Полина-Победа: «Полиция күнүнэн»

Бөлөххө киир:

ПОЛИЦИЯ КҮНҮНЭН

Милииссийэ мичээрдиирэ,
Полиция ыстырааптыыр,
Ол да буоллар сокуону
Хайалара да кэспэт.

Олох оннук араастаах
Сүүрүк курдук сайҕанар,
Онно кимҥэ өстүйэн
Өстөөх көрдүү сүүрэбит?

Хайа кэмҥэ ким хаһан
Төрөөбүтэ ол быраап,
Ааһан хаалты аһыйан
Туһа онтон тахсыбат.

Бээһэ былыт, бүгүн күн
Тоҕо оннук буоларын
Туоһулаһа барбакка
Туран сүүрэн иһиэххэ.

Олох суолун тутуһан,
Оруннаахтык сылдьыахха,
Сарсыҥҥыны саныахха
Ситэн тэҥҥэ хаамсыахха.

Полина-Победа
Уус Алдан
10.11.2020с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0