Полина-Победа: «Дьоллонорун көрүөҕүҥ»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Эр дьоҥҥо ананар

Эр киһини «Эр бэрдэ»
Тылбытынан дэһэбит,
Ол да буоллар кинини
Дьахтар аймах баһыйда.

Тылбытынан кыайабыт,
Өйбүтүнэн сүүйэбит,
Оҕо курдук ардыгар
Албынныыбыт, тутабыт.

Өйдөөх дьахтар тэпсибэт
Эр киһини убаастыыр,
Онно үүнэн тахсаллар
Үтүө мааны Эр дьоннор.

Ил Дарханнар, Боотурдар —
Дьахтар истиҥ сыһыана,
Кини эрэ тириэрдэр
Тылын тойон сүрэҕэр.

Түүҥҥү таптал билбэккэ
Сулууспалыыр, үлэлиир,
Эр киһибит олоҕо
Байыаннайдыы үксүгэр.

Сылга саатар биир күҥҥэ
Эр киһини ириэрэн
Сыллаан-уураан көрсүөҕүҥ!
Мөҥүттэри умнуоҕуҥ!

Билэр-билбэт киһиэхэ
Мичээрдиэҕиҥ бу күҥҥэ,
Хайдах курдук Эр киһи
Дьоллонорун көрүөҕүҥ!

Полина-Победа.

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0