Эдэр ыал Поповтар бэһиэн кэлэн быыбардаатылар

18.03.2018
Бөлөххө киир:

Варвара, Николай Поповтар элбэх оҕолоох эдэр ыал. Дьокуускай куорат олохтоохторо. Иккиэ бэйэлэрэ бүгүҥҥү быыбарга бэһиэ буолан кытыннылар.

“Ханнык баҕарар быыбарга ытык иэспитин толорон, хайаатар да иккиэн кэлэн куоластыыбыт. Быйыл уолаттарбытын үһүөннэрин илдьэ сырыттыбыт. Кыраларыттан быыбар диэн хайдаҕын көрдүннэр-иһиттиннэр диэн. Улахаммыт бастакы кылаас үөрэнээччитэ, кыраларбыт оҕо саадын иитиллээччилэрэ. Быйылгы быыбар суолтата наһаа улахан. Өскөтүн бу быыбарга кыттыбатахпыт буоллар, инникибитигэр төрүт наадыйбат, хайдах дойдуга олорорбутугар санаабытын уурбат силиһэ-мутуга суох дьон курдук сананыа этибит. Россия гражданиннарын быһыытынан, биһиги куоласпыт, биир сүрүн быһаарар оруоллаах диэн туран учаастакпытыгар кэлэн быыбардаатыбыт. Уонна киин куораппытыгар өрүү да буоларын курдук, бу күн араас тэрээһин ыытыллыбыта наһаа үчүгэй, киһи сүргэтин көтөҕөр, бэйэтэ бырааһынньык курдук буолла”, — диэн иһитиннэрэллэр эдэр ыал Поповтар.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0