Полина-Победа бырааһынньыктааҕы хоһоонноро

Ааптар: 
17.10.2021
Бөлөххө киир:

Икки суолталаах күнүнэн «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайт ааҕааччыларын эҕэрдэлиибин! Хас дьиэ аайы ийэ-аҕа баар буоллун! Оҕо барыта ийэ-аҕа тапталын биллин!

ИККИ

Икки диэн хаһан да үчүгэй,

Аҥардас көрөргө да астык:

Уоллаах кыыс сиэттиһэн хаамара,

Икки лыах дьиримнии көтөрө.

Бэл кустар иккилии буоланнар

Саһаллар сааһыары хамыска,

Икки дьон холбоһон ыал дэнэр,

Икки тыл этии диэн ааттанар.

Адамнаах Еваттан айыллан

Үөскээбит үһүбүт дьон-аймах,

Биир сатаан үллүбэт-баллыбат

Икки диэн икки бүк улаатар.

Таҥара даҕаны мээнэҕэ

Биэрбэтэх буолуохтаах киһиэхэ

Иккилии хараҕы, кулгааҕы

Иккилии илиини, атаҕы.

ИЙЭНИ ТЫЫННААҔАР ХАРЫСТЫАХ

Бүппүтүн, «барбытын» кэнниттэн

Үтүө тыл үрдэ суох этиллэр

Кэпсиибит, хайгыыбыт, ахтабыт

Кинигэ таһаара сырсабыт.

Ол тылтан саатар дуу сорҕотун

Тыыннааҕар эппиппит буолуо дуу?

Барары-кэлэри тохтотон

Биир күнү анаабыт үһүбүөт?

Төрүөхтэн ийэбит аттыга

Баарыгар үөрэнэн хаалан дуу

Аахайбат курдуктук туттабыт

Этэрин, кэпсиирин, таптыырын.

«Таптыыбын» диэн тылы ийэҕэ

Этэртэн кыбыстар курдукпут,

Бу тылбыт булгуччу атыҥҥа

Анаммыт курдуктуу туттабыт.

Ийэни тыыннааҕар харыстаан

Иһирэх тыллары этиэҕиҥ,

Сааһырбыт сүрэҕин сымната

Сайаҕас сыһыаннаах буолуоҕуҥ!

АҔА БУОЛУУ — ЭППИЭТИНЭС

Аҕа дэнии — үрдүк чиэс!

Аҕа буолуу — эппиэтинэс!

Аҕа буолтун өйдөөбүт

Дьиҥнээх дьоллоох ЭР КИҺИ!

Уолга аҕа — холобур!

Кыыска аҕа — суон дурда!

Дьиэ кэргэҥҥэ — истиэнэ!

Төрөппүккэ — өйөбүл!

Ааттыын Аҕа баһылык

Дьиэтин туллар тутааҕа,

Булар-талар киһитэ,

Инникигэ эрэлэ!

Аҕа баара ыраахтан

Тута көстөр харахха,

Тиэргэн иһэ кэпсиэҕэ

Хаһаайына хайдаҕын.

Мээнэ быстах сылдьыһан

Аҕа буолтун билиммэт

Дьолун мүлчү тутуоҕа,

Кэнчээритин кэлэтиэ.

Полина-Победа

Уус-Алдан

17.10.2021с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0