«Полярные авиалинии» сылы иэһэ суох түмүктүүр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 «Полярные авиалинии» хампаанньа  2018 сылы иэһэ суох түмүктээн эрэрин туһунан  дириэктэр Семен Винокуров иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

«Биһиги хампаанньа сылы иэһэ суох түмүктээн эрэбит. Нолуокка, кирэдьииккэ  иэспит суох. 2018 сылы 4 млрд солкуобай  дохуоттаах түмүктүүбүт. Ити көрдөрүү былырыыҥҥытааҕар 5% үрдүк. Саахал мэдиссиинэтэ, Авиалесоохрана, Быыһыыр сулууспа, «Якутоптторг» тэрилтэлэри кытары быһаарыллыбатах боппуруостарбытын быһаарыстыбыт. Бүтэһик икки сылга атын тэрилтэлэртэн ылыахтаах иэспит 700 мөл. солк этэ. Оттон быйыл СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников күүскэ үлэлэһэн, 500 мөл. солк. аччаттылар», — диэтэ Семен Винокуров.

Быйыл «Полярные авиалинии» авиахампаанньа  125 тыһыынча киһини сөмөлүөтүнэн араас хайысханан таста. Таһаҕаһы таһыыга эмиэ эбиллии бэлиэтэнэр. Сөмөлүөт көтөрө 13 %-нан үрдээбит. 35%-нан билиэт онлайн уонна сайт нөҥүө атыыланара элбээбит. Быйыл сөмөлүөт дьону Аммаҕа уонна Уус Алдаҥҥа таһан саҕалаабыта.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0