Праймеризка кыттар дьон 40 бырыһыаннарын кэриҥэ баартыйата суохтар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа ыытар барыллаан куоластааһыныгар дойду үрдүнэн 1 000-тан тахса киһи регистрацияны ааста. Кинилэр 40 бырыһыаннарын кэриҥэ баартыйата суохтар.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

 

Баартыйа Киин кэмитиэтин салайааччы Владимир Бурматов бэлиэтээбитинэн, барыллаан куоластааһын норуот олоҕун ис сүрэхтэриттэн тупсарыан баҕарар, уопсастыбаҕа ытыктабылынан туһанар дьоҥҥо улахан бэлиитикэҕэ ааны арыйар.

Кини праймеризка үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, урбаан эйгэтигар улахан уопуттаах дьон көхтөөхтүк кытталларын ыйда, ол кэнэҕэһин былаас уорганнара хаачыстыба өттүнэн тупсуохтарын туоһулуур диэтэ.

“Регистрацияны ааспыттар ортолоругар уопсастыбаннай тэрилтэлэр салайааччылара бааллар. Ол үлэ араас хайысхаларынан көдьүүстээх түмүк ситиһиллиэҕэр, коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэр сайдыыларыгар олук буолуоҕа”, — диэтэ Владимир Бурматов

Кини барыллаан куоластааһыҥҥа дьокутааттар, олохтоох былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ хото кытталлара уопуттаах бэлиитиктэр праймериз ньыматын итэҕэйэллэрин, дьон итэҕэлин хаттаан ылар иһин “саҥа сирэйдэри” кытта күрэстэһэртэн чаҕыйбаттарын көрдөрөр диэтэ.

“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа ыытар барыллаан куоластааһыныгар кыттыан баҕалаахтартан сайаапкалары муус устар 27 күнүн киллэрэн туран туталлар. Онно туох докумуон ирдэнэрин pg.er.ru сайтка кирэн билсиэххэ сөп.

Олохтоох парламент, куораттааҕы дуума быыбара балаҕан ыйын 10 күнүгэр ыытыллар регионнарыгар “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа барыллаан куоластааһына дойду үрдүнэн ыам ыйын 28 күнүгэр буолуоҕа.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0