Полина-Победа кыайыыга кынаттыыр, чөл, чэгиэн олоххо сирдиир хоһоонноро

Ааптар:  Полина-Победа
Бөлөххө киир:

Быйыл Ил Дархаммыт дойдубутугар Чэбдигирии сылын биллэрбитэ өйгө-санааҕа ураты дьайыылаах.

Доруобуйаҕа спорт көрүҥэ туох да мөккүөрэ суох улахан оруоллаах. Ону өйдөөн туран, дойдубутугар элбэх профессиональнай да, көҥүл да өттүнэн успуорка, физическэй сайдыыга дьон тардыһыыта улаатта.
Ол курдук, бу күннэргэ Улан-Удэҕэ көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр биһиги Сахабыт сирин бөҕөстөрө баран кыттыыны ыла сылдьаллар.
Ону тэҥэ, дойдубутугар олус сэргэх, саҥа тыыннаах «Өбүгэ оонньуулара» диэн күрэс буола турара тыа сиригэр олорор дьону бэркэ сомоҕолоото, улахан көбүөргэ таһааран көрөөччү эйгэтигэр сэргэхсийиини, үөрүүнү бэлэхтии турар.

Бу күүрүүлээх күннэргэ норуоппут киэн туттуута, Олимпийскай чөмпүйөүн Павел Пинигин төрөөбүт күнэ. Бу долгуйуу, киэн туттуу барыта биир сомоҕо ҮӨРҮҮГЭ кубулуйда.

Маныаха бу үтүө күүрээннээх күннэринэн эҕэрдэ хоһооннорбун аныыбын.

ТУСТУУК

Тутуһуу-хапсыһыы,
Үтүһүү-анньыһыы,
Хас ньиэрбэ барыта
Күүрээһин-тыҥааһын!

Бэйэни тургутуу
Түгэнэ дьэ үүннэ,
Бэл мэйии үлэтэ
Эргиирэ күүһүрдэ!

Атаххар тирэҕи!
Сүһүөххэр уйугу!
Илиигэр иҥиири!
Тустуук уол, дьэ кытаат!

Биир сыыһа хамсаныы,
Биир ньиэрбэ тулуура
Быһаарар кэмнэрэ
Үүннүлэр — дьэ тулус!

Эн кимҥин, эн туоххун
Быһаарар кыл түгэн.
Оо тустуук, ЭН НЬУРГУН
Буоларга дьэ дьулус!

                                                 
                                                             

ӨБҮГЭ ООННЬУУЛАРА

Түмсүүлээх нэһилиэк
Бииргэтин биллэрэн
«Өбүгэ оонньуутун»
Күрэҕэр кыттыста.

Көрөргө астыгыан
Эр дьоннор түмсүүтэ!
Баһылык, хачыгаар
Биир тыыҥҥа тыынара.

Кыайдын да кыайбатын
Кэлбитэ — ол Кыайыы,
Бар дьоммут хараҕар
Сүөм үрдээн көстүүтэ.

Өбүгэ оонньуута
Тилиннин, тэнийдин!
Чөл олох суолугар
Күннэтэ угуйдун!

                    

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0