Кэрэ Полина

17.11.2016
Бөлөххө киир:

Полина Протодьяконова – Америкаҕа баран, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар, этэргэ дылы, аан дойду таһымыгар тахсыбыт, билиҥҥитэ сахалартан соҕотох модель. 2014 сыллаахха Арассыыйа 10 саамай кыраһыабай куоларын ахсааныгар киирбитэ. Кинилэри Арассыыйаҕа олорор 42 омук саамай кыраһыабай дьахталларыттан талбыттара. Уон сыллааҕыта сэмэй, килбик тыа кыысчаана “Мисс Виртуальная Якутия” куонкуруска кыайан, муода эйгэтигэр киирбитэ, аата ааттаммыта. Ол гынан баран, Полина ситиһиллибитинэн тохтоон хаалар былаана суоҕа. Кини бастаан «Point», «Idolmodels» агентстволары кытары үлэлэспитэ, онтон Сингапурга, Кытайга үлэлээн, балачча уопутурбута. Салгыы икки сыл Парижка, Лондоҥҥа, Милаҥҥа, Берлиҥҥэ үлэлээбитэ. Билигин Нью-Йорк куоракка олорор.

Туох барыта оҕо саастан саҕаланар дииллэр… Оҕо сылдьан ыра санааҕар, ким буолан, хайдах олоруом дии саныыр этигиний? Эн билиҥҥи олоҕуҥ ол ыра санааҕар сөп түбэһэр дуу, төттөрүтүн, куоһарар дуу?

— Оҕо сылдьан “Волшебник Изумрудного города” остуоруйа дьоруойа Элла курдук буолуохпун баҕарар этим. Аны санаатахпына, оннук курдук, кырдьык, атын дойдуга торнадонан соһуччу көтөн кэлбит курдук эбиппин. Дьиҥэ, арааһа, учуутал буолуохпун баҕарар быһыылааҕым. Үлэлии сылдьыбытым, ылларбатаҕым, сөбүлээбэтэҕим. Ол иһин уурайбытым.

Олоххун тосту уларыппыт түгэннэр төһө элбэхтэрий?

— Олоҕу тосту уларытар түгэннэри киһи бэйэтэ оҥорор. Олоххун уларытыаххын баҕарар буоллаххына, бэйэҕиттэн саҕалаан, ис туруккун, тас эйгэҕин уларытыаххын наада. Мин мэлдьи уларыйабын, уларыйыы – сайдыы төрдө дии саныыбын.

Киһи ситиһиитэ ордук туохтан тутулуктааҕый: бэйэтин дьайыытыттан дуу, үрдүкү күүстэр көмөлөһөллөрүттэн (бааттаах буолуу) дуу?

— Нумерологтар этэллэрин курдук, киһи төрөөбүт күнэ, чааһа, киһиэхэ иҥэриллибит аата кини олоҕор улахан төрүт, олук буолар. Майгыҥ-сигилиҥ кытта онтон тутулуктаах буолар эбит. Киһи куруук үрдүккэ тардыһыахтаах, туох эмит талааннаах буоллаҕына, онтун сайыннарыахтаах. Оччоҕо киһи дьоллоох буолар. Киһи сөбүлүүр үлэтигэр үлэлиир буоллаҕына, ситиһиилэнэр. Ситиһии кистэлэҥэ итиннэ сытар.

— Ханнык ситиһиилэргинэн киэн туттаҕыный?

— Киһи киэн туттар ситиһиитин оҥоро иликпин дии саныыбын.

Олоҕу, дьону таптыахха наада

Полина модель ыарахан идэтин билэ-билэ талбыта. Модель бэйэтэ билэринэн үлэлиир, айар-тутар бырааба суох. Кини модельердартан, режиссердартан, фотографтартан тутулуктанар. Кинилэр ирдэбиллэринэн, саҥаттан саҥа уобарастары арыйан иһиэхтээх. Дьону кытта сатаан алтыспат, мичээрдээбэт модель ситиһиилэммэт. Кини төһө да сылайдар, аччыктаатар, үҥсэргиэ, хаппырыыстыа суохтаах. Муода нэдиэлэтин сүпсүлгэнэ олус ыараханнык ааһар. Модель үрдүк уҥуохтаах (178 см), голливудскай мичээрдээх буолуохтаах. Ханнык да дойдутааҕар Америкаҕа модель идэтэ ордук сыаналанар, үчүгэйдик төлөнөр.

Олох олоруу сыала тугуй – дьоллоох, ситиһиилээх буолуу?

— Олох олоруу сыала – олох олоруу. Ол олоҕум эбиитин дьоллоох буоллаҕына, өссө үчүгэй. Сорох дьон куруук кыһалҕа эрэ туһунан толкуйдууллар, дьиҥ олоххо буолбакка, ханна эрэ санаа-оноо дойдутугар бараллар. Кыһалҕа онтон суох буолан хаалбат, онон эниэргийэни оннукка барыа суохха наада. Хас биирдии тыыныынан бу сибилигин олох олоруохха наада, кыраттан да үөрэн, дьоллонон. Омуннаабакка эттэххэ, күн көрбүтүттэн, тыал үрбүтүттэн үөрэн, астынан.

— Оттон ыарахан түгэннэри хайдах аһарынаҕын?

— Олоххо араас буолар. Ыараханы тулуйан эрэ аһарынаргар тиийэҕин. Бириэмэ эмчит, хаһан эмит кыралаан умнуллар, киһи тулуйумтуо буолар. Күүстээх санаа түһүүтүгэр ылларыа суохха наада.

Саҥа дьыаланан дьарыктан, бэйэҕин сайыннар, холобур, омук тылын үөрэт… Кылаабынайа, бэйэҕин аһыныа суоххун наада, ити улахан сыыһа. Олох син биир ыарахаттардаах буолар, дьоллоох да түгэннэрдээх. Хайдаҕын да иһин, ити олох, оттон олоҕу таптыахха наада.

Соторутааҕыта “Подиум” бырайыакка кыттыыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

— “Подиум” бырайыак, дьиҥинэн, туох да улахан событие буолбатах. Миэхэ көннөрү үлэ. Бэйэм ити биэриини көрбөппүн даҕаны, дьон-сэргэ сөбүлүүр быһыылаах.

— Эн билигин күҥҥэ хас чаас үлэлиигин? Үлэҥ сүнньэ тугуй? Кэнники кэмҥэ ханнык бырайыактарга үлэлиигин?

— Мин күннээҕи режим диэни билбэппин. Сороҕор 10 чаас, сороҕор күн аҥара үлэлиэхпин сөп. Сарсыҥҥы күнүм тутулун, буоларын курдук, киэһэ аайы ыыталлар. Онон сарсыҥҥы күммүн киэһэ былаанныыбын. Үлэм сүнньэ – реклама. Интэриниэт маҕаһыыннарга, сурунаалларга, тэлэбиидэнньэҕэ рекламаҕа уһуллабын. Таҥас-сап, косметика, спорт таҥаһын каталогун уһулабын. Билигин кыралаан бэйэм камераны тутан дьүөгэлэрбин түһэрэбин.

— Оттон сынньанары сатыыгын дуо?

— Сынньанары сатыыбын. Миэхэ сынньанарбар йога, медитация көмөлөһөр. Үксүгэр йога иннинэ мантра ааҕабыт, ол мантра ис хоһооно дириҥ философиялаах. Онон ол быыһыгар саҥаҕа үөрэнэҕин, толкуйдуугун.

Ааҕарбын, доҕотторбун кытары бириэмэбин атаарарбын сөбүлүүбүн. Айылҕаҕа тахсыы киһиэхэ күүс-уох биэрэр. Нью-Йорк куоракка олорор буоламмын, айылҕаҕа дэҥҥэ тахсабын, ол тахсыыбар хайаан да парашютунан ыстанабыт. Уопсайынан, сынньанарбын сатыыр эбиппин.

— Парашютунан ыстаныы, спорт экстремальнай көрүҥнэрэ эйиэхэ тугу биэрэллэрий?

— Парашютунан ыстаныы – бэйэни, бэйэ кутталын кыайыы. Мин урут үрдүктэн, үөһэттэн наһаа куттанар этим, ол иһин ону кыайаары, парашютунан ыстана барбытым. Аан бастаан ыстанан баран, бастакы санаам: ”Мин тугу барытын дабайыахпын, кыайыахпын сөп эбит!” диэн. Киһи сатаабата диэн суох.

Дойдум ыраас салгынын ахтабын…”

Полина хаһан да бэйэтин үрдүктүк санаммат, ситиһиитинэн дуоһуйан тохтоон хаалбат идэлээх. Олус үлэһит уонна туруоруммут сыалын ситиһэр. Дойдутугар сылга биирдэ-иккитэ хайаан да кэлэн барар. Ийэтигэр, бииргэ төрөөбүттэригэр көмөлөһөр. Кини төрөөбүт-үөскээбит Быракааныгар (Үөһээ Бүлүү) 200-тэн эрэ тахса киһи олорор. Саха сириттэн аан дойдутааҕы муода индустриятыгар тахсыан баҕарар кыргыттарга көмөлөһөр санаалаах.

— Үксүгэр эдэр дьон саҥаны оҥороллорун, билбэт дойдуларыгар баралларын куттаналлар. Кинилэргэ тугу сүбэлиэ этигиний?

— Аныгы эдэр дьон соччо куттамматтар дии саныыбын. Ордук саастаах көлүөнэ дьон куттаналлар, саҥаны, атыны ылымматтар. Куттанар дьон хаһан да, ханна да ырааппаттар. Саҥаттан куттанар дьону олох өйдөөбөппүн, мин санаабар, саҥа, ураты барыта наһаа интэриэһинэй. Киһи онтон тугу эмит бэйэтигэр ылынан үөрэниэхтээх, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаах дии саныыбын. Онон, куттанымаҥ, атын дойду култууратын, үгэстэрин билэр наһаа интэриэһинэй.

— Саха сирин төһө ахтаҕын?

— Дьоммун, ийэбин ахтабын, төрөөбүт дойдум ыраас сибиэһэй салгынын, ырааһын, чуумпутун…

— Сахалыы ювелирнай киэргэллэри оҥорон атыылыыр аан дойдутааҕы бренд оҥорор баҕалааххын эппитиҥ… Ол туһунан үллэстиэҥ дуо?

— Ити мин хас да сыл анараа өттүгэр эппит тылларым эбит. Мин билиҥҥи санаабар, саха ювелирнай киэргэллэрэ миигинэ да суох наһаа үчүгэйдэр, кэрэлэр. Онон орооспотум ордуга буолуо. Билиҥҥи сыалым – хаартыскаҕа түһэрии миэхэ ордук чугас, өйдөнүмтүө, уонна билэр дьон этэллэринэн, сатанар, табыллар курдук, онон ол өттүнэн үлэлиэм, талааммын арыйыам.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА


Ыспыраапка

Полина Протодьяконова Лондоҥҥа, Парижка, Москваҕа, Нью-Йорка буолар муода нэдиэлэлэригэр үлэлээбитэ. Dasha Gauser, Nina Donis, Alexander Terekhov, Viva Vox, Serguei Teplov, Vika Gazinskaya, уо.д.а. биллэр модельердары кытары үлэлэспитэ.

2013 сылтан “Vivienne Westwood” биллэр бренды кытары үлэлэһэр. Косметиканы оҥорор Garnier, lexus массыына брендэ, о.д.а. корпорациялар рекламаларыгар уһуллубута.

Американскай «Marie Claire», французскай «Numero», британскай «Sunday Telegraph», о.д.а. сурунаалларга хаартыскалара бэчээттэммитэ. «Joe’s Jean»s, «Max Studio», о.д.а. хампаанньалары кытта лукбук (каталог) тахсыбыта.

Соторутааҕыта Америкаҕа киэҥник биллэр, модельердар “Подиум” куонкурустарыгар (ыытааччы – топ-модель Тайра Бэнкс) модель быһыытынан кыттыбыта.

Үрдүгэ: 177 см.

Параметра: 80-60-88.

Инстаграмҥа: @polinaprotodyakonova (37,4 тыһ. сурутааччылаах).

Үөрэҕэ: СГУ филологическай факультетын бүтэрбитэ.

Ыра санаата: бэйэни сайыннарыы.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0