Бүгүн Галина Никитична Шахурдина төрөөбүт күнэ. Бу ааты сырдатар наадата суох, бу аат бэйэтэ сырдык. Галина Никитична ырыаларын мин уратытык, үксүгэр мин туругум кэпсэммитин курдук ылынабын.
edersaas.ru, Полина-Победа
Талааннаах дьон олохпутун киэргэтэллэр, дууһабытын үөрдэллэр, турукпутун тупсараллар. Табыллыбыт ырыаны киһи хайдах да күдээринэ аһарбат, ылыммыт ырыабын хоһооммор холбуур идэлээхпин. Ол чэрчитинэн бүгүн Галина Шахурдинаҕа анаммыт хоһооннорбун бэчээккэ ыытабын.
Ону таһынан, Галина Никитична биир дойдулаахтарын, биир идэлээхтэрин, тэҥ суолталаах ырыаһыттарыгар холбуу тутан суруйбут анабыл хоһооммун билиһиннэрэбин.
Галина Шахурдина ырыаларын бүгүн ыллааҥ, дуоһуйуҥ, үөрүҥ маннык талааннаах мелодист, ырыаһыт, кэрэ Далбар баарыгар махтаныҥ!
КӨҤҮЛЛЭЭ
/Ырыаһыт Г.Н.Шахурдинаҕа ананар/
Толору мустубут саалаҕа
Чуумпура сэгэйбит көрөөччү
Ытыһын тыаһыгар уйдаран
Таҕыста сыанаҕа Галина.
Таҕыста сахабыт Далбара,
Таҕыста тапталы туойаары
Сааһырбыт, хаҕырбыт сүрэххэ
Ааспыты, буолбуту
саната.
Хатыҥнаах чараҥҥа хаамтарда,
Туруйа ырыатын санатта,
Эдэркээн кэмнэргэ эргиттэ,
Сүрэҕи, дууһаны долгутта
Куоластыын, көстүүлүүн тупсаҕай
Дьиҥ чахчы норуоппут таптала
Ытыспыт тыаһыгар уйдаран
Ыллаа дуу, олор дуу уһуннук!
Дууһалаах, иһирэх ырыаны
Элбэҕи эн бэлэх ууннаҕыҥ,
Аны дуу истээччиҥ эйгэтэ
Көҥүллээ эйиигин туойарын.
ЫРЫА ДЬЫЛҔАТА
«Балыктаах киэһэтэ» кимҥэ да
Санаппат буолуохтаах балыгы,
Санатар уруку кулуупка
Үҥкүүнү-битиини, эдэри.
Тыа сирин аайытын угуйа
«Балыктаах киэһэтэ» ыллыыра,
Хайа да көлүөнэ барыта
Билиннэ, ылынна, ыллаата.
Бэл ырыа дьылҕата араастаах:
Умнуллар, умуллар түгэннээх,
Арай дуу «Балыктаах киэһэтэ»
Сыллары билиммэт, эргэрбэт.
Бу ырыа барыбыт таптала!
Бу ырыа Балыктаах символа!
Бу ырыа Галина олоҕор
Визитнэй карточка дьэ чахчы!
ЫРЫА — СҮДҮ КҮҮС!
«Түүлбэр киирэн ыга куустуҥ
Тоҕо илэ кууспаккын?
Элэ тылгын түүлбэр эттиҥ
Тоҕо илэ эппэккин?»
Таптаабатах да сүрэх
Таала истэр тыллара,
Эгэ ытыы таптаабыт
Буорайаахтыыр букатын.
Кэрэ матыып кынаттаан
Ырыа гынан көтүппүт,
Араадьыйам таһыгар
Уҥа-таала истэбин.
Маннык ырыа айбыты
Илэ көрсөр түгэммэр
Кууһуом илэ бэйэтин,
Этиэм элэ махталбын!
ЭДЬИИЙ МАРЫЫНА
Чахчы норуот киһитэ
Ырыаһыта, майгыта
Эльиий дэммит Марыына
Саха дьонун таптала.
Батсааб сибээс суох кэмэр
Биллибитэ дьэ күүскэ,
Бүргэс дьөлө тэһэрин
Биллэрбитэ дьэ кини.
Кэтэһиилээх, күүтүүлээх
Күндү ыалдьыт, хоноһо
Саха сирин кэрийэн
Күүтэр дьоҥҥо тиийэрэ.
Хайа баҕар киһилиин
Тута сыһыан олохтоон,
Боростуойдук кэпсэтэн
Сөбүлэтэр буолара.
Норуот кутун тутуоҕун
Туппут эдьиий Марыына!
Сүрдээх кэрэ өйдөбүл
Дьоҥҥо күүскэ сахпыта!
МЭҤЭҔЭ ЭДЬИИЙДЭР ЭЛБЭХТЭР
Аҕатын алааһын ааттаппыт,
От сытын, дойдутун хоһуйбут,
Мэҥэтин бигэтик биллэрбит,
Мэҥэтин тапталга бигээбит.
Эрбэйбит-сэрбэйбит оҕо саас,
Эргиччи дьэдьэни амсаппыт,
Ыһыаҕы ким хайдах күүтэрин
Табыллан табатык дьэ туойбут!
Ураты көрүүлээх, талааннаах
Ырыаһыт кыргыттар үүммүттэр:
Бу Настаа, Марыына, Галина
Мэҥэҕэ бу тыыннаах мэтээллэр!
Төһөлөөх ырыаны ыллааннар
Сүрэххэ иҥнилэр, сөҥнүлэр!
Минньигэс түүл курдук бэлэхтээх
Мэҥэҕэ эдьиийдэр элбэхтэр!
Сылдьыбыт сирдэрин аайытын
Сардаана тылларга дылыта,
Ырыалаах хаамсыбыт хонууга
Ньургуһун бэйэтэ тобуллар.
Полина-Победа
Уус Алдан
Хаартыска https://dnevniki.ykt.ru/%D0%B8%D0%B9%D1%8D_%D1%82%D1%8B%D0%BB/1061068