Полиция үлэһитэ Иван ЕГОРОВ: «Кэлтэйдии буруйдааһын суох буолуохтаах»

Ааптар: 
14.11.2016
Бөлөххө киир:

“Место встречи изменить нельзя” диэн культовай киинэни көрө илик, бу 33 сааһыгар диэри арыгы диэни иһэ илик, табах диэни тарда илик полицейскайы кытта илэ билсэр күннээх эбиппин! Кини – Дьокуускай куорат полициятын 3 №-дээх отделын силиэстийэҕэ салаатын салайааччыта, юстиция майора Иван Егоров. Кэргэннээх, икки оҕолоох. 

  Уус Алдан Бээрийэтиттэн төрүттээх Иван олоҕун суола юридическай хайысханан салаллыахтааҕа оҕо эрдэҕиттэн биллибит. Онуоха угуйар-умсугутар киинэлэри да көрбөтөр, онуоха сыһыаннаах кинигэлэри да аахпатар, “бу оҕо биитэр борокуруор, биитэр силиэдэбэтэл буолууһук” диэн оччоттон сылыктыыллар эбит. Барытын ымпыктаан-чымпыктаан токкоолоһор, ырытыһар, тиһэҕэр тиийэ быһаарсар үөрэнээччи Ваня, дьиҥэр, история, обществознание курдук предметтэри ордук интэриэһиргиирэ эбитэ үһү да, оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар юрист идэтигэр үөрэнэ киирбит. 2005 сыллаахха үөрэҕин бүтэриэҕиттэн, силиэстийэ эндирдээх суолун талбыт – сулууспатын 3-с отдел силиэдэбэтэлиттэн саҕалаан, ураты суолталаах дьыалалары, онтон экономическай буруйдары силиэстийэлиир салаа силиэдэбэтэлинэн, салайааччытынан үлэлээбит.    

— Аан бастаан силиэстийэлээбит дьыалаҕын кэпсиэҥ дуо, Иван Иванович.

— Үөрэхпин бүтэрэн, манна ананан кэлээппин, формабын ыла да иликпинэ, уон хонук буолан баран, талааһын дьыалатын биэрбиттэрэ. Бу үс киһилээх бөлөх оҥорбут буруйун дьыалатын силиэстийэтин сахалыы ыыппытым. Барыллааһын силиэстийэ кэмигэр хаарчахтыыр миэрэ быһыытынан, икки киһини Силиэстийэлиир изоляторга хаайбыппын, үһүс киһини ханна да барбат баппыысканан ыыппыппын өйдүүбүн.

Биһиэхэ, силиэдэбэтэллэргэ, бэйэ-бэйэни өйөһүү, көмөлөсүһүү диэн баар. Ол бастакы дьыалабын силиэстийэлиирбэр, бииргэ үлэлиир дьонум миэхэ сүрдээҕин көмөлөспүттэрэ. Уорбаланааччылар оҥорбут буруйдарын чэпчэтинээри, “сымнаҕас” ыстатыйаҕа сөп түбэһэр көрдөрүү биэрэ сатаабыттара. Үһүөн сууттаммыттара.

— Хастыы сылга барбыттарай?  

— Ону өйдөөбөппүн ээ. Уопсайынан, биһиэхэ сүрүнэ диэн – силиэстийэлээбит дьыалабыт суукка тиийэрэ уонна буруйдуур бириигэбэр тахсара. Оттон ханнык миэрэнэн накаастаммытын ирдэһээччибит суох.

— Таах даҕаны элбэх дьыаланы тэҥинэн силиэстийэлиир буолан, ону хас биирдиитин тугунан түмүктэнэрин кэтээбэккит да буолуо. Эн салайар салааҥ ноҕорууската хайдаҕый?

  — Билигин сүүсчэкэ дьыала силиэстийэлэнэ сылдьарыттан, ый аайы сүүрбэччэни бүтэрэн, суут көрүүтүгэр ыытабыт. Ол эбэтэр, биир силиэдэбэтэлгэ 10-20 дьыала баар.

Саамай өйдөнөн хаалбыт, интэриэһинэй дьыалаҥ эйиэхэ баар дуу?

— Оннук баар: хас да сыллааҕыта “Ренессанс” атыы-эргиэн дьиэтигэр тахсыбыт уорууну силиэстийэлиир, арыйар бэрт интэриэһинэй этэ. Биир үлэһиттэрэ уора сылдьыбытын саппыт этэ – вирус сакаастаан, ону товаровед компьютерыгар киллэрбит.

— Эһиги, ис дьыала уорганнарын силиэдэбэтэллэрэ, уорууну, халааһыны, талааһыны, түөкүннээһини, суол быһылааннарын, доруобуйаны ыараханнык эчэтиини силиэстийэлиигит. Буруй көрүҥнэринэн ырыттахха, холобура, ити ППС, ОВО полицейскайдарын кытта рейдэҕэ сырыттахха, уулуссаҕа халааһын, талааһын таҕыстаҕына, хайаан да сахалар буолаллар. Оттон уорууну, массыынаны күрэтиини, наркотикка сыһыаннаах буруйдары, сүрүннээн, нууччалар оҥороллор диэн өйдөбүллээхпин. Ити төһө оруннааҕый?

— Оруннаах диэххэ сөп. Дьиэлэртэн, кыбартыыралартан уорууну 90 %-нын нууччалар —  урут сууттана сылдьыбыт “домушниктар” оҥороллор. Бөлөҕүнэн. Кинилэри тутан, хаайыыга ыыттахха, уоруу көрдөрүүтэ биллэ намтыыр. Холобура, 2013 сыллаахха биир “домушник” 38 эпизодун дакаастаан хаайбыппыт. Куорат араас оройуонан сылдьан уорар эбит этэ.

Оттон халааһын, талааһын, кырдьык – сахалар. Урукку курдук бэргэһэ устуута суоҕун кэриэтэ (билигин нуорка бэргэһэни кэтэр киһи аҕыйах буолуо), ол оннугар суотабай төлөпүөнү, харчыны былдьааһын, уоруу баар.

— Итинник көстүүнү тугунан быһаарыахха сөбүй?

— Психологиянан. Сахалар үксүгэр арыгы иһэн баран буруйу оҥороллор. Ыччат киэҥ куоракка кэлэн, көҥүл-босхо барбыт курдук саныыр. Участковай нэһилиэк аайы суох, ол иһин буруйу эрдэттэн сэрэтэр-өйдөтөр үлэ дэриэбиэнэҕэ ыытыллыбатын кэриэтэ. Инньэ гынан, антах охсуспуттара-бурайсыбыттара накаастабыла суох хаалан иһэригэр үөрэнэн, манна кэлэн, уулуссаҕа биир киһини көрсөн дөйүппүттэрэ, туох эрэ малын былдьаабыттара холуобунай дьыалаҕа кубулуйарын өйдөөбөттөр. Буолаары буолан, итилэриҥ – ыарахан ыстатыйалар.

Уорбаланааччыны биирдэ эмит аһынан ылбыт түгэннээххин дуо? Эбэтэр саанааччылар бааллара дуу, “бэйикэй, иэстэһиэхпит” эҥин диэн?

 — Аһыммыт түгэним суох, сааммыттарын да өйдөөбөппүн.

Уопутурбут салайааччы-силиэдэбэтэл быһыытынан этиэҥ дуо, идэтийбит, үчүгэй силиэдэбэтэл буоларга ханнык хаачыстыбалар наадаларый?

 — Хас биирдии силиэдэбэтэл бэйэтэ психолог буолуохтаах. Буруй ис дьиҥин арыйарга. Буруйдааҕы ыраас мууска таһаарарга. Кэлтэйдии буруйдуу эрэ сатааһын диэн суох буолуохтаах. Чугас киһитин көмүскээн, буруйа суох киһи буруйу бэйэтигэр ылына сатыыр түгэннэрэ элбэх. Оннук киһилиин чуумпу быһыыга-майгыга киһилии тылынан-өһүнэн, кини дууһатыгар киирэр гына, кини таһымыгар сөп түбэһэр гына кэпсэтэн, дьиҥ-чахчыны быһаарыахтааххын.

Бу 9 ый түмүгүнэн, 3-с отдел көрөр сиригэр-уотугар криминогеннай быһыы-майгы хайдаҕый? Уопсайынан, кириисис, дьон үлэтэ суох хаалыыта эҥин төһө дьайарый?

— Эриэ-дэхси. Улахан намтааһын да, үрдээһин да бэлиэтэммэтэ. Дьон үлэтэ суох хаалыыта, биллэн турар, буруйу оҥоруу туругар биллэрдик дьайар. Экономическай балаһыанньа төһөнөн ыараан иһэр, соччонон малга-салга, олоххо-дьаһахха сыһыаннаах буруйдар элбииллэр. Тэҥнэбилгэ диэн эттэххэ, холобура, 2005 сыллаахха уоруу күн аайы тахсар эбит буоллаҕына, билигин ыйга — 3-4 эрэ чахчы.

Иван Иванович, кэпсэтиибит түмүгэр, тугу эмит этэрдээх буолаайаҕын?

— Ыччакка сүбэлиэм этэ. Куоракка киирэн, дэриэбинэлии өйтөн-санааттан аккаастанан, боччумнаахтык сылдьалларыгар баҕарабын. Саха оҕото үксүгэр итинник киирэн биэрэр. Манна киһини көннөрү үөхтэххэ даҕаны холуобунай эппиэккэ тардыллыахха, киһини кырбаатахха, хаайыыга барыахха сөп. Ону өйдүүллэригэр.

Вера МАКАРОВА, сэтинньи 10 күнэ 2016 сыл.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0