Полина-Победа: «КУОРАППЫТ КҮНҮНЭН!»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

КУОРАППЫТ КҮНҮНЭН!

Куораппыт күнүнэн!
Үбүлүөй сылынан!
Олохпут, дьылҕабыт
Эргийэр киинэ ЭН!

Ким төрөөн улааппыт,
Ким үөрэх ылыммыт
Кынатын үүннэрэн
Кый үөһэ дабайбыт!

Тапталтан дьолломмут,
Сүтэрэн ытаабыт
Үөрүү да, хомолто
Амтанын амсайбыт.

Хас биирбит дьылҕата
Дьиҥ хаарты хараҕа.
Арай дуу, Дьокуускай,
Эн түмэр күүстээххин!

Үүнэ тур күннэтэ!
Сайда тур сыллата!
Дьол эрэ алтыһар
Дьон хаамар сирэ буол!

Полина-Победа
Уус-Алдан
11.09.2022с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0