Полина-Победа: «Суруналыыс»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Суруналыыс суруйар
Кини тугу суруйар?
Кылыы харах кэтээччи
Аатын тула эргийэр.

Үйэлээҕи суруйан
Үтүө аакка тиксээри
Көстөн иһэн мэлийбит
Үгүс буолар олоххо.

Кырдьыктааҕы суруйан,
Дууһа кылын таарыйан
Сүрэхтэргэ сөҥмүттэр
Суруналыыс дэнэллэр.

Күннэр, сыллар диэн бааллар
Быһаараллар бэргэнник,
Тугу хайдах суруйан
Суруналыыс дэнэргин.

Сытыы бөрүө хаһан да
Атыыламмат ханна да,
Сытыы бөрүө мэйиигэ
Суруналыыс өйүгэр.

Полина-Победа,
Уус Алдан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0