Полина-Победа: Саха хомуһа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

САХА ХОМУҺА

Элбэх омук хомустаах
Тас көстүүтэ араастаах,
Тыаһа, тыына ураты
Кэпсиир омук туругун.

Саха киэнэ сахалыы
Оҥоһуута сиэдэрэй,
Дойдубутун кэпсиирдии
Олус кэрэ тупсаҕай.

Тыаһа эмиэ таһыйа
Хомоҕойдук хоһуйар
Айылҕабыт кэрэтин,
Сэмэй саха Далбарын.

Тымныы тыйыс кыһынын
Чыҥырҕата тыаһатар,
Кыылын-сүөлүн саҥатын
Дьырылата дьүһүйэр.

Кылыһаҕар охсуллар
Хайаларын салгына,
Өрүстэрин бааллара,
Саха күүстээх санаата!

Саха дьонун хомуһа
Саха тыынын иҥэрэн
Күөрэгэйин, кэҕэтин
Кэрэһитэ буолар күүс!

Полина-Победа
30.11.2021с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0