Полина-Победа: «Саҥа күн» (Сомоҕолоһуу күнүгэр ананар)

Бөлөххө киир:

Бу күнү урукку көлүөнэ дьоно атыҥырыыбыт. Ол да буоллар, олох биир сиргэ турбатын өйдүүбүт.  Олоххо хайа баҕарар көлүөнэҕэ саҥа сүүрээн киирэрэ олох ирдэбилэ эбит.
Саҥаттан наһаа куттаммакка, сэрэхидийбэккэ инникигэ эрэллээх буолуоҕуҥ. Этэҥҥэ олоруоҕуҥ! Доҕордуу буолуоҕуҥ!

edersaas.ru, Полина-Победа

САҤА КҮН

Аахса барбаппыт атын олох диэн
Саҥа күҥҥэ үөрэбит,
Араарсыбаппыт үрүҥ-хара диэн
Омук сирин сэргиибит.
Эдэр-эмэн бары бүгүн
Тахсар кыахпыт суох буолла,
Мааскабытын, бэрчээккэбитин
Кэтэн ханна түмсэбит?

Бииргэ түмсэртэн күүрэр сүрэхпит
Соҕотоҕун күүрээхтиир,
Ол да буоллар охтор санаа суох —
Син биир таптыы туруоҕум!
Кэрэ олох, кэрэ кэмнэр
Ааспыттарын өйдүөххэ.
Саҥа санаа, саҥа тыллар
Сааһылана турдуннар!

Күлүк түспэтэх күндү чаҕылхай
Күммүт тыга туруохтун!
Мөлтөөбөтүн тэбэр сүрэхпит
Эрэл кыыма өрүү баар!
Хата бары бүгүн бииргэ
Үөрэн-көтөн ыллыаҕыҥ!
Сарсын өрүү саҥа санаа!
Сарсын өрүү саҥа КҮН!

Полина-Победа
Уус Алдан
04.11.2020с

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0