Абый оройуоннааҕы федеральнай суутугар Белай Гора бөһүөлэгин олохтооҕун дьыалата көрүлүннэ. Кинини силиэстийэ уорганнара полицейскайы сутуругунан охсууга буруйдаабыттара.
Суут быһаарбытынан, бу дьыл муус устар ыйыгар кинини полиция үлэһиттэрэ РФ Административнай кодексатын 6.1.1. ыстатыйатынан оҥорбут кэһиитин иһин тута кэлбиттэр. Ол эбэтэр, киһини кырбааһын иһин.
Онуоха бу киһи итирик эбит, онтугар тэптэрэн буолуо, биир полицейскайы сутуругунан сирэйгэ охсубут.
Былаас бэрэстэбиитэлэ дуоһунаһын эбээһинэһин толорор кэмигэр, кини олоҕор уонна доруобуйатыгар куттала суох күүһү туттуу РФ Холуобунай кодексатын 318-с ыстатыйатыгар сөп түбэһэр.
Суут кинини ити ыстатыйанан буруйдааҕынан билинэн, 25 тыһ. солк. суумалаах ыстараап төлүүргэ уурбут. Суут сууттанааччы буруйун толору билиммитин учуоттаан, итинник бириигэбэр таһаарбыт.
Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирбитин туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.