Алексей Потапов: «Олоҕум ырыа-тойук, үөрүү-көтүү эрэ буолбатах»

09.04.2018
Бөлөххө киир:

90-с сыллар бүтүүлэригэр Алексей Потапов саха эстрадатыгар биллэн барбыта. Онтон ыла номнуо сүүрбэ сыл ааһа оҕуста. Бу бэлиэ күҥҥэ анаан Алексей кулун тутар 3 күнүгэр Дьокуускай куоракка “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр “Ситимнээх ситиһиилэрим” диэн иккис айар киэһэтин бэлэхтээри сылдьар. Алексей олоҕун, айар үлэтин туһунан кэпсэттибит.

— Оҕо эрдэхпиттэн ырыаһыт буолуоҕум, ол баҕа санаам хайаан даҕаны туолуоҕа диэн эрэнэр этим. Төрөппүттэрим пластинка ырыаларын иһитиннэрэллэрин өйдүүбүн. Араас музыкальнай инструмеҥҥа оонньоон саҕалаабытым. Биэс сааспыттан аҕам байаанныырын көрөммүн, кэлин бэйэм талкыйан хормуоскалыырга уонна гитаралыырга үөрэммитим. Оҕо сылдьан адьас тугу даҕаны көрбөт этим, кырачаан киһи түөрт улахан эпэрээссийэни ааһан, күн сырдыгын көрөр буолбутум. Бу сүүрбэ сыл иһигэр мин айар үлэбэр улахан сайдыы барда. Ырыа айартан саҕалаан устуудьуйа тэринним, салайааччы быһыытынан сайынным, ыытааччынан үлэлиибин.

ДОНСКОЙ ХАМААНДАТЫГАР

— Бастакы ырыаҕын хайдах айбыккыный?

— Уон алта сааспар Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище устудьуона этим. Арай биирдэ туох эмит туһунан ырыа айыахха диэн толкуйга түһэн, оҕо саас туһунан ыллыыр эбиппин диэн, хоһооммун, матыыппын толкуйдаабытым. Бу санаатахха, син өр айыллыбыта. Оҕотук санаабар, тылга улахан болҕомто уурбат этим, тута суруйан, айан, ыллаан барбытым. Оччолорго Николай Донской “Үрүҥ Уолан” диэн бөлөҕү салайан ыллатара. Мин гитарабын сүкпүтүнэн киниэхэ тиийэммин, “Оҕо сааспын” ыллаан иһитиннэрдим. Онуоха Донской: “Это стопроцентный хит! Биһиэхэ ырыаҕын биэр”, — диэтэ. Ону бэйэм ыллыахпын баҕарабын диэн аккаастаатым. Дьолго, Николай сөбүлэһэн ырыабын устуудьуйаҕа уһултарарбар көмөлөһөн, араадьыйаҕа биэрэммит, ырыам биллэн барбыта. Миигин араас кэнсиэрдэргэ, улахан тэрээһиннэргэ ыҥырар буолбуттара. Биирдэ кэнсиэртэн дьиэлээн истэхпинэ, билбэт кыргыттарым төгүрүччү тураат, иэдэспин дэлби сыллаан кэбиспиттэрэ (күлэр).

— Ырыаһыттарга, уопсайынан, киэҥ эйгэҕэ биллэр-көстөр дьоҥҥо, “сулус ыарыыта” баара кистэл буолбатах. Эн манна ыллара сылдьыбытыҥ дуо?

— “Сулус ыарыытынан” оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ыалдьыбытым. Онно оҕолорго анаан ыытыллар “Кыайыы салюта”, “Хотугу сулус”, “Сулускун умат”, “Миигин тэҥнээҕиҥ курдук көр” курдук улахан куонкурустарга ыллыырым, бастыырым. Арай, биир сыл “Сулускун умат” куонкуруска ыллааммын хотторон хааллым, өрүү кыайыылаах буолуохтааҕым курдук сананан, ытаан-соҥоон аҕай биэрбитим. Онтон сыыһабын өйдөөбүтүм, “сулус ыарыытынан” ыалдьан бүппүтүм. Хата, эрдэ “ыалдьыбытым” үчүгэй дии саныыбын.

АПОЛЛОН ТОМСКАЙ

— Ырыаһыт киэҥ эйгэҕэ тахсарыгар продюсер наада дуо? Эйиэхэ ким көмөлөспүтэй?

— Музыкальнай училищега Игорь Егоровтыын биир кэмҥэ үөрэммиппит, кини онно номнуо биллэр ырыаһыт этэ. Биир күн үөрэхпэр кэлэн байаанныы олордохпуна, билбэт уолум: “Игорь Егоров ханнаный? Эн кимҥиний?” – диэбитинэн киирэн кэлбитэ. “Алешабын”, — диэн мин симиктик эппиэттээтим, онуоха ол уол: “Ыллаан иһитиннэр эрэ”, — диэтэ. Мин хит буолбут “Оҕо сааспын” ыллаабыппар, “бу ырыаны эн ыллыыгын дуо?” – диэн олус соһуйда. Бу – Аполлон Томскай эбит. Кини оччолорго Игорь Егоровы уонна “Икс-Апп” бөлөҕү ыллата, “таһаара” сылдьара. Аполлоннуун үлэлэһэн саҕалаабыппыт, ырыа айан барбытым. Бэл, биир күҥҥэ үс ырыаны айарым. Эдэр ырыаһыт аҕыйах буолан, ырыаларым тута хит буолан иһэллэрэ. Онон, Аполлон мин айар үлэбэр улахан оруоллаах. Өрөспүүбүлүкэни биир гына гостуруоллаабытым. Биирдэ Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар кэнсиэр кэмигэр уот баран хаалбыта, онон тыыннаах доҕуһуолунан сарсыарда биэс чааска диэри ыллаабытым. Бу тухары биир даҕаны көрөөччү дьиэлээбэтэҕэ, дьон тарҕаспатаҕа.

— Онтон уонча сыллааҕыта биир кэмҥэ эстрадаттан сүтэ сылдьыбыттааҕыҥ. Тугунан дьарыктаммыккыный?

— Олохпор бу кэпсээбитим курдук куруук ырыа-тойук, үөрүү-көтүү эрэ баар буолбатах. Умса барыылар даҕаны ханна барыахтарай. Онон, ол кэмҥэ элбэҕи толкуйдаан бараммын, чугас дьонум, доҕотторум өйөөннөр, оскуолалары, ансаамбыллары кытта үлэбин саҕалаабытым. Уус Алдан Суоттутугар, Дүпсүнүгэр, Амма Эмиһигэр, Хаҥалас Тиит Арыытыгар, Чурапчы Мырылатыгар уус-уран салайааччынан, мусукаанынан үлэлээбитим. Бу нэһилиэктэргэ хор, ансаамбыл тэрийтэлээбитим, биирдиилээн оҕолору ырыаҕа дьарыктаабытым. “Тойук” норуодунай, “Дьүрүскэн оһуор”, “Ленские зори” курдук биллэр ансаамбыллары кытта үлэлээбитим.

«ПОТАПОВ ХАННА СҮТТЭ?»

— Ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьан, тоҕо төттөрү эстрадаҕа төннөргө санаммыккыный?

— Оннук үлэлии сырыттахпына, биир хаһыакка “Алексей Потапов ханна сүттэ? Тоҕо ыллаабат буолла?” диэн суруйбуттарын аахпытым, дьон сүтэрбит эбит диэн санаабытым. 2008 сыллаахха киэҥ эйгэҕэ төннүбүтүм. “Таптыыр кыыспар” диэн ырыабынан “Маэстро” куонкуруска кыттыбытым. Дьон ахтыбыта онно баар этэ, бары туран эрэ таһыммыттарыттан олус үөрбүтүм. Бу куонкуруска кыайан, “Көрөөччү биһирэбилин” ылбытым. Ол сыл бастакы айар киэһэбин оҥорбутум, онно, дьэ, иккис тыыммын ылбытым. “Этигэн хомус”, “Үрдэл” статуэткалары иккистээн ылары ситиспитим. Билигин устуудьуйалаахпын, фонограмма оҥоробун, эдэр ырыаһыттары кытта үлэлиибин. Ол курдук, Кэскил Баишев, Сергей Сорокин, Николай Бандеров-Дьулуур биллэр-көстөр дьон буоллулар.  Айар устуудьуйабар оҕотуттан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ дьарыктаналлар. Маны таһынан, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго айалларыгар-туталларыгар көмөлөһөбүн. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр икки ансаамбылы салайабын.

— “Ситимнээх ситиһиилэрим” кэнсиэргэр көрөччүлэри туох күүтэрий?

— Оҕо дыбарыаһын норуодунай образцовай аркыастырын, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр араас бөлөхтөртөн хомуллубут мусукааннар тыыннаах доҕуһуолларынан урукку-хойукку ырыаларбын ыллыаҕым, саҥа ырыаларбын сүрэхтиэҕим. Аны “Кыталык”, “Сюрприз”, “Күндэл” ансаамбыллар үҥкүүлүөхтэрэ. Айар киэһэбин Анжела Качановская туруорар, манна мин ырыаларбынан тахсыбыт ырыаһыттар – Сахая, быраатым Дима Потапов, Геннадий Семенов-Урааҥхай, Нелли, Кыталы Куо киэргэтиэхтэрэ. Бэйэм ырыаһыт, ырыа ­айааччы, салайааччы, мусукаан быһыытынан көстүөҕүм.

СЭМСЭ ТЫЛ

Айыына Иванова, Алексей Потапов сүгүрүйээччитэ, урбаанньыт:

— Мин Алексей Потапов ыллаан саҕалыырыгар улахан кылаастарга үөрэнэрим. Оччоттон баччаҕа диэри “Оҕо саас”, “Тапталлаахпар”, “Сайыҥҥы ырыа”, “Таптыыр кыыспар” диэн ырыаларын сөбүлээн истэбин. Аны остуол ыытааччы, бырааһынньыгы иилээн-саҕалаан ыытарын олус сөҕө көрбүтүм. Саҥата-иҥэтэ чуолкайа, улахана, остуолун оонньуулара бэһиэлэйэ – ураты таһым. Убаастыыр ырыаһыппын айар үлэтэ сүүрбэ сылынан эҕэрдэлиибин!

ОЛОҔУН ОЛУКТАРА

Потапов Алексей Алексеевич

1981 сыллаахха муус устарга күн сирин көрбүтэ.

1988 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөллөр оскуолаларыгар үөрэнэ киирбитэ.

 1997 сыллаахха Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа үөрэммитэ.

2000 сыллаахха “Олоҕум бастакы хардыыта” диэн бастакы аудиокассетата тахсыбыта.

2008 сыллаахха Дьокуускайга “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр бастакы айар киэһэтэ буолбута.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Алексей Потапов туһунан «Ис сүрэхтэн» биэриини көрүҥ:

+1
3
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0