Праймеризка көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Биир ньыгыл Россия” баартыйа быыбардарга хандьыдааттары быһаарарга праймериз ыытар буолбута хаһыс да сыла буолла.


“Биир ньыгыл Россия” ыытар праймеризтара дьон болҕомтотун тардаллара сыллата улаатан, кэҥээн иһэр. Ол аата, бэлитиичэскэй охсуһуу бу ньымата биһиэхэ эмиэ дьоһуннаах миэстэтин булан иһэр.

Күһүн буолар Ил Түмэн дьокутааттарын, араас таһымнаах баһылыктар, дьокутааттар быыбардарын иннинэ “Биир ньыгыл Россия” баартыйа праймериһы муус устар 15 күнүгэр анаабыта олус сөптөөх уонна табыгастаах.

Муус устар бүтэһигиттэн саҕалаан кыһыҥҥы суоллар сабыллыахтара. Айан суола табыгастаах кэмигэр праймеризка кыттааччылар дьоҥҥо-сэргэҕэ бэйэлэрин билиһиннэрэллэригэр эбии кыах бэриллэр.

Праймеризка “Биир ньыгыл Россия” баартыйа чилиэннэрин сэргэ, баартыйата суох ким баҕарар кыттара көҥүллэнэрэ эмиэ кэрэхсэбиллээх. Онон, баҕалаахтарга бэлитиичэскэй охсуһууга бэйэлэрин боруобаланалларыгар, уопут ылалларыгар үчүгэй оскуола буолуоҕа.

Быыбардааччылар праймеризка кытталларыгар ханнык даҕаны ураты уустук суоҕа, кинилэр кыттыыларын көхтөөх оҥоруоҕа. Ол инниттэн пааспардаах кэлэн, анал учаастакка быыбардыаххын сөп. Көстөрүн курдук, быыбардааһын бэрт судургу.

Онон бэлитиичэскэй олох саҥа көрүҥнэригэр, ньымаларыгар үөрэнэн иһиэҕиҥ, көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ!

Николай  Ребров,

суруналыыс.

Дьокуускай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0