“Нам доверена память” диэн Ис дьыала министиэристибэтэ ыытар патриотическай десана үлэтин Сунтаартан саҕалаата.
edersaas.ru
“Нам доверена память» патриотическай десан үлэтин Сунтаартан саҕалаабыта икки бүк үөрүү буолла. Бу күн: “Ура! Ура! Ура!”, – диэн үс төгүл өрөгөйдөөх хаһыынан Сунтаардааҕы ис дьыала отдела устуоруйатын анал хоһо арылынна. Бу кыра буолан баран, ол эрээри дьоһун суолталаах түмэлгэ полиция архыыба хараллыаҕа.
Бөлөҕү СӨ Ис дьыала министиэристибэтин тус састаабын кытары үлэҕэ управлениетын начаалынньыга Александр Кутепов иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта. Десан полиция үлэһиттэригэр сүбэ-соргу биэрэрин таһынан, үлэлэрин кытта билсиһии уонна сылдьыбыт сирдэригэр айар талааннаахтарын көрдөрүү буолар. Дойдуларын, дьоннорун бигэ олохторун туһугар туруулаһар дьон, талааннаахтарын көрөн олуһун сөхтүбүт. Манна Улуу Москуба куоракка тиийэ ыллаабыт полиция үлэһиттэрэ аҥаардас “Ма-Мария” диэн ырыаларын истэн, ону кытта “Поле чудес” телевизионнай оонньуу кыайыылааҕа Ютаны көрөн олуһун астынныбыт.
Мария КОБЕЛЬЯНОВА – ТУСКУЛААНА, Сунтаар, edersaas.ru сайтка анаан