НОРУОППУТ МҮӨТТЭРЭ
/сахам бэйээттэригэр/
Туойбуттар-туойбуттар,
Олоҕу туойбуттар
Бастакы бэйээттэр,
Ол улуу бэйээттэр!
Эппиттэр-эппиттэр,
Элбэҕи эппиттэр
Саха диэн сайдыаҕын,
Үөрэхтэн сайдыаҕын!
Тиэрпиттэр-тиэрпиттэр,
Норуокка тиэрпиттэр
Төрөөбүт тылбытын,
Ол төрүт тылбытын!
Сөҥмүттэр-сөҥмүттэр,
Сүрэххэ сөҥмүттэр
Норуоппут мүөттэрэ,
Толкуйбут мүөттэрэ!
БЫЛАТЫАН УБАЙБЫТ
Будулҕан тумаҥҥа муммата,
Чыгдааннаах дьыбарга сүппэтэ —
Былатыан убайбыт ааттанна
Сыллары-дьыллары уҥуордаан!
Саталаах саҥата салгыҥҥа
Ой дуораан кэриэтэ сүппэтэ:
Эппитэ, тыыммыта, суруйта
Эргийдэ эдэргэ, эмэҥҥэ.
Куораппыт көтөр аал пуордугар
Көмүс аат суруллан килбэйдэ,
Чулуукан сахабыт киһитин
Аатынан ааттаныан ааттанна!
Оо ойуун удьуора убайбыт
Олус да бэргэнник эппиккин:
«Үс саха төрүөҕэр, үөрүүлээх күнүгэр
Мин аатым ааттаныа, мин ырыам ылланыа!»
АЛАМПА ТАПТАЛА
/А.И.Софроновка ананар/
«Алампа таптала» дэниллэн
Номоххо кэпсэнэр билигин,
Бастакы лиирикэ тиэмэтин
Сахаҕа киллэрбит бэйээппит.
Суруйар талааҥҥын таһыйа
Тапталгын сэргииргэ дылыбыт,
Туллукка холообут Дуунньаҕын
Матыыптаан ырыаҕа ыллыыбыт.
Суруйуу көрүҥүн дьэ күүскэ
Баһылаан ааспыккын олоххор Олортон ойуччу тутаҥҥын
Дуунньаҕар тапталгын туойбуккун.
Онтугуҥ эн тиһэх баҕаҕын
Толорбот кытаанах санаатын,
Түннүгүҥ аттынан ааспатах
Туругун ылынар кыаҕым суох.
Төһөлөөх кэтэспит үһүгүөн
Тапталгын тиһэҕин көрөөрү
Кураанах кэтэһии муҥугар
Тохтообут Эн таптыыр сүрэҕиҥ…
ТЫЫННААХ ААТ
/поэт Винокуров Ф.Г-Даадар 110с ананар/
Томпо диэнтэн мутуктаах,
Кириэс диэнтэн силистээх,
Аллан үрэх дэммиттэн
Айдарыллан төрөөбүт.
Икки үйэ аартыгар,
Икки былаас быыһыгар
Мунан-тэнэн хаалбакка
Хаампыт бигэ суолунан.
Нууччалыыта Сүөдэр диэн,
Сахалыыта Даадар диэн
Икки ааты ылынан
Айар суолу тутуспут.
Дьалхаан олох содула
Хаарыйдаҕа хайаан да,
Аһыы-ньулуун диэн тугун
Амсайдаҕа олоҕор.
Кылгас дьылҕа да буоллар
Аата хаалбат умнууга,
Үйэ диэни уҥуордаан
Аата тыыннаах бүгүн да.
УОННА ХАҺАН?
Тобуруокап тоҕото
Тиийэн кэллэ бэйэбэр
Тоҕо киһи кырдьарый?
Тоҕо олох кылгаһый?
Тоҕо дууһа ылыммат?
Кырдьыан отой баҕарбат?
Тоҕо дьоҥҥо талаһар?
Тоҕо дьолго тардыһар?
Тоҕо маннык саастарга
Баҕа санаа баһаамныыр?
«Өлөн иһэн өйдөммүт»-
Диэбит курдук буолабыт?
Тобуруокап убайбыт
Тоҕус төгүл ТОҔОТО
Тыытта өйү-санааны,
Толкуйдатта үйэ саас.
Тоҕо бары бу манна
Муһуннубут бу бүгүн?
Тобуруокап ТОҔОТУН
Таабырынын таайаары.
Уонна хаһан кэлиэмий?
Уонна хаһан көрүөмүй?
Сүдү киһи дойдутун?
Тобуруокап күһүнүн?
Тобуруокап Көмүс күһүнүттэн санаалар
ИЛИИБЭР ЭН ИЛИИҤ…
/Леонид Поповка/
«Илиибэр эн илииҥ баар курдук,
Сүрэхпэр сүрэҕиҥ сылааһа» —
Легенда буолбут бу тылларгын
Хатылыыр хас киһи барыта.
Суруллан хаалбыт бу хоһооннор
Суохтаппат курдуктар бэйэҕин,
Суолталаах бу икки хоһоонуҥ
Бэйэтэ биир сэһэн кэриэтэ
Хоһооҥҥун бэрийэ көрөбүн
Турукпар чугаһы көрдүүбүн,
Мин эмиэ эн курдук олохпор
Арахсыы суолунан хаампытым.
Ыараабыт илиини уйбаты
Дьылҕабыт быһаарар бадахтаах,
Көрсүһүү, холбоһуу, арахсыы
Олохпут арахпат аргыһа.
Эн бэйэҥ ытааҥҥын-ыллааҥҥын
Таптал диэн амтанын биллэҕиҥ,
Айымньы суруйан хааллартыҥ
Ааттата тураллар эн ааккын.
КӨМҮС БӨРҮӨ
/Н.Е.Мординовка/
Дьоҥҥо тэҥнии көрдөххө
Сүдү киһи буоллаҕа,
Амма аатын ылынан
Аччыгыйа дэннэҕэ.
Уҥуох тирии тобугар
Олордубут ийэтин
Хоһуйбутун аахтахха
Билиэҥ Ийэ диэн кимин.
Улуу нуучча тылыттан
Тылбаастаабыт үлэтэ
Саха дьонун хараҕар
Арыйдаҕа элбэҕи.
«Сааскы кэмэ» ыал аайы
Ыалдьыт буолан киирдэҕэ,
Илдьирийиэн диэритин
Ааҕыллыбыт кинигэ.
Айыылартан үөһэттэн
Бэлэх тэҥэ Мординов
Талах курдаах ол уолтан
Көмүс бөрүө үүннэҕэ.
МЭҤЭ ТААС
Дойдубут киинигэр
Дьокуускай куоракка
Сметанин аатынан
Уулусса ааттанна.
Ааттанна Түмэпий
Буойуммут! Бэйээппит!
Үйэҕэ өйдөбүл
Мэҥэ Таас кылбаарда!
Хоһоонун тыллара,
Суругун сорҕото,
Сүрэҕин төлөнө
Иҥнилэр ол Тааска.
Киэн тутун, Кэбээйи,
Бу чулуу уолгунан!
Ол кылгас олохтон
Уһун суол субуллуо!..
ЧУЛУУ КИҺИ
/поэт Николай Чуорга ананар/
Ааттыын-суоллуун Чуор дэммит
Ньурба сирин ааттаппыт
Хоһооннорго холбообут,
Ырыаларга ыллаппыт.
Ньурба самаан сайына
Айылҕатын тыллыыта
Инникилээх уол оҕо
Орто сиргэ төрөөбүт.
Ийэ-аҕа тапталын
Кини ситэ билбэтэх,
Оҕо дьиэтин дьиэ гынан
Аатын чуордук ааттаппыт.
«Олох оннук этэ» диэн
Өстүйбэккэ олоҕор
Таптал, сырдык санааны
Тиспит кини хоһооҥҥо.
«Ньурба вальса» биллэҕэ
Таптыыр сүрэх үҥкүүгэ
Хайдах курдук уйдаран
Сыста таалан ыларын.
Дьыллар-сыллар ааһаллар
Чуорбут аата синбиир чуор,
Ньурба сирэ умнубат
Чулуу поэт киһитин.
ИНИ БИИЛЭР
/Софрон, Семён Даниловтарга/
Дьоллоох Ийэ оҕолоро!
Дьоллоох Горнай уолаттара!
Дьоллоох Саха дьонноро
Убай-быраат Даниловтар!
Соппуруоннаах Сэмэммит
Табыллыбыт, талыллыбыт,
Таҥыллыбыт Таҥараттан
Диэбит курдук чулуулар!
Икки харах курдуктар,
Икки кулгаах кэриэтэ,
Икки илии-атахтыы
Арахсыспат аргыстар
Хайаларын даҕаны
Көҕүрэтэр сатаммат,
Хайалара даҕаны
Эрбии тииһин курдуктар!
Чахчы күүскэ ааттаппыт,
Саха баарын биллэрбит
Үтүө-мааны дьоннорбут
Ааҕар, таптыыр ааттарбыт!
Полина-Победа
Уус-Алдан