлэлиирбит. Фантазия, өй-санаа бөҕө аһыллара. Наһаа иллээх-эйэлээх, бэртээхэй кэлэктииптээх этибит. Ол иһин, ханнык баҕарар уус-уран самодеятельность көрүүлэригэр, бэстибээллэргэ, теле-бэстибээллэргэ бастакы миэстэни ылан, иннибитин кимиэхэ да биэрбэт этибит. РДК-быт үлэтинэн аан бастаан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэни ылбыта. Агитбиригээдэ саҥа сайдан эрэр кэмигэр “Сайдыы” диэн агитбиригээдэ тэрийбиппит. Ырыаларын муусукатын Валерий Ноев суруйбута. Сценарийын суруйан, оҥорон, уопсай дьүүлгэ таһааран режиссердаан туруорбутум. Маҥнай Хатаска ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи агитбиригээдэлэри көрүүгэ бастаан, онтон Чита куоракка буолар Бүтүн Арассыыйатааҕы көрүүгэ дипломант, кыһыныгар Ангарскай куоракка Бүтүн Сойуустааҕы агитбиригээдэлэри көрүүгэ лауреат үрдүк аатын сүгэн, өрөйөн-чөрөйөн кэлбиппит. Аатырбыт кэлэктииптэри кытары бииргэ күөн көрсөн дьолломмуппут. Дойдубутугар кэлээт, Дьокуускайга хомсомуол уобаластааҕы кэмпириэнсийэтигэр кыттан, үөрүүбүт өссө үрдээбитэ.
Кэргэним Савва Алексеевич дьону түмэр талааннаах буолан, Майатааҕы орто оскуоланы, Пионердар дыбарыастарын, бибилэтиэкэни, оҕо мусукаалынай оскуолатын, киинэлэри кытары ыкса сибээстээх этибит. Ханнык баҕарар кэнсиэртэргэ ыҥырдыбыт да, кэлэн көхтөөхтүк кытталлара. Владимир Степанов дириэктэрдээх мусукаалынай оскуола учууталлара үлэлэрин кэнниттэн мэлдьи кэлэн, буор босхо көмөлөһөллөрө. Оччолорго биһиги улуус күүстээх да баянистардаах эбиппит. Валерий Ноев, Владимир Степанов, Василий Терентьев, Сергей Попов, Галина Шахурдина, Зоя Степанова, Василий Васильев, Аркадий Корнилов, о.д.а. Маҥнайгы фольклор бэстибээлэ Майаҕа ыытыллыбыта. Үрдүк таһымнаахтык баран, РДК-ҕа элбэх да киһини улуустартан муспута. Майаҕа нэһилиэктэртэн талааннаах дьону үлэлэриттэн босхолоон туран аҕалан түмэ тардан, элбэх үлэ барбыта. Култуура дьиэтин фойетыгар олох-дьаһах кэмбинээтин иистэнньэҥнэрэ бэйэлэринэн кэлэннэр, көстүүм тигэллэрэ. Ким куобах тириитин имитэрэ, ким муостаҕа олорон эрэ көстүүм киэргэлин оҥороро, ким илиитинэн иистэнэрэ, ким массыынанан тигэн тирилэтэрэ. Элбэх киһи биир сомоҕо буолан, биир санааҕа түмүллэн, үлэ күөстүү оргуйарыттан ама туох күүстээх, кэрэ баар буолуой?! Манна кыра оҕолоруттан аарыма кырдьаҕастарга тиийэ кыттыыны ылбыттара. Кэнсиэрпит табыллан, хайҕанан, бастыҥ режиссер буолбутум. Уопсай ахсааны таһааран, 2-с миэстэҕэ тиксэн, хомойо санаабыппыт. 150-тан тахса киһи кыттыбыта. Көрөөччүлэр бары биһиэхэ бастакы миэстэни биэрэ сылдьыбыттар. Онон соһуйбуттара.
Успуорт уонна култуура эстэпиэтэтэ
Биһиги улууспутугар 1956 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри успуорт уонна култуура эстэпиэтэтэ сыл аайы нэһилиэктэринэн ситиһиилээхтик ыытыллар. Тэрийээччинэн хомсомуол оройуоннааҕы сэкирэтээрэ, тыа хаһаайыстыбатын уонна култуура үтүөлээх үлэһитэ, судаарыстыбаннай диэйэтэл Василий Константинов Степанов буолара. Маҥнайгы эстафета кэмигэр ыал ыалга сылдьыспат гына өстүһэр, сороҕор дьиэлээхтэр хаһаайыттара кытта кэпсэппэт буола сылдьыбыттара. Билигин саныы-саныы күлсэллэр эрэ. Бу эстэпиэтэ билигин да кэтэһиилээх, өрө күүрүүлээх бырааһынньык курдук барар. Култуура дьиэтэ төһө да эргэрдэр, сууллаары да турдар, тоҥхойо кырдьыбыт кырдьаҕастыы, туох баар сэниэтэ баарынан сылаас тыыннаах илгийэ көрсөөхтүүр. Бачча элбэх дьону, ыалдьыттары ханан-ханан батаран, киллэрэн-таһааран көрсөрө буолуой? Норуодунай тыйаатыр артыыската Мария Дмитриевна Лукина өр сылларга иилээн-саҕалаан, дууһатынан ыалдьан дириэктэрдээн олорбута. Кини тыйаатыр-кулууп өрөмүөнүгэр элбэх сыратын биэрэн, дьиэни саҥардан, иһин-таһын оҥорторон, дьон-сэргэ тоҕуоруһар, кэлэ турар киинэ оҥорбута. Кэлэктиибин үчүгэйдик түмэн, ыспакка тутан олорбута. Бэйэтин кыахтаах, дьоҕурдаах, ирдэбиллээх салайааччы буоларын үлэтинэн-хамнаһынан дакаастаабыта. Марияны уопуттаах, билиилээх салайааччыны сүбэһит-амаһыт быһыытынан солбуйааччы дириэктэринэн хаалларбыттара бу Мэҥэ Хаҥалас салайааччыларын муударай өйдөрүн туоһута буолар. Билигин култуура уонна духуобунас биһигэ — РДК-быт биэнсийэҕэ барар, онон Майаҕа аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир саҥа таас улахан Култуура уонна духуобунас киинэ тутулла турар, бэрт сотору кэминэн үлэҕэ киирэрин, аһылларын бары долгуйа күүтэбит. Эдэр эрчимнээх үлэһиттэр салайан, саҥаттан саҥа бырайыактары толкуйдаан, Майабыт олохтоохторун үөрдүөхтэрэ. Мэҥэни Мэҥэ дэтиэхтэрэ.
«Саха сирэ», edersaas cайтка анаан Прасковья АДАМОВА-
КҮН ЧҮҮЙЭ,
СӨ үтүөлээх артыыската.