«Өлбөт үйэлээх полк» сэлэлээн хаамыы кыттыылаахтара

Ааптар: 
06.05.2017
Бөлөххө киир:

Февронья Неустроева Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгиттэн төрүттээх. Дьокуускайга олохсуйбута уонтан тахса сыл буолла.

Февронья Михайловна аҕатын, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Михаил Петрович Неустроев мэтириэтин тутан, сиэннэрин кытта «Өлбөт үйэлээх полк» сэлэлээн хаамыы тэрээһинигэр быйыл аан бастаан кыттар.

Мин аҕам Михаил Неустроев 1943-1945  сылларга «Бурято-Монгольская кавалерийская дивизия» диэн байыаннай чааска сулууспалаабыт. Кини онно фроҥҥа барар аттары көрүүгэ-истиигэ сылдьыбыт. Байыаннай билиэтигэр «стрелок» диэн дуоһунас сурулла сылдьара. 1945  с. Илиҥҥи фроҥҥа ыыппыттар. 1947 с. доруобуйатын туругунан сыыйыллан кэлбит.

 10 бииргэ төрөөбүттэртэн билигин тохсуобут. Бары ыал буолан, «эбээ-эһээ» дэтэр минньигэс сиэн дьонноох халыҥ аймахпыт. Аҕабыт тыыннааҕар (2001 с. өлбүтэ) биир улууска олорор буолан, төрөөбүт дьиэбитигэр аҕабытын эҕэрдэлээри, хайаан да бары мустарбыт. Ол иһин ыам ыйын 9 күнэ — биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай сырдык, үөрүүлээх бырааһынньык. Билигин ким ханна олорорунан аҕабыт мэтириэтин туппутунан «Өлбөт үйэлээх полк» диэн сэлээлээн хаамыы тэрээһинигэр кыттабыт. Бу күннэргэ  сиэннэрим хос эһэлэрин мэтириэтин саҥардан аҕалан, миэхэ туттардылар. Онон «Өлбөт үйэлээх полк» тэрээһиҥҥэ кыттарга бэлэммин, — диэн кэпсиир Февронья Михайловна.

“Бессмертный полк” тэрээһиҥҥэ Чурапчыттан төрүттээх үс медик эдьиийдии-балыс Любовь Алексеева, Надежда Лазарева, Вера Слепцова (Белолюбскаялар) дьиэ кэргэттэрин кытта номнуо үһүс сылларын кыттыахтара.

Эдьиийдии-балыстыы Любовь, Надежда, Вера Дьокуускайга "Бессмертный полк" тэрээһиҥҥэ

Ыал кыра кыыһа Вера Борисовна:

— Маннык тэрээһин билигин биһиги кэккэбитигэр суох буолбут дьоммутун өйдүү-саныы сылдьарбытыгар, кинилэр сыдьааннара баалларын, олохторун халтай толук уурбатахтарын туоһулуур тэрээһин дии саныыбын. Олус долгутуулаах, киһи хараастар күнэ. Биһиги эһээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин II истиэпэнэ уордьаннаах Белолюбскай Ксенофонт Титович 1944 сыл алтынньы 17 күнүгэр Восточнай Пруссияҕа өлбүтүн туһунан сурук кэлбит. Краснознаменскай оройуон Победино бөһүөлүгэр харайбыттар. Иккис эһээбит, ийэбит аҕата Местников Роман Иванович 1942 сыллаахха сураҕа суох сүппүт. Онон эбээлэрбит эдэркээн бэйэлэрэ огдообо хаалан, эрэйи көрбүттэр. Хата, ийэбит таайа Албан аат III истиэпэнэ уордьан кавалера Скрябин Николай Васильевич-II сэрииттэн тыыннаах эргиллэн, ийэм аах атахтарыгар туралларыгар күүс-көмө буолбут. Кини дойдутуттан 1942 сыл бэс ыйыгар фроҥҥа ыҥырыллыбыт. Хотугулуу-Арҕаа фроҥҥа тиийбит, 159-с стрелковай дивизия, 421-с полкатыгар кыттан, сэриигэ киирбит. Новгородскай, Калининскай уобаласка сэриилэспит. Икки төгүл бааһырбыт. Ол түмүгэр инбэлиит буолан, дойдутугар эргиллибит. 1942 сыл сэтинньититтэн 1944 с. кулун тутар 28 күнүгэр диэри, тохтоло суох, Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар кыргыспыт. Николай Васильевич 30-ча сыл тутууга үлэлээбитэ. СӨ Үрдүкү Сэбиэтин, оройуон, холкуос, сопхуос Бочуотунай кырааматаларынан наҕараадаламмыта.

Манан биһиги оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр холобур көрдөрөбүт. Кинилэр бүгүҥҥү эйэлээх олохторун туһугар бэйэлэрин олохторун толук ууран туран сэриилэспит дьону хайаан даҕаны кэриэстиэх тустаахтар. Ийэбит Мотрена Романовна, аҕабыт Борис Ксенофонтович билигин 80-чалаах дьон. Иллэрээ сыл “Бессмертнай полкаҕа” кыттыспыттара. Былырыыҥҥыттан бэйэбитин, сиэннэрин ыыталыыллар.

Гаврил Левин, дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергиэтикэ миниистирэ:

– Биһиги эһээбит Матвей Афанасьевич Максимов 1900 сыллаахха Кэбээйигэ төрөөбүтэ. Сэрии ыар сыллара саҕаланан, 42 сааһыгар аармыйаҕа ыҥырыллан барбыта. Смоленскайга тиийэ сэриилэспитэ. Хомойуох иһин, 1943 сыллаахха сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубута. Смоленскайга «Братскай могилаҕа» көмүллэ сытар.

«Өлбөт үйэлээх полк» сэлэлии хаамсыыта үтүө үгэскэ кубулуйан, норуоту сомоҕолуур, көлүөнэлэри сибээстиир буолла. Инньэ гынан, билигин Москваҕа баар кыыһым Мария Левина «Өлбөт үйэлээх полк» диэн сэлэлии хаамыыга кыттыахтаах. Сыл аайы маннык тэрээһиннэргэ оскуола оҕолоро, эдэр ыччат көхтөөхтүк кыттар буолбуттара кэрэхсэбиллээх диэн бэлиэтиэм этэ.

Спиридон Борбуев, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы:

– Оҕолорбун кытта хос эһэлэрин сэрии бэтэрээнин мэтиэритин тутан тахсыахпыт. Бу 70 сыл тухары ыытыллыбыт олус наадалаах тэрээһин буолар. Кэлиҥҥэ кэмҥэ Улуу Кыайыы күнэ олус күүстээх тыыннанна дии саныыбын. Нэһилиэнньэ анаан-минээн эрдэттэн тэринэн көхтөөхтүк кыттар буолла. Аны туран, эдэр дьон кытталлара элбээтэ. Ону инстаграммҥа, фейсбукка уган үллэстэллэрэ олус үчүгэй.
Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар өлбүт үйэлээх полк колуоннатыгар сэрии бэтэрээннэрин эрэ мэтириэттэрин буолбакка, кыайыыны тыылга уһансыбыт бэтэрээннэр мэтэриэттэрин тутан эмиэ хаамыахпыт.

Анивера Акимова, Александр Тарасов, Людмила ПОПОВА, Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0