ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ
Ким ханнык дойдуга төрүүрүн
Төлкөтө быһаарар буолуохтаах,
Оттон мин биһигим ыйаммыт
Төрөөбүт алааспар, өтөхпөр.
Айылҕа уһуктар кэмигар,
Норуоппут Кыайыытын күнүгэр
Туох эрэ соруктаах, дьоҕурдаах
Ыйыллан кэллэҕим бу сиргэ.
Киһиэхэ төрөөбүт дойдута
Кутугар, туругар хайаан да
Бэриллэр буолуохтаах бигэтик
Сууйан да, суоран да сүппэттик.
Дойдубут кыһынын тымныыта
Тулуурга, дьулуурга үөрэтэр,
Сааскыта үөрүнньэҥ, сайаҕас
Ылбаҕай сыһыаны үөскэтэр.
Сайына куйааһа, сир аһа
Силиктээн ситэрэр кылгас кэм,
Күһүнэ кэһиитэ элбэҕэ:
Отоно, тэллэйэ, булда да!
Сыл араас көстүүтүн кэрчигэ
Барыта ураты көстүүлээх!
Ханна да бу маннык сиэдэрэй
Айылҕа, сир баайдаах дойду суох!
Хайата, өрүһэ, очуоһа,
Таас үрэх, күрүлгэн, сис тыалар —
Барыта хараҕы абылыыр!
Барыта таайбараҥ, ураты!
Айылҕа иһиирэр, силлиэрэр,
Сыалыһар быарыныы манньыйар,
Ардыгар көмүскэ сууланар!
Бу дойду — төрөөбүт мин дойдум!
Полина-Победа
Уус Алдан
25.04.2022с.