Полина-Победа: Дьиэ кэргэн күнүнэн!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

ДЬИЭ КЭРГЭН КҮНҮНЭН!

Ыалга оҕо төрүүрэ —
Түүҥҥү таптал бэлэҕэ,
Үтүө киһи үүннэрии —
Үгүс түбүк түмүгэ.

Ийэ буолуу — бу ыарыы!
Ийэ буолуу — бу тулуур!
Сууйуу-сотуу, аһатыы
Бүппэт түбүк күннэтэ.

Аҕа киһи дьиэ дьонун
Эрэллээхэй эркинэ:
Булуу-талыы, хааччыйыы
Кыһалҕаны чэпчэтии.

Ийэ-аҕа биир тэҥник
Сүбэлэрин холбооннор
Сиэрдээх суолга оҕону
Иитэллэрэ — бу талаан!

Иллээх-дьоллоох дьиэ кэргэн —
Бүтүн дойду туруга!
Дьоһун олох олоруу —
Олох дьолун амсайыы!

Күннээх халлаан киһитэ
Дьиэ кэргэҥҥин Эн тэрин!
Кэлбит иэскин толорон
Кэнчээригин эн хааллар!

Полина-Победа
Уус Алдан
2022с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0