Полина-Победа: «Дьикти көстүү»

20.05.2021
Бөлөххө киир:

Олоххо киһи тугу эрэ үөрэ, сөҕө көрдөҕүнэ тута ис турук ылынар. Оннук туруктан миэхэ тута хоһоон үөскүүр.
Бэҕэһээ, Пиэнньэр күнүгэр, айбыт хоһооннорбун бүгүҥҥү хоһуйууларбар холбоон ыытабын.

ДУУҺА — КИҺИ ТУРУГА

Уларыйда кэм кэрдии
Пиэнньэр аны буолбаппыт,
Уларыйда дьүһүммүт
Эдэр көстүү мэлийдэ.

Мэлийдилэр, сүттүлэр
Эргийбэттик бардылар,
Арай дууһа бэриммэт
Кырдьыан отой баҕарбат.

Мэйии умнар, көҕүрүүр
Сүһүөх ыалдьар, боохойор,
Сүрэх мөлтүүр тэбэрэ,
Харах көрбөт ырааҕы.

Оттон дууһа өрүүтүн
Өрөкүйэр эдэрдии,
Кэрэ диэни кэрэхсиир,
Таптыыр өссө дьоннору.

Дууһа эбит киһиэхэ
Тутаах күүстээх эйгэбит,
Дууһа — киһи туруга!
Доруобуйа тутула!

МИН БҮГҮН КЭҔЭНИ ИҺИТТИМ!

Мин бүгүн кэҕэни иһиттим!
Сайыммыт илдьитэ кэҕэни,
Хас сылым хаалбытын киниттэн
Ыйыта барбакка мин үөрдүм.

Мин бүгүн кэҕэни иһиттим!
Тыа сирэ урутаан истээччи,
Дьэ тоҕо оҕотун ииппэтин
Туоһулуу барбакка дуоһуйдум.

Мин бүгүн кэҕэни иһиттим!
Боппуруос- доппуруос биэрбэккэ
Сайыны уруйдуур куолаһын
Махтана, астына ылынным.

«Дьэ тоҕо? Бу тоҕо?» диэбэккэ
Үөрүүнү билинэр буолуохха,
Барыны туоһулуу сылдьааччы
Мөкүнү өрүүтүн булааччы.

ДЬИКТИ КӨСТҮҮ

Киһи эрэ буолбакка
Буккуллубут элбээбит,
Биэбит ынах оҕотун
Бүөбэйдээбит, эмнэрбит.

«Ийэм бу баар» диэбиттии
Ньирэй биэҕэ сыстыбыт,
Ынах көрө былдьатан
Таска кэлэн тураахтыыр.

Күнү быһа манаһан
Мэччийэрин умнубут,
Бэл сүөһүбүт оҕото
Тааска буолбут сүрэҕэ.

Төттөрүтүн кулунчук
Ийэ гыммыт ынаҕы,
Улааппытын билиммэт
Талбытынан соппойбут.

Маннык дьикти көстүүнү
Сөхтүм, маттым тылбыттан,
Бу да курдук олоххо
Киһи мунар-тэнэр дуу…

Полина-Победа
Уус Алдан
2021с.

Хаартыска батсааптан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0