Бүгүн — куустуһуу күнэ. Куустуһуу диэн киһи икки ардыгар истиҥ сыһыаны көрдөрөр, тириэрдэр саамай кэрэ бэлиэ. Пандемия буолан бэйэ-бэйэттэн тэйсибит курдук буоллубут. Ол эрэн ити быстах кэм көстүүтэ диэн өйдүөхтээхпит. Олох санааҕытын түһэримэҥ, чугас дьоҥҥутуттан тэйимэҥ. Хайа да түгэҥҥэ ис туруккутун ыһымаҥ, кэрэни үтүөнү була туруҥ.
edersaas.ru, Полина-Победа
КЭРЭ БААР
Куустуспат КУУСТУҺУУ күнүнэн!
Сиэттиспэт, кэпсэппэт кэмнэргэ
Суруйар көҥүлүн туһанан
Эҕэрдэ суруйан ыытабын.
Тулуйуҥ, кэтэһиҥ хайаан да
Тулуурдаах түмүккэ тиийээччи,
Оннооҕор буолуоҕу норуоппут
Тулуйан ааспыта, кэлбитэ.
Санааны самнарар сатаммат
Кэрэ баар — көрүнүҥ, көрдөнүҥ!
Бэл киһи үүтээҥҥэ олорон
Далбардаах олоххо таласпат.
Ол курдук олох диэн эриэкэс
Ким тугу таптыыра көҥүлэ,
Атыны үтүктэн, ымсыыран
Дьол диэни билбэккэ хаалымаҥ.
21.01.2021 с.
ДЬОЛ
«Дьолуҥ бэйэҥ илиигэр»
Диэни бары истэбит,
Дьолум миэнэ — мэйиибэр,
Сааһыланар санаабар.
Санаа — турук тутула
Дууһа туллар тутааҕа,
Тэбистэриэҥ дууһаҕын —
Өндөппөккүн төбөҕүн.
Дууһа — киһи туруга,
Чараас эйгэҥ уйата
Хаҕыс тыалы, өс тылы
Киллэримэ, тутума.
Ыраас санааҥ — кынатыҥ,
Дьоҥҥо өрүү талаһа.
Дьонтон туора туттаҥҥын
Дьолу чахчы булбаккын.
2021 с.
УТАРСАР КЫАХПЫТ СУОХ
Сыллата дойдуга хаар түһэр
Айылҕа көстүүтэ буоллаҕа,
Баттахпын кырымах бүрүйэр
Ол олох сокуона буоллаҕа.
Сайынын күөрэгэй дьырылыыр,
Кыһынын тоҥсоҕой торулуур,
Саас буолан таммахпыт чурулуур,
Күһүнүн сэбирдэх ыһыаҕа.
Ытыыбыт, ыллыыбыт олоххо
Тапталы билбиппит бэлиэтэ,
Ыалдьабыт, үтүөрэн үөрэбит
Ол чопчу тыыннаахпыт туоһута.
Баҕаран кэлбэппит бу сиргэ,
Баҕаран барбаппыт бу сиртэн,
Хайдахтаах да бэрик биэрэммит
Ол ону утарсар кыахпыт суох.
2020 с.
«Кыламаҥҥар күн үҥкүүлүүр, кырасыабай да кыыскын», «Кыламаҥҥар ыйаммыт
үрүҥ көмүс мөһүүрэ» диэн ырыалары билэҕит дуо? Билэр буоллаххытына ыллааҥ. Олус кэрэ ырыалар. Ити ырыа тылларын суруйбут ааптарынан Христофор Горохов-Элгэстэй буолар.
КЭРЭ КИҺИ
/поэт Х.П.Гороховка ананар/
Араадьыйам эриэкэс
Араас биэрии дэлэгэй,
Куйаар устун кутуллар
Кэрэ кэпсээн арааһа.
Ааттыын «Үтүө тылынан»
Биэрии кэпсиир үгүһү,
Талаан дьоһун дьоннору
Альбинабыт булартыыр.
Хаста-хаста сөҥөбүн
Араадьыйам таһыгар,
Хаста-хаста сөҕөбүн
Кэрэ киһи элбэҕин.
Христофор ырыаһыт
Баарын бэркэ билэбин
Христофор хоһоонньут
Хоһооннорун сэргээтим.
Кыламаны бу курдук
Туойбут баарын билбэппин,
Сэргии көрбүт мелодист
Айбыт астык ырыаны!
Кэрэ диэни киһиэхэ
Сатаан тиэрдэр биир талаан,
Ону өйдүүр, ылынар
Тиксэр кэрэ эйгэҕэ.
Уһун үйэ олуга
Истиҥ иэйии туоһута,
Ыарыы, сыллар кыайбаттар
Күүстээх таптал баар дьонун.
Полина-Победа
Уус Алдан