ПОЛИНА-ПОБЕДА: ЭҔЭРДЭТЭ ЭТИЭҔИҤ /Ил Дархаммыт 50 сааһыгар/

Ааптар: 
22.01.2022
Бөлөххө киир:

ЭҔЭРДЭТЭ ЭТИЭҔИҤ

/Ил Дархаммыт 50 сааһыгар/

Арассыыйа кыһына
«Три белых коня!»
Хоһооннорго хоһуллар,
Ырыаларга ылланар.

Саха сирин кыһына
Үрүҥ ата төрдүөлэр,
Кырыалара, хаардара
Остуоруйа аттара!

Уһун кыһын — тулуурбут!
Тымныы тыына — символбыт!
Аан дойдуга аатырар,
Барыларын сөхтөрөр!

Ол да иһин бадаҕа
Дьоно эмиэ ол тэҥэ
Тымныы ыйга төрөөбүт
Тулуур, дьулуур ураты.

Дьикти сылбыт дьэ үүннэ:
Саха сирэ 100 сыла!
Хаһыаттарбыт биир үйэ!
Ил Дархаммыт 50-нэ!

«Бэрэсидиэн» диэн тылбыт
«Дархан» буолта 10 сыла!
Хайа диэки хайыс да —
Үбүлүөйбүт эргиччи!

Арай үөрүү! Арай дьол!
Ыарыы, бобуу суох курдук,
Ол да буоллар олоххо
Эриэ-дэхси дьэ буолбат.

Сайын баһаар иэдээнэ,
Кыһын ыарыы үгэнэ,
Онно эбии ватсааппыт
«Бэһис хааһах» дьэ буолар!

Ыардарбытын ааҕабыт,
Ыарыыбытын кэпсиибит,
Ол да буоллар тохтооммут
Тыынна ыла түһүөҕүҥ.

Маннык бутуур кэмигэр
Уҥа-хаҥас быһаарсар
Дархаммытын алгыаҕыҥ!
Эҕэрдэтэ этиэҕиҥ!

Саха сирин туһугар
Сыраларын биэрээри
Оҕо буолан бэбээрэн
Төрөөтөҕө бу күҥҥэ.

Уустук кэмнэр дьэ чахчы
Мускуйдулар мөхтөрө,
Ону тулуй, тостума,
Саха дьоһун КИҺИТЭ!

Кэрэ бэлиэ бу сааһыҥ
Күүскэр күүһү эптиннэр!
Дойдуҥ дьоно өрүүтүн
Өйүк буола турдуннар!

Үөһээ Бүлүү ыччата
Өрүү үөһээ буола тур!
Өбүгэттэн алгыс аат!
ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ — ытык сир!

Саха дьонун ЭРЭЛЭ
Сырдык күүстээх санаалан!
Сахаҥ сирин сайдыыга
Сирдии сырыт үгүс сыл!

Полина-Победа
Уус-Алдан
22.01.2022с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0