Полина-Победа: «Маҥан баартык»

Ааптар: 
01.09.2022
Бөлөххө киир:

МАҤАН БААРТЫК

Маҥан баартык — саҥа күн!
Маҥан баантык — саҥа дьол!
Билии күнэ бу бүгүн!
Үөрүү күнэ — бу бүгүн!

Сөҕө көрбүт кырачаан,
Үөрэ көрсөр учуутал,
Киэн туттубут төрөппүт
Оскуоланы толорбут!

Киһи бары сибэкки!
Тула өттүм сибэкки!
Ханнык да күн тэҥнэспэт
Билии күнүн үөрүүтэ!

Айыыларбыт үөһэттэн
Дьолу күүскэ түстээҥ дуу!
Кыра дьоҥҥо харысхал,
Халыҥ дурда буолуҥ дуу!

Бары дьоллоох буоллуннар!
Кынаттарын бу күнтэн
Үүннэрэри саҕалаан
Билии-көрүү үксээтин!

Маҥан баартык — бу символ!
Маҥан баантык — бу үөрүү!
Сырдык санаа саҕыллар
Күлүк түспэт күнэ бу!

Полина-Победа
01.09.2022с.
Дьокуускай

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0