Полина-Победа тапталлаахтар күннэринэн эҕэрдэлиир

Ааптар: 
14.02.2022
Бөлөххө киир:

Уус Алдан хоһоонньута, edersaas.ru саайт доҕоро Полина-Победа бүгүҥҥү Тапталлаахтар күннэринэн ааҕааччыларбытын эҕэрдэлиир уонна истиҥ иэйии туһунан хоһооннорун ыытта: 

КУОППАТЫМ

Таһырдьа сэбирдэх ыһыллар
Дууһабар мин санаам ытыллар,
Бу маннык буурҕалыын хатыйсан
Үйэбин моҥуубун бадахтаах.

Кырдьык да ыам ыйа буоламмын
Мин дууһам майаачы буолар дуу?
Эйиигин умнубат ыарыыттан
Куотары, саһары билбэтим.

Куоппутум «миэнэ буол» диэбиттэн,
Куоппутум кэргэн да ылбыттан,
Куоппутум араас да санааттан —
Куоппатым эйиигин ахтартан.

Ахтылҕан ырыатын ыллааммын
Чанчыгым эрдэлээн кырыарда дуу?
Эбэтэр эйиигин таптыыртан
Сүрэҕим кырдьары билбэтэ?

Кырдьыаҕым, бүтүөҕүм, сүтүөҕүм
Куотуоҕум бу орто дойдуттан,
Ол эрэн эйиигин суохтууртан
Өйдөө эн, куоппакка куотуоҕум.

БИҺИЛЭХ

Аата суох тарбаххар
Биһилэх эн кэттиҥ,
Бу күнтэн олоҕуҥ
Атыннык салаллыа.

Дьылҕа хаан ыйааҕын,
Абыычай сокуонун
Утарсар кыахпыт суох,
Утаран да туһа суох.

Уоскуйуо туругуҥ
Күннээҕи түбүктэн,
Субуллуо сылларыҥ
Сыыйа эн уоскуйуоҥ.

Оттон мин сүрэхпин
Аптаах да биһилэх
Абылыыр кыаҕа суох,
Абырыыр да кыаҕа суох.

Кыракый биһилэх
Быһаарда барытын,
Кыракый биһилэх
Солбуйуо дуо миигин?

Мин курдук таптыыры
Аны эн булбаккын ,
Мин курдук таптааччы
Бу сиргэ аҕыйах.

КЫРДЬАРЫ КЫЙДЫЫБЫН

Ыйы мин бэлэхтиэх буолбатым
Ол бэлэх буолбатах, билэҕин.
Ылбытыҥ билиэҥҥэ сүрэхпин —
Ол онтум бэйэбэр соҕотох.

Халлааҥҥа соҕотох сулустуун
Хаһан да кэпсэтэр буолбатым,
Ханыылыы көрбөтүм бэйэбэр
Сүрэхпэр эн бааргын — иккиэбит.

Эн ааккын ааттааммын, сэгэриэм,
Олоҕум ыардарын туораатым,
Эн ааккын ыҥыран билигин
Кырдьары кыйдаһа сатыыбын.

Полина-Победа, Уус Алдан.

Хаартыска — wallpaper.mob.org

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0