Полина-Победа: «Көмүс бөрүө»

Бөлөххө киир:
КӨМҮС БӨРҮӨ
/Н.Е.Мординовка/
Дьоҥҥо тэҥнии көрдөххө
Сүдү киһи буоллаҕа,
Амма аатын ылынан
Аччыгыйа дэннэҕэ.
Уҥуох тирии тобугар
Олордубут ийэтин
Хоһуйбутун аахтахха
Билиэҥ Ийэ диэн кимин.
Улуу нуучча тылыттан
Тылбаастаабыт үлэтэ
Саха дьонун хараҕар
Арыйдаҕа элбэҕи.
«Сааскы кэмэ» ыал аайы
Ыалдьыт буолан киирдэҕэ,
Илдьирийиэн диэритин
Ааҕыллыбыт кинигэ.
Айыылартан үөһэттэн
Бэлэх тэҥэ Мординов
Талах курдаах ол уолтан
Көмүс бөрүө үүннэҕэ.
Полина-Победа
Уус Алдан
06.01.2021с.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0