Полина-Победа: «Уолаттар төттөрү кэллиннэр»

Ааптар: 
30.09.2022
Бөлөххө киир:
6420342 16.12.2020 Призывники перед отправкой на службу в Президентский полк у сборного пункта Краснодарского края. Виталий Тимкив / РИА Новости

Алаастан аттаммыт алааска,
Куоракка төрөөбүт куоракка
Уолаттар эргиллэн кэллиннэр!
Ийэни, кэргэни куустуннар!

Бастакы хомуурга барбыттар
Бастакы хотойдор буолаллар!
Чааһынан санаата күүһүрбүт!
Дойдуну көмүскүү туруммут!

Күннэри-түүннэри тэҥинэн
Эргиппит элбээтэ олоххо:
Утуйбат, ороҥҥо эргийэр
Эбээлэр, эһээлэр, дьиэ кэргэн.

Эйэлээх олоххо түүн кылгас —
Билигин бүппэтэ уһунуон!
Кыракый сааһыгар уол мэник —
Улаатан суон дурда дойдуга!

Уол оҕо, эр киһи сыанатын
Кыл түгэн өйдөттө олохпут!
Уол оҕо, эр киһи ХОТОЙБУТ
Кыайыылаах-хотуулаах төнүннүн!

Полина-Победа, 

Дьокуускай

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0