Польша экстремал-велосипедиһа Өймөкөөҥҥө Гиннесс рекордун олохтоото!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 Польша экстремал-велосипедиһа Валерьян Романовскай Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө тиийэн 48 чаас устата тохтоло суох айаннаан, бүгүн Гиннесс рекордун олохтоото.

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат  «Эдэр саас»

Икки күнү быһа бэлисипиэтинэн сүүрдүбүт киһи сылайан, утуйар буолан, сарсын сарсыарда кэпсэтиэх буолан болдьостубут.

Ол эрээри поляктар киэһэ бириэмэ булан, биир чаас иһигэр оскуола оҕолорун уонна учууталлары кытта көрүстүлэр. Ньукулай Кырбаһааҥкын аатынан орто оскуола алын сүһүөх кылааһын учуутала Агафья ГОТОВЦЕВА иһитиннэрбитинэн, поляк: «Бастаан ыарырҕаттым», — диэбит. «Үчүгэй бэлэмнээх эрэ буолан сорукпун ситтим. Хаар түһэ турар буолан, халыҥ хаарга тэбэр уустук эбит. Аны түүн ыт элбэҕэ эрэйдээтэ. Хата, ытырбатылар. Уопсайынан, Өймөкөөнү олус сөбүлээтим. Цивилизация буорту  оҥоро илик дойдута эбит. Таба этэ минньигэс да эбит!» — диэн санаатын үллэстибит.

Дьэ, онон Гиннесс рекордун олохтообут Валерьян Романовскайы кытта кэпсэтиибитин сиһилии сарсын сырдатыахпыт!

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат  «Эдэр саас»

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0