Полина-Победа: «Космоспыт бэлэҕэ»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Киэҥ куйаар иитигэр,
Күөх халлаан күөнүгэр
Көппүтэ ГАГАРИН
Космоска тиийбитэ!

Аан дойду сөхпүтэ!
Аан дойду сөҥмүтэ…
«Ама дуу! Ама дуу!»-
Диэбитэ Сир үрдэ!

Аҥардас мичээрэ
Абылыы сыдьаайта!
Сэбиэскэй кэрэтин
Кэпсиирэ ол мичээр!

Өстүйүү, ымсыырыы
Биир түгэн сүппүтэ —
Аан дойду ЮРАНЫ
Кууһарга бэлэмэ!

Бастакы космонавт —
Дойдубут Кыайыыта!
Гагарин мичээрэ —
Космоспыт бэлэҕэ!

Полина-Победа
Уус Алдан
12.04.2022с

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0