Полина-Победа Наталья Харлампьеваҕа хоһоон анаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СЫРДЫК САНАА КИҺИТЭ

Н.И.Харлампьеваҕа 70 сааһынан

Харлампьева диэн кимэ
Быһаарыыга наадыйбат,
Дьүлэй, көрбөт даҕаны
Истэр, билэр аата бу!

Хоһооннорун хонуута,
Этэр тылын имэҥэ
Сүрэхтэргэ тиийэллэр,
Дууһалары үөрдэллэр.

Саха дьоһун Далбара
Айар куттаах киһитэ!
Өрүү үлэ үөһүгэр,
Өрүү түбүк быыһыгар!

Була сатаан суруйбат
Баары тиһэр, тириэрдэр!
Тылбаастанар, тарҕанар
Омук дьоно сэҥээрэр!

Сэттэ уонун көрүстэ
Сэргэх сырдык санаанан!
Билии күнэ хайаан да
Бэристэҕэ бэрдиттэн!

Айар эйгэ дьонноро
Тиэрдиэхтэрэ хайаан да
Айар кутун долгута
Үгүс үтүө ЭҔЭРДЭ!

Полина-Победа
Дьокуускай, 01.09.2022.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0