«Полярные авиалинии» саҥа рейстэри олохтоото

Бөлөххө киир:

Кыһыҥҥы суол сабыллан, «Полярные авиалинии» АХ  Л-410 сөмөлүөтүнэн «Маҥан» аэропуордуттан муус устар уонна ыам ыйдарыгар Уус Маайаҕа, Хаандыгаҕа, Алдаҥҥа, Сангаарга саҥа рейстэри олохтоото.

Уус Маайаттан муус устар 19 күнүттэн ыам ыйын 31 күнүгэр диэри хас бэнидиэнньик уонна сэрэдэ ахсын сөмөлүөт көтөр. Билиэт сыаната 14250 солкуобай.

Хаандыгаҕа муус устар 20 күнүттэн ыам ыйын 28 күнүгэр диэри оптуорунньук, бээтинсэ ахсын. Билиэт сыаната  17000 солк. үөһээ.

Алдан: муус устар 21 күнүттэн ыам ыйын 26 күнүгэр диэри сэрэдэ ахсын. Тарыып  18650 солк. үөһээ.

Сангаар: муус устар 20 күнүттэн ыам ыйын 28 күнүгэр диэри. Оптуорунньукка уонна бээтинсэҕэ. Тарыып 11550 солк. үөһээ.

edersaas.ru

Хаартыска: https://polar.aero

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0