Попова: «Арассыыйаҕа коронавируһунан ыалдьыы аччаан эрэр»

Ааптар: 
04.05.2020
Бөлөххө киир:

«Харантыын миэрэтэ ыам ыйын 12 күнүгэр уһуллуо диэн эрэниэххэ сөп»,  — диэтэ Роспотребнадзор баһылыга Анна Попова “Россия 24” телеханаалга Павел Зарубиҥҥа биэрбит интервьютугар.

edersaas.ru


Кини этэринэн, балаһыанньа дьон дьиэҕэ хааччахтанан олорууну хайдах тутуһарыттан тутулуктаах.
“Өскөтүн бүгүн кэһиини таһаардахпытына, ыам ыйын 12 күнүгэр, харантыын миэрэтин күүһүрдэрбитигэр тиийэбит. Оттон дьиэбитигэр олорон, бэйэбит уонна чугас дьомммутугар кыһаннахпытына, кэккэ хааччахтааһыннар уһуллуохтара”, — диэн быһаарда кини.
Попова хаарчахтааһын эрэһиимиттэн сыыйа тахсыахтаахпытын бэлиэтээтэ. Саамай тиһэҕэр маассабай тэрээһиннэри ыытыыга бобууну устуу буолуоҕа. Кини сууккаҕа төһө да сутуллубут дьону булуу ахсаана эбиллэрин үрдүнэн, Арассыыйаҕа коронавируска сыстыы ахсаана туруктаахтык аччаан иһэрин эттэ.

Елена Манукиян, “Российская газета” хаһыат
Бэлэмнээтэ Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат
Хаартыска: интэриниэттэн

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0